Биһиги Сахабыт сирин урукку-хойукку устуоруйатын, олорон ааспыт дьонун-сэргэтин, тумус туттар биир дойдулаахтарбытын, сүрүннээн, уос номохторуттан, олорон ааспыт дьон ахтыыларыттан, кэлиҥҥи, бэрт аҕыйах ахсааннаах, үксүгэр “дьыалаҕа эриллибит”, суут докумуона буоларга тиһиллибит архыып матырыйаалларыттан уонна биирдиилээн ордубут хаартыскалартан эрэ билэбит.
Саха омук устуоруйата, дьылҕата, барҕа баайа сороҕор сап саҕаттан салҕанан күн баччаҕа диэри быстыбакка кэлбит холобурдарын билэбит. Холобур, 1930-с сс. бүтүүлэригэр П.А. Ойуунускай айымньылара бүтүннүү суох гыныллыбыттарын кэннэ, улууканнаах киһибит сыралаах үлэтэ, билигин саха омук бүттүүн баайа буола сылдьар айымньылара, имниин эстиэхтэрин биир ыал дьиэтин муостатын анныгар хараллан хаалан бар дьоҥҥо тиийбитэ. В.В. Никифоров-Күлүмнүүр курдук уһулуччулаах киһибит 1896 с. ыраахтааҕы Николай II бэргэһэлэниитигэр П.Ф. Лепчиковы, П.А. Афанасьев-Бөтөрүүсэни кытта бара сылдьан түспүт хаартыскатын соторутааҕыта эрэ Хомус түмэлин үлэһитэ Станислав Афанасьев соҕурууттан булан үөрбүппүт, “Күлүмнүүрбүт өссө биир хаартыската көһүннэ!” дэспиппит.
Бу күннэргэ ХIХ уонна ХХ үйэлэр ыпсыыларыгар олорон ааспыт саха интэлигиэнсийэтин, биллэр-көстөр дьонун үтүө мөссүөннэрин сырдатыахтаах, устуоруйабытын атын хараҕынан көрөргө улахан көмө буолуохтаах хаартыскалары илдьэ сылдьар, бар дьон сүрэҕин долгутар кэпсээннээх Люция Бурцеваны кытта көрсөн кэпсэттим.
Кини 36 сааһыгар сылдьар эдэр киһи. Филологическай факультеты бүтэриэҕиттэн, суруналыыстыка эйэгэтигэр ситиһиилээхтик үлэлиир. Билигин Дьокуускай к. Кииннэммит бибилэтиэкэтин ситимин Хамсатыыга-сырдатыыга (продвижение) салаатын салайар.
Люция Уус Алдантан төрүттээх. Уруккута Байаҕантай улууһун систээн олорбут Готовцевтар хаан-уруу сыдьааннара. Оттон кини “бар дьон сүрэҕин долгутуохтаах кэпсээнэ” – хас эмэ сүүһүнэн хаартыскалаах дьиэ кэргэнин баай архыыба. Урут түһэн эттэххэ, кини архыыбыгар баар хаартыска 90-тан тахса %-на урут ханна да көстүбэтэх, бэчээккэ тахсыбатах хаартыскалар! Олор бүгүн аан бастакытын “Кыымҥа” эрэ бэчээттэнэллэр!
Тылы Люцияҕа биэрэбит.
БАЙАҔАНТАЙ ГОТОВЦЕВТАРА
– Хос-хос эһэм Пантелеймон Егорович Готовцев-Бааса Атыыһыт (1856 – 1920) 18 сааһыттан суруксуттаабыт, онтон Хаҥалас нэһилиэгэр кинээстээн баран, кэлин Байаҕантай улууһун быыбарынай кулубатынан үлэлээбит, үөрэхтээх, саха тылынан уус-уран айымньытын, фольклорун чинчийээччи, олох үчүгэйдик билэр, илдьэ сылдьар киһи эбит. Ол да иһин оччолорго сыылкаҕа кэлэ сылдьар Серошевскайы, Ионовы, П.Алексеевