Киин куоракка үлэҕэ киирэргэ, массыына ыытар быраабы, саа-сэп көҥүлүн ыларга хайаан даҕаны нарколог бырааска көрдөрүнүөхтээххин. Оттон ол үйэ тухары уһун уочараттааҕын, сылаалааҕын киһи барыта билэр.
Онон сибээстээн, бу күннэргэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи наркология диспансера хас да сиргэ эбии нарколог быраас кэбиниэтин арыйарын иһитиннэрдэ.
Олор аадырыстара манныктар:
-- 1 №-дээх поликлиника, Киров уул., 19 дьиэтэ, 5 этээс, 525 хос (үлэлиир кэмэ: 8.00-15.30 ч);
-- Дьокуускайдааҕы Мэдиссиинэ киинэ, Кальвица уул., 3 дь., 2 этээс, 241 хос (8.00-15.30 ч);
-- Дьокуускайдааҕы 3 №-дээх балыыһа, Лермонтов уул., 121 дь., 4 этээс, 428 хос (бэнидиэнньик, сэрэдэ: 8.00-15.30 ч);
-- Дьокуускайдааҕы 2 №-дээх балыыһа, Кузьмин уул., 10, 1 этээс, 1 хос (бээтинсэ: 8.00-15.30 ч);
-- Өрөспүүбүлүкэтээҕи 3 №-дээх балыыһа, Киров уул., 34, 1 этээс, 102 хос (оптуорунньук, чэппиэр: 10.00-15.15 ч).
Исписэлиистэр анал лиссиэнсийэлээхтэр уонна ханна олороргуттан тутулуга суох көрөллөр.