Киир

Киир

Аныгы олох – элбэх импэрмээссийэлээх, түргэн тэтимнээх, балысхан сайдыылаах. Уон-сүүрбэ сыллааҕыта төбөбүтүн соччо сыспат эбит буоллахпытына, билигин, олохпут тэтимэ өссө түргэтээбит кэмигэр, хас биирдии киһи доруобуйатыгар улахан болҕомтону уурара кэммит ирдэбилэ буолла. Уһун үйэлэнэр туһугар кэмиттэн кэмигэр мэдиссиинэ бэрэбиэркэтин ааһар наадалааҕын доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрэ бары бигэргэтэн этиэхтэрэ. Доруобуйа туругун кэтээн көрөр биир сүрүн ньыманан аан дойдуга киэҥник биллибит “Тотал Боди МРТ” чинчийии буолар.

“Виктори-клиник” рентгенолог-бырааһа, мэдиссиинэ билимин хандьыдаата Анастасия ЕПАНОВА ыйытыыларга маннык хоруйдаата.

– Анастасия Александровна, бу технология туһатын, дьон олоҕун хаачыстыбатын тупсарарга туох көмөлөөҕүн туһунан кэпсиэҥ дуу?

– Кылгастык эттэххэ, “Тотал Боди МРТ” чинчийии диэн киһи этин-сиинин бүтүннүү курдат скриннээн көрүү ааттанар. Чинчийии сыала – киһиэхэ баарын биллэрэ илик эбэтэр биллэрбэккэ кистэнэ сылдьар ыарыыны булуу. “Тотал Боди МРТ” чинчийэр киһи этигэр-сиинигэр туох уларыйыы буола турарын сиһилии көрөр. Ол түмүгэр ыарыыны уһаппакка, киэҥник тарҕаппакка эрэ эмтиэххэ сөп. Маны таһынан искэҥ ыарыыны эрдэ буларга, көрүҥүн быһаарарга улахан туһалаах. Искэҥ киһи этин-сиинин ханнык чааһыгар үөскээбитин эбэтэр метастаз ханан, төһө киэҥник тарҕанан эрэрин сиһилии көрдөрөр.

Саамай сүрүнэ, “Тотал Боди МРТ” чинчийии дьоҥҥо сарсыҥҥы күҥҥэ эрэли, уоскулаҥы биэрэр. Ыарыы туһунан санаабакка эрэ уһун-киэҥ былааны оҥосторго, толору олоҕунан олорорго кыаҕы үөскэтэр.

– Чинчийии туох уратылааҕый?

– Бастатан туран, АХШ уонна Арҕаа Дьобуруопа бастыҥ эмтиир кииннэригэр бигэргэммит сканирование саҥа боротокуолларын туһанабыт. Итилэри бэйэбит тобулбут саҥа ньымаларбытынан тупсарабыт, тохтоппокко мэлдьи сайыннара турабыт. Иккиһинэн, киһи тобугун сүһүөҕэр диэри этин-сиинин толору ойуутун түһэрэбит. Үсүһүнэн, киэҥ-куоҥ диагностическай импэрмээссийэни билэбит. Чинчийии 1,5 тыһ. ойууну түһэрэр кыахтаах.

– Хайдах ааһарый? Төһө бириэмэ нааданый?

– Пациены МРТ-аппараакка киллэрэбит. Холкутук сытаҕын, бэл, нуктаан ылыахха сөп. 1,5 Тл кыамталаах General Electric Optima MR360 Advance (АХШ) аныгы аппараакка диагностикалыыбыт. Эрдэ эппитим курдук, төбөттөн тобук сүһүөҕэр диэри түһэрэбит: мэйиини, ис уорганнары уонна аччыгый тааһы барытын сирийэн көрөбүт, киэҥ сыанабылы суруйабыт. Ити курдук, илииттэн, сототтон, тилэхтэн уратылары сиһилии көрөбүт (баларга метастаз сэдэхтик барар).

Чинчийии, ортотунан, 2 чаас барар (аҥкыатаны толоруу, таҥаһы уһулуу-кэтии, аппараакка киирии бу кэмҥэ киирэр).

Боротокуолга быраас ханнык исписэлиистэргэ көрдөрөр, ханнык уоргаҥҥа, эт-сиин чааһыгар сиһилии чинчийии, көрүү-истии наадатын быһааран суруйар.

– Бу өҥөнү дьон төһө туһаналларый?

– Бүгүҥҥү туругунан килииньикэбит 2000-ҕа чугаһыыр “Тотал Боди” чинчийиини оҥордо. Бу – үрдүк көрдөрүү, исписэлиистэрбит уопуттаахтар. Биһиэхэ араас идэлээх дьон кэлэр, доруобуйаларын бэрэбиэркэлэтэр. Ырыаһыттар, бэлиитиктэр, урбаанньыттар “Тотал Боди МРТ” чинчийии үрдүк таһымнааҕын бэлиэтииллэр. Саха эстрадатыттан Варя Максима, Дарья Лаврова, Галина Виноград көрдөрүммүттэрэ.

– Сыаната төһөнүй?

– “Виктори клиник” чинчийиитин сыаната Арассыыйаҕа эрэ буолбакка, бүтүн аан дойду үрдүнэн удамыр диэн эрэллээхтик этиэхпин сөп. Биһиэхэ дойдубут киин куораттарыттан эрэ буолбакка, тас дойдуттан эмиэ кэлэллэр. Кэмиттэн кэмигэр аахсыйа тэрийэбит. Холобур, билигин түүҥҥү кэмҥэ чинчийиини ааһарга аахсыйа бара турар. Төлөбүрэ – 20 000 солкуобай.

– Доруобуйаларын туһугар кыһаллар киһиэхэ “тоҕо “Тотал Боди МРТ” оҥотторорум нааданый?” диэн ыйытыы турар. Анастасия Александровна, манна туох диэн хоруйдуугутуй?

– Бу чинчийии кэлэр кэмҥэ эрэли үөскэтэр. Сэрэппэккэ киһини кэбирэтэр ыарыылары, искэни эрдэ көрдөрөр. Ыарыы эккэ-сииҥҥэ олохсуйа, тарҕана илигинэ быһааран эмтиэххэ сөп. Томографияҕа эрдэттэн бэлэмнэнэриҥ ирдэммэт, доруобуйаҕа куһаҕаннык дьайбат, куттала суох. Наада буолар түгэнигэр хат түһүөххэ сөп. 

a79f3be9 752f 463a b45f 96bccd1cfdaf

“Тотал Боди” чинчийиини ааспыт дьон доруобуйалара этэҥҥэтин билэн уоскулаҥнык сылдьаллар, олохторугар былааннары оҥостоллор. Доруобуйа этэҥҥэ буолуутун билэртэн үрдүк үөрүү суох.

Күндү ааҕааччылар, кэлэр кэмҥитигэр эрэллээх сананыҥ. Эккит-сииҥҥит, доруобуйаҕыт туругун бэрэбиэркэлэтиэххитин баҕарар буоллаххытына, биһиги килииньикэбитигэр кэлэргитигэр сүбэлиибит. Биһиги испэсэлиистэрбит эһиэхэ үрдүк квалификациялаах көмөнү оҥорорго мэлдьи бэлэмнэр. Чэгиэн буолуҥ!

Дарья Лаврова “Тотал Боди МРТ” туһунан:

          – Бу чинчийии өссө биир үчүгэйэ диэн, МРТ киһи доруобуйатыгар охсуута суох. Икки чаас кэриҥэ барар, түргэн тэтимнээх олохтоох дьоҥҥо ол суолталаах.
          Аҕыйах күнүнэн түмүгэ биллэр. Чинчийии түмүгүн, түһэриини (снимогы) уонна диискэни холбуу биэрэллэр. Баҕалаахтарга элэктэриэн буосталарыгар ыыталлар. Маны таһынан быраастан кэмэнтээрий ылыахха сөп. 
          Доруобуйам этэҥҥэтин билэн үөрдүм. Аны холкутук үлэлиибин, айабын-тутабын.
 
 
“Виктори клиник” МРТ киинин аадырыһа:
 
Дьокуускай, Лермонтов уул., 25/2а.
 
Саайт: ykt-mrt.ru
 
Төл.: 8-4112-38-80-80 (Ольга СРЕБНИЦКАЯ)
 
РЕКЛАМА
ИМЕЮТСЯ ПРОТИВОПОКАЗАНИЯ! ТРЕБУЕТСЯ КОНСУЛЬТАЦИЯ СПЕЦИАЛИСТА!
Лицензия ООО "РВЭМТ" ЛО-14-01-002640 от 25.12.2019

         

Санааҕын суруй