Хаҥалас улууһун II Дьөппөнүгэр «Өктөөп 50 сыла сопхуос» сэбиэскэй аатын сөргүппүт, эстэн эрэр тэрилтэни тилиннэрбит, 120 ыанар ынахтаах ТХПК-ны хорутуулаахтык салайа сылдьар Ил Түмэн саҥа дьокутаата Тихон Скрябины кытта төрөөбүт дойдутугар үлэни-хамнаһы билсэ бара сырыттыбыт.
Үтүө ыал үөлэһэ кыымнаах
II Дьөппөҥҥө Тихон Николаевич төрөппүттэрэ олороллор. Аҕата Николай Тихонович үйэлээх сааһыгар «Өктөөп 50 сыла сопхуоска» бэтэринээрдээбит. Хас биирдии ынаҕы, сылгыны оҕо курдук бүөбэйдээн, көрөн-истэн, эмтээн сылдьыбыт амарах санаалаах, мындыр толкуйдаах киһинэн норуокка биллэр. Билигин 80 сааһын ааспыт ытык кырдьаҕас. Ол да буоллар күннэтэ хамсана-имсэнэ сылдьарын сөбүлүүр, нэһилиэккэ саахымат, дуобат, остуол тиэнниһин күрэхтэһиилэригэр куруук ситиһиилээхтик кыттар.
Тихон Николаевич, аҕатын хотонунан батыһа сылдьан, сүөһүнү көрсөн улааппыт. «Уолум 4–5 саастааҕар уһуйааҥҥа барымаары ытаатаҕына, дьээбэлэнэн, «оччоҕо мин оннубар үлэлээ» диэтэхпинэ, бэйэтин саҕа улахан суумкабын соспутунан, сопхуоска бара сатыыра. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар ынах төрүүрүн көрөөрү, хотоҥҥо хонуон баҕарара. Бэһис кылаастан ынахтарбытын ыыр буолбута. От-мас үлэтин барытын кыайа-хото тутара. Күүлэйгэ кыттан, нэһилиэккэ бастыҥ аатын ылбыта», – диэн аҕата Николай Тихонович кэпсиир.
Ийэлэрэ Вера Кононовна – өр сылларга кэнчээри ыччаты үтүөҕэ-кэрэҕэ, сырдыкка үөрэппит учуутал. Уон сыл устата оскуолаҕа дириэктэринэн үтүө суобаһынан үлэлээбитэ да элбэҕи этэр.
Тихон Николаевич ийэтин үтүө холобурунан үөрэх эйгэтигэр 15 сыл устата таһаарыылаахтык үлэлээбит. Бастаан Өктөм оскуолатыгар физкультура учууталынан, онтон Уус Алдан үөрэҕириитин салалтатыгар, СӨ успуорт тэхиниичэскэй көрүҥнэрин киинигэр, «Өлүөнэ кыраайа» физика-математика пуорумҥа араас салайар дуоһунаска, Г.В. Ксенофонтов аатынан Тиит Арыы орто оскуолатыгар уонна Дьокуускайдааҕы кадеттар оскуолаларыгар дириэктэрдээн, кэскиллээх элбэх бырайыагы олоххо киллэрбит. Билигин «РНА Сибиирдээҕи салаатын Саха сиринээҕи билим киинэ» федеральнай чинчийэр киин генеральнай дириэктэрин уопсай боппуруоска солбуйааччыта буолар.
Тихон Скрябин – СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Үөрэх министиэристибэтин «Саха сирин эрэлэ», «Хаҥалас улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэлэрдээх.
Кэргэннээх, оҕолордоох, сиэннэрдээх.
«Өктөөп 50 сыла сопхуос» үлэтин саҥалыы тыыннаан
2020 сыллаахха Тихон Николаевич, Хаҥалас улууһун дьаһалтатын этиитин ылынан, төрөөбүт дойдутугар эстэн эрэр тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтиибин бэрэссэдээтэлинэн ананар. Бастатан туран, «Өктөөп 50 сыла сопхуос» диэн урукку аатын сөргүтэр. Кырдьыга, бу сопхуос Сэбиэскэй Сойуус саҕана эт-үүт көрдөрүүтүнэн өрүү инники күөҥҥэ сылдьыбыта. Аҕата Николай Тихонович, олоҕун тухары манна бэтэринээрдээбит буолан, үлэһиттэрин барытын аймахтарын курдук чугастык саныыр, кыһалҕаларын төрдүттэн билэр. “ТХПК-ны хайаан да чөлүгэр түһэрэн, атаҕар туруоруохха наада” диэн, күнүстэри-түүннэри толкуйдаан, өрө көтөҕүллэн үлэлээбитинэн барар. Бэйэтин тус харчытын уган, өр сылларга мустубут баһаам элбэх иэһи-күүһү сабар, үлэһиттэргэ ый аайы хамнастарын төлүүр, саҥа тиэхиньикэни, араас тэрили ылан биэрэр.
