Киир

Киир

Соторутааҕыта Бүлүү улууһугар бэлиэ тэрээһин буолан ааста. Чопчута Бүлүү Арыылаах нэһилиэгин олохтоохторугар дьоһуннаах, умнуллубат түгэн буолла. Ол курдук, нэһилиэктэр икки ардыларыгар ыытыллыбыт куонкуруска бастыҥын көрдөрөн, кыайыы кынаттаммыт Арыылаах нэһилиэгэ АЛРОСА хампаанньаттан  «Беларус» тыраахтары үөрүүлээх быһыыга-майгыга тутар чиэстэннэ!

Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо, бу нэһилиэги – Хампаны – туох-ханнык иннинэ административнай киининэн ордук билэр буолуохтааххыт. Арыылаах нэһилиэгэ соҕотох нэһилиэнньэлээх пууннаах, ол – Хампа. Манна кэнники чахчынан, тыһыынчаттан эрэ ордук киһи олорор. Хампа улуус киинэ Бүлүү куораттан 73 км тэйиччи сытар.

Арыылаах нэһилиэгин дьаһалтата собуоттан тахсыбытынан сылдьар сабыс-саҥа тимир көлө нэһилиэк хаһаайыстыбаннай үлэтигэр туһата-көдьүүһэ улахан буолуоҕун бэлиэтиир.

ALROSA Viluisk 3

“Бүлүү улууһа” муниципальнай тэриллии дьаһалтатын баһылыга С.Н. Винокуров «Якутия Daily» таһаарыыга быһаарбытынан, быйыл Арыылаах улуус нэһилиэктэрин ортотугар ыытыллыбыт куонкуруска бастаабыт. Онон, кыайыылаах нэһилиэк алмаас хампаанньата туруорбут «Беларус» тыраахтар бирииһин ылар чиэстэммит.

Куонкурус түмүгүн быйыл икки бэлиэ үбүлүөйгэ сыһыаран Бүлүү куоракка ыытыллыбыт, самаан сайыны көрсөр саамал кымыс утахтаах үрүҥ тунах ыһыахха таһаарбыттар. Быйыл Бүлүү куорат төрүттэммитэ лоп курдук 390 сыла туолар. Ону тэҥэ тапталлаах өрөспүүбүлүкэбитин төрүттэспит ытык-мааны дьоммутуттан биирдэстэрэ, Саха сирин биллиилээх судаарыстыбаннай диэйэтэлэ Степан Максимович Аржаков төрөөбүтэ 125 сыла бэлиэтэнэр.

Тыа сиригэр олус туһалаах тимир көлө күлүүһүн Хампа нэһилиэгин баһылыга Афанасий Тимофеевка АЛРОСА хампаанньа генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Алексей Дьячковскай үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.

ALROSA Viluisk 4

– Бүлүү үбүлүөйдээх ыһыаҕа бэс ыйын 14–15 күннэригэр ыытыллыбыта. Ыраахтан-чугастан ыалдьыт элбэх этэ. Холобур, Кытай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтин Хэган диэн куорат уокуругуттан мээр салайааччылаах  дэлэгээссийэ, Татарстантан аат ааттаан кэлбит ыалдьыттар, «Роскосмос» байыаннай-бырамыысыланнай корпорация бэрэстэбиитэллэрэ, кинилэр ортолоругар космонавт Дмитрий Петелин курдук аан бастаан Бүлүү сиригэр үктэнэр дьон сылдьан бардылар. Оттон уонна, биллэн турар, үбүлүөйдээх ыһыахха АЛРОСА хампаанньа дэлэгээссийэтэ кыттыбыта. 

Самаан сайыны уруйдуур сайыҥҥы бырааһынньыкка – ыһыахха – саха дьоно былыр-былыргыттан араас күөн күрэһи, күрэхтэһиини ыытар үтүө үгэстээхтэр. Ол курдук, биһиги эмиэ хас сыл аайы улууспут нэһилиэктэрин икки ардыгар куонкуруһу тэрийэн ыытабыт. Кыайыылааҕы быһаарарга биир бастакынан нэһилиэктэр ыһыаҕы тэрийиигэ, ыһыах бэлэмигэр төһө көхтөөхтүк кытталлара учуоттанар. Онуоха анаан-минээн тэриллибит хамыыһыйа кэрийэ сылдьан, нэһилиэктэр түһүлгэлэрин төһө оҥостубуттарын, киэргэппиттэрин көрөр. Ыһыахха ыытыллар куонкурустарга, күөн көрсүһүүлэргэ нэһилиэк олохтоохторуттан төһө элбэх киһи кыттара, төһө айымньылаахтык сыһыаннаспыттара уо.д.а. хайаан да болҕомтоҕо ылыллар. Куонкурус элбэх киритиэрийдээх. Быйылгы ыһыахха бары күрэхтэргэ Арыылаах нэһилиэгэ бэлиэтэнэн, кыайыылаах үрдүк аатын ылла.

АЛРОСА хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Павел Александрович Маринычев, норуот дьокутаата, «Сахатранснефтегаз» хампаанньа кылаабынай инженерэ, тэрилтэ дириэктэрин бастакы солбуйааччыта Александр Гоголев кэпсэтиилэригэр олоҕуран, АЛРОСА хампаанньа бу куонкурус тутаах бирииһигэр «Беларус» тыраахтары туруорбута. Биһиги алмаас хампаанньатыгар өрүү да тыа нэһилиэктэрин өйүүрүн, тыа сиригэр көмөлөһөрүн иһин, улахан махталлаахпыт.

Бириис тыраахтар бэрт уһун сири айаннаан кэлбит. Бастаан Мииринэйтэн – Бүлүүгэ. Улуус кииниттэн Арыылаах олохтоохторо нэһилиэктэрин киинигэр – Хампаҕа – үөрэ-көтө илдьэ кэлбиттэр.

Бу туһунан Бүлүү улууһун Арыылаах нэһилиэгин баһылыга Афанасий Тимофеев кэпсиир:

– Нэһилиэк олохтоохторо, куонкуруска кыайбыппытын, дьоммут сыратын, кыһанан-мүһэнэн бэлэмнэммитин хамыыһыйа болҕомтоҕо ылан, үрдүктүк сыаналаабытын истэн, биллэн турар, олус диэн үөрбүттэрэ, сүргэлэрэ көтөҕүллүбүтэ.

Биһиги нэһилиэккэ айар-тутар уонна уопсастыбаннай түмсүү элбэх. Ол быһыытынан, бөһүөлэкпитигэр олох күөстүү оргуйар. Бирииһи туттарыы үөрүүлээх тэрээһинигэр Хампаттан анаан-минээн 40-ча олохтоох кэлэн кытынна. Дьоһуннаах тэрээһинтэн саҥа тыраахтарбытыгар өрөспүүбүлүкэбит былааҕын күөрэччи тутан, үөрүү үктэллээх, кыайыы кынаттаах астына-дуоһуйа дьиэбитигэр айаннаатыбыт!

Тыраахтарбытын бөһүөлэкпит иһин тупсарыыга, суолу тутууга, бөҕү-саҕы тиэйиигэ уонна да атын күннээҕи хаһаайыстыбаннай наадаҕа туһаныахпыт. Эрдэ, 2017 сыллаахха, олохтоох көҕүлээһини өйүүр анал бырагыраамаҕа киирсэн ылбыт өссө биир тыраахтарбыт баар. Ол аата, мантан инньэ нэһилиэк олоҕун-дьаһаҕын, ис-тас көстүүтүн тупсарыыга икки тыраахтары туһанар буолуохпут.

Арыылаах нэһилиэгин олохтоохторун аатыттан АЛРОСА хампаанньа салалтатыгар, кэлэктиибигэр тыа сирин дьонун өйүүллэрин иһин дириҥ махталбын тиэрдэбин.

ALROSA Viluisk 2

Ирина Романова суруйуутунан,

бэй. кэр.

Бүтэһик сонуннар