Киир

Киир

Дьокуускай куорат олохтоохторо, тэрилтэлэрэ, аныгы олох сайдыытын сиэринэн “КИВИ Кейтеринг” хампаанньа оҥорор өҥөтүн туһанар буоллулар. Бу хампаанньа хас биирдии дьиэ кэргэн, тэрилтэ маанылаах остуолугар кырасыабай бэйэлээхтик таҥыллыбыт аһы-үөлү эрэ буолбакка, маны сэргэ кэрэ эйгэни, дууһа уоскуйуутун бэлэхтиир ураты алыптаах.

Кыргыттар кэпсииллэрин истэн, бу эйгэҕэ кэлиэхтээх суоллара олох кыра эрдэхтэриттэн биллибит эбит диэн санааҕа кэлэҕин. Ол курдук, Инна сыыппараны оҕо эрдэҕиттэн сөбү­лүү­рүн, Катя кыратыттан дипломат кыбынан сылдьарын (бары да өйдүүр инигит, оччолорго дипломат муодата үөдүйэ сылдьыбытын), оттон Вероника, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ улааппыт буолан, дьиэ кэргэн аһын-үөлүн хонтуруоллуур эбээһинэстээх эбиттэрин сөҕө истэҕин.

Дьэ, итинник интэриэһинэй эйгэҕэ иитиллэн, үүнэн-сайдан тахсан, кыргыттар билигин Дьокуускайга эрэ буолбакка, улуустарынан сылдьар үлэлээх “КИВИ Кейтеринг” хампаанньаны 2017 сылтан тэрийэн үлэлэтэллэр.

Дьэ, кимнээх эбиттэрий? Вероника ПАВЛОВА, Инна ТРЕТЬЯКОВА иккиэн, Санкт-Петербурдааҕы ас-үөл технологическай университетын араас сылга үөрэнэн бүтэрэн, “инженер-технолог” идэлээхтэр, Екатерина ОКОРОКОВА, Новосибирскайдааҕы атыы-эргиэн институтун бүтэрэн, “товаровед” идэлээх. Онон ас-үөл, атыы-тутуу эйгэтигэр чугас дьон.

Саха далбар хотуннарын кытта атах тэпсэн олорон...

Өрөспүүбүлүкэбитигэр “КИВИ Кейтеринг” хампаанньа үлэтэ бренд буолла диэтэхпинэ, сыыспаппын. “КИВИ” хампаанньаны төрүттээбит 3 кэрэ аҥаар бырааһынньыктааҕы остуол култууратын киллэрдэххит.

Инна: Үһүөн бары араас-араас саастаахпыт. Олох араас кэмигэр улааппыппыт. 2012 сыллаахха үһүөн көрсүбүппүт. Мэлдьи биир долгуҥҥа сылдьар этибит. Үлэҕэ араас уопуттаах дьон бииргэ үлэлээн барбыппыт уонна үлэлиир хайысхабытын үллэстибиппит. Вероника, производствоҕа үлэлии үөрүйэх буолан, производствоны илиитигэр ылбыта. Бэйэтэ “инженер-технолог” идэлээх. Онон ис-иһиттэн дьиҥ­нээх производственник. Салаат төһө кыраамнааҕын, эппиккэ дылы, илиитин иминэн, хараҕынан быһа холоон көрөр, таба этэр дьоҕурдаах. Оттон бэйэбин эттэххэ, кыра эрдэхпиттэн сыыппаралары таптыыбын, табылыыссанан эрэ олоробун. Онон мин үлэм – үп-харчы эргиирэ, атыы-эргиэн, ырытыы (аналитика). Өссө виртуальнай эйгэ ситимигэр (социальнай ситимнэр, саайт, о.д.а.) үлэлиибин. Оттон Екатерина, өр кэмҥэ судаарыстыбаннай сулууспаҕа үлэлээбит баай уопуттаах буолан, дипломатическай кэпсэтиини (килийиэннэри кытта), көрсүһүүлэри, улахан бырайыактары оҥорор. Кыра эрдэхпититтэн бары даҕаны дьаһаллаах эбиппит билиҥҥи үлэбитигэр көстөр. Онон даҕаны бачча улахан хамаанданы хомуйан үлэлэтэ сылдьабыт.

Үлэ-хамнас хайдах барарын кэпсиэххит дуу? Кейтеринг үлэ сонун хайысхата хаһан, хайдах саҕа­лам­мытай?

Вероника: Урут исписэлиистиир кэммэр сотору-сотору араас тэрээһин буолар этэ. Онно кейтеринг өҥөтө суо­ҕун бэлиэтии көрбүтүм. Кимиэхэ сакаастыыргын билбэккин, анаан дьарыктамматтар этэ. Оччолорго Саха сиригэр кейтеринг диэн хайысха суоҕа. Көннөрү “выездной” диэн ааттанан үлэлииллэрэ.

Екатерина: Онтон үлэлээбитинэн барбыппыт. Үгүс киһи “кейтеринг” диэн тугун өйдөөбөт этэ. Билигин тэрил­ли­биппит 6 сыл ааспытын кэннэ, бу ха­йысханы, дьэ, үчүгэйдик биллилэр. “Хантан, тугу сакаастыыбытый?” диэн төбөлөрүн сынньыбаттар. Офиска, тө­рөөбүт күннэригэр, тэрилтэ араас тэ­рээһинигэр, үбүлүөйгэ, о.д.а. хото сакаастыыр буоллулар. Бэйэбит өттүбү­түттэн өҥөбүтүн үрдүк хаачыстыбалаахтык оҥорорго кыһаллабыт. Үлэбитигэр саҥаттан саҥа идиэйэни киллэрэбит.

– Ол аата, тэриллибиккит төһө өр буолла?

Инна: Бу сыл кулун тутар 30 күнүгэр номнуо 7-с сылбыт туолар.

– Бу кэм устата төһө өҥөнү оҥор­буккут буолуой?

Инна: Сылга көһө сылдьар тэрээ­һиннэри 1000-тан (банкет, фуршет, кофе-брейк) тахсаны оҥоробут. Маны таһынан аадырыска тиэрдэн биэрии (доставка, аренда) баар. Ыйга ортотунан 500-тэн тахса сакаас оҥоһуллар.

– Дьокуускайынан эрэ муҥурдам­макка, улуустарынан сылдьан эмиэ үлэлиигит.

Екатерина: Аҥаардас кейтеринг, аадырыска тиэрдэн биэрии хайысхатынан эрэ үлэлиир буолбатахпыт, ол курдук, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах успуорт, култуура тэрээһиннэригэр “оператор питания” буолабыт. Аммаҕа, Бороҕоҥҥо, Өймөкөөҥҥө, Өлүөхүмэҕэ, Намҥа, Горнайга буолбут өрөспүүбүлүкэ таһымнаах тэрээһиннэргэ хас эмэ тыһыынчанан киһи аһын-үөлүн тэрийбиппит.
 
2017 сыл – Үөһээ Бүлүүгэ Ман­чаа­ры Оонньуулара,
2018 сыл – Дьокуускайга Норуоттар икки ардыларынааҕы интеллектуальнай оонньуулар,
2019 сыл – Намҥа Олоҥхо ыһыаҕа,
2019 сыл – Горнайга Манчаары Оонньуулара,
2019 сыл – Аммаҕа Саха сирин норуоттарын оонньуулара,
2020 сыл – Томпоҕо Металлург күнэ,
2021 сыл – Өлүөхүмэҕэ Олоҥхо ыһыаҕа,
2021–2022 сс. – MUUS USTAR бэстибээл,
2022 сыл – Арктика пуорума,
2022 сыл – Кэбээйигэ үбүлүөйдээх ыһыах,
2022 сыл – Уус Алдаҥҥа Саха сирин норуоттарын оонньуулара,
2023 сыл – Өймөкөөҥҥө Олоҥхо ыһыаҕа,
2023 сыл – Аммаҕа адаптивнай успуорт спартакиадата.
 

Вероника: Чугас улуустарга кейтеринг өҥөтүн хото сакаастыыр буол­лулар. Биһигини мэлдьи үөрэ-көтө көр­сөллөр, “ресторан приехал к нам” диэн өйдөбүлгэ олус үөрэллэр. Улуус дьоно бэйэ-бэйэлэрин үбүлүөйдэригэр, араас тэрилтэ тэрээһиннэригэр сылдьан, көрөн-истэн сакаастаһаллар. Ордук Хаҥалас, Мэҥэ Хаҥалас, Нам улуустарыгар элбэхтик сылдьабыт. Биһиги сыалбыт-сорукпут – өҥөнү уонна кэрэ көстүүнү сайыннарыы. Онон улуустартан сакаас киирдэҕинэ, наһаа астынабыт, долгуйа бэлэмнэнэбит.

– Тэрээһиҥҥитин остуолуттан саҕалаан иһитигэр-хомуоһугар тии­йэ бэйэҕит хааччыйар эбиккит дии.

Екатерина: Остуолу, олоппоһу, өрүү таҥас арааһын (текстиль), иһити-хомуоһу – барытын хааччыйабыт. Сүү­һүнэн олоппос, остуол судургутук хомуллар, таһаҕас тиэйэр массыынаҕа аа-дьуо батар. Ас-үөл барыта анал кэнтиэйнэрдэргэ угуллар. 5 анал таһаҕас тиэйэр массыыналаахпыт. Сайыҥҥы улахан тэрээ­һин­нэргэ баран үлэлиир официаннарбытыгар, оннооҕор, анал оптуобус сакаастыыбыт.

– Дьэ, манна үлэни табан тэрийиэххэ наада дии.

Инна: Улахан хамаанда үлэлиир. Ол курдук, салайар, банкет менеджердэрэ, логист. Холобура, логист диэн анал үлэһит барытын анал бырагырааманан көрөн, ханнык массыына, хас чааска, төһө киһилээх тэрээһиҥҥэ, ханна барыахтааҕын быһаарар. Нэдиэлэ, хас да күн инниттэн былаан торумнанар. Оттон банкет менеджерэ иһит-хомуос ахсаанын, остуол-олоппос барылын быһаарар, официаннары дьаһайталыыр.

– Официанынан үксэ эдэр ыччат үлэлиир дуу?

Инна: Тэрээһиннэрбитигэр официанынан, сүнньүнэн, эдэр ыччат үлэ­лиир. Банкет саҕаланыан иннинэ биир пуормалаах, мэктиэтигэр, бары тэбис-тэҥ уҥуохтаах, анал үөрэхтээх официаннар – эдэркээн саха уолаттара, кыргыттара. Бары бэлэм тураллар, ыалдьыттары үөрэ-көтө көрсөллөр. Тэрээһиҥҥэ кэлбит ыалдьыттар да, бэйэбит да оҕолорбутун көрөн астынабыт, хайгыыбыт.

– Ас-үөл чааһыгар киирдэххэ... Хайдах быһыылаахтык, ханна бэлэмниигитий?

Вероника: Бэйэбит улахан производственнай базалаахпыт. Манна эт, бурдук, оҕуруот астарын, итии, тымныы астары бэлэмниир тус-туспа сыахтардаахпыт. Онно барыта үрдүк таһымнаах пуобардар симиэнэнэн үлэлииллэр. Сакааска үлэбит барыта – автоматизированнай. Бэйэбитигэр сакаас киирэн баран, сыах сэбиэдиссэйигэр, технологка тиийэр. Онно төһө сакаас киирбитинэн суоттаан-учуоттаан оҥороллор. Хас биирдии үлэһит тус эбээһинэһин, тугу гыныахтааҕын чопчу билэр. Сыахпыт бэйэтэ чаһы курдук үлэлиир улахан мэхэньиисим.

“КИВИ” кейтеринг хампаанньата өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар:

– өрөспүүбүлүкэ таһымнаах тэ­рээһиннэр кыттыылаахтарын уонна ыалдьыттарын аһылыгынан хааччы­йар;
– ыһыахтарга, корпоративтарга, үбүлүөйдэргэ кейтеринг өҥөтүн оҥорор;
– спортсменнары, волонтёрдары, тэрийээччилэри аһатар;
– Маны тэҥэ шатёрдары, миэ­бэли, иһити-хомуоһу арыандалыыр.
 

Тэрээһиҥҥит үрдүк таһымнаах ааһа­рыгар идэтийбит кейтеринг өҥө­түн оҥорооччуларга эрэн, сакаастаа!

  – Саамай ыраах ханнык улуус­тарга “КИВИ” бырааһынньыктааҕы остуолу тэрийбитэй?

Инна: Өймөкөөҥҥө, Өлүөхүмэҕэ, Кэбээйигэ тиийэн тэрийбиппит. Оннооҕор Москуба ыһыаҕар сахалыы астары: алаадьыттан саҕалаан ис буотараҕар тиийэ астаан, хорчуоппа тэрийбиппит, этэргэ дылы, мавзолей уочарата буолбута. Бэйэбит да сөхпүппүт, астыммыппыт.

– Интэриэһиргээбит дьон хайдах сакаас оҥоруохтарын сөбүй?

Екатерина: Бэйэбит саайтаахпыт уонна сыһыарыылаахпыт. Сайаапка киирдэҕинэ, менеджердэр төлө­пүөнүнэн эрийэн, хаһан, ханна, төһө киһилээх тэрээһин буоларын көрөн, сүбэ­лээн-амалаан биэрэллэр. Килийиэн баҕата барыта учуоттанар. Ол курдук, анал меню таҥыллар. Холобура, фуршет – канапелаах, салааттаах тарталеткалардаах, оттон банкет буолла­ҕына, итии астаах буолар. Остуол хайдах истииллээх буолуохтааҕын кытта талларабыт. Онно барытыгар анал каталогтар бааллар.

Вероника: Дьокуускай куорат Петровскай уулусса 19-с дьиэтигэр офистаахпыт. Манна кэлэн менеджери кытта атах тэпсэн олорон, ирэ-хоро кэпсэтиэххэ, иһити-хомуоһу, текстили тутан-хабан, көрөн талыахха сөп.

– Кыргыттар, бириэмэ булан кэпсэппиккитигэр махтанабын.

KIWICATERING.RU
 
8924 165-44-33

Олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыр кэрэ эйгэҕит, дьоҥҥо үгүс үөрүүнүөтүүнү аҕаллын!

WhatsApp Image 2024 01 10 at 09.24.11

kuar

kuar2

Саргылаана БАГЫНАНОВА.