«Ынах үүтэ – тылыгар» диэн баар. Бастатан туран, сүөһү эбии аһылыгын боппуруоһун быһаарбыт. Ол курдук, Тюмень уобалаһын научнай киинин кытта үлэлэһэн, арыылаах үүнээйилэр ыгыллыбыт сиэмэлэрин хаҕын (жмых) аҕалтарар. Ону таһынан урукку бааһыналары туһаҕа таһааран, эбиэс үүннэрэллэр. Ол түмүгэр билигин ТХПК иһинэн үүт ыамын 30–40% үрдэппиттэр.
Дьэ, онтон «Хаҥалас агрохолдинг» диэн үүт соҕотуопкалыыр тэрилтэни үлэлэппитинэн барбыттар. Онно ыаллыы сытар үс нэһилиэктэн: I Дьөппөнтөн, II Дьөппөнтөн уонна Хоточчуттан ыаммытынан үүтү тутар буолбуттар. Инньэ гынан олохтоохтор эбии дохуоттанан, сүөһү ахсаана эбиллэн, тыа сирэ сэргэхсийбит.
«Хаҥалас агрохолдинг» нэһилиэнньэни минньигэс, иҥэмтэлээх саха төрүт аһынан хааччыйар. Онон Тихон Николаевич үтүө көҕүлээһининэн, манна ынах эбии аһылыгын үүннэрииттэн саҕалаан, эккэ-үрүҥ аска тиийэ барытын олохтоохтор бэйэлэрэ оҥорон таһаараллар.
Үрүҥ илгэни үрүлүтэр үтүө үлэһит дьон
«Өктөөп 50 сыла сопхуос» иһинэн уон киһи үлэлиир. Ыанньыксыттар Людмила Винокурова, Леонелла Винокурова, Галина Леонтьева, Мария Борисова, Сергей Новгородов, сопхуос Матвей Борисов, биригэдьиир Артур Винокуров, тырахтарыыс Дмитрий Егоров, бостуук Станислав Шадрин, элиэктирик уонна силиэсэр Эдуард Скрябин.
– Сопхуоска оскуоланы бүтэрээт, кэлбитим. Онтон ыла номнуо 40-ча сыл ааста. Ынахтарбын олус күндүтүк саныыр буоламмын, түһүүлээх-тахсыылаах сылларга атын сиргэ ханна да барбатаҕым. Ама да ааспытын иһин, уустук кэмнэр этэ. Хастыы эмэ ыйы быһа хамнаспытын төлөөбөт этилэр, тиэхиньикэбит барыта эргэрбитэ, сотору-сотору алдьанара. Хата, Тихон Николаевич кэлэн абыраабыта. Хотоммут сылаас, сырдык буоларын хааччыйбыта, саҥа тыраахтары, массыынаны ылан биэрбитэ уонна ый аайы хамнаспытын төлүүр буолбута. Билигин манна үөрэ-көтө кэлэбит, – диэн Людмила Винокурова санаатын үллэстэр.
Ыанньыксыттар Леонелла Винокурова, Галина Леонтьева, Сергей Новгородов эмиэ өр кэмҥэ тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээбиттэр. Холобур, Сергей Новгородов 80-с сыллартан күн бүгүнүгэр диэри бу түбүктээх, уустук үлэни кыайа-хото тутан кэлбит.
Бары биир дьиэ кэргэн курдук иллээхтик-эйэлээхтик, хардарыта көмөлөсүһэ сылдьаллар. Остуол тула олорон сынньанарга, үүттээх итии чэйи иһэргэ аналлаах туспа хостоохтор. Хотоҥҥо сырдык, сылаас буоларын элиэктирик Эдуард Скрябин хааччыйар. Кини – тарбаҕар талааннаах маастар, араас үлэни барытын кыайа-хото тутар эрэллээх киһи.
Саҥа тиэхиньикэ баар буолан, үлэ быдан тэтимирбит. Тырахтарыыс Дмитрий Егоров МТЗ-82 тыраахтарынан сайын устата күүскэ үлэлээн, кыстыыр отторун бэлэмнээбиттэр.
– Биһиэхэ кэпэрэтиип иһинэн 120 ынахтаахпыт. Эбии астаах буоланнар, өҥнөрө-дьүһүннэрэ лаппа тубуста, ыйааһыннара да эбилиннэ. Сүөһүбүтүн өссө элбэтиэхпитин хотоҥҥо миэстэ тиийбэт. Ол иһин саҥа хотон тутуллара буоллар диэн улахан баҕа санаалаахпыт, – диэн бостуук Станислав Шадрин бэлиэтээн эттэ.
Ол курдук үлэһиттэр бары саҥа хотон уонна сайылык тутулларын туруорсаллар.
Манна Мария уонна Матвей Борисовтар дьиэ кэргэнинэн үлэлииллэр эбит. Оҕолор улаатан, сайын устата эмиэ дьонноругар көмөлөспүттэр. Кыыстара Лидия тохсус кылаас кэнниттэн тыа хаһаайыстыбатын техникумугар киирэр баҕалаах. Ити курдук кинилэр оҕону үлэнэн иитиигэ үтүө холобуру көрдөрөллөр.
– Биһиги тыа хаһаайыстыбатыгар эдэр ыччат кэлэрин ситиһиэхтээхпит. Онуоха бэлиитикэ уларыйыахтаах. Уһуйаантан, оскуолаттан саҕалаан, төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэриэхтээхпит. Бэйэбит төрүт аспытын аһыырбыт үчүгэй диэн санаалаах улаатан тахсыахтаахтар уонна тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах идэлэргэ үөрэнэ киирэллэрин өйүөхтээхпит. Холобур, биһиэхэ зоотехниктар, бэтэринээрдэр, инженердэр хайаан да наадалар. Киһи барыта куоракка талаһара сыыһа дии саныыбын. Онно үлэтэ-хамнаһа суох ускул-тэскил сылдьааччы элбэх. Аны таас дьиэҕэ кыбартыыра ылаары, иэс бөҕөҕө киирэллэр. Ипэтиэкэни үйэлэрин тухары төлүүллэр. Дьиҥинэн, тыа сиригэр үлэлээн-хамсаан үрдүк хамнастаныахха, дьиэ-уот тэриниэххэ, оҕолору төрөөбүт төрүт эйгэҕэ иитиэххэ сөп. Билигин тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин өрө тутар кэм кэллэ. Аны сааҥсыйалаах уустук балаһыанньаҕа бэйэ оҥорон таһаарыыта өссө улахан суолталанна, – диэн Тихон Николаевич бэлиэтиир.
Норуот итэҕэлин ылан
Бу күһүн Тихон Николаевич Скрябин Хаҥалас, Мэҥэ Хаҥалас уонна Алдан дьонун-сэргэтин итэҕэлин ылан, Томмот быыбардыыр уокуругуттан норуот дьокутаата буолбута.
Ил Түмэн сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа баайыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта буолан, араас хайысхалаах киэҥ хабааннаах үлэни сүрүннүүр. Ол курдук, Алдан өрүс харыстабыла дьокутааттар болҕомтолорун киинигэр сылдьар. Сокуоҥҥа туһааннаах уларытыылар киирэллэрэ былааннанар.
Ил Түмэн тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин чилиэнин быһыытынан тыа сирин сайдыытын түстүүр, туруу үлэһит дьон интэриэстэрин көмүскүүр сокуоннары, бырагыраамалары олоххо киллэрэр туһугар үлэлиир.
Ил Түмэн наукаҕа уонна үөрэххэ сис кэмитиэтин чилиэнэ буолан, науканы күннээҕи олоххо туһаныллыахтаах, ол дохуоту үрдэтэргэ көмөлөһүөхтээх диэн санаалаах. Саха сирин саргылаах сарсыҥҥытын уһансар.
Тихон Николаевич – чахчы, норуот киһитэ. Өрөбүл аайы төрөөбүт дойдутугар тахсан, хотоҥҥо, от-мас үлэтигэр барытыгар дьонун-сэргэтин кытта тэҥҥэ сылдьан үлэлиирэ-хамсыыра да элбэҕи этэр. Маннык кэскиллээх өйдөөх-санаалаах, мындыр толкуйдаах салайааччы, норуот дьокутаата саха төрүт үгэстэригэр тирэҕирэн, наука ситиһиилэрин таба туһанан, дьон-сэргэ уйгутун тупсарыыга элбэҕи оҥоруо диэн эрэнэ саныыгын.
Саргылана Савватеева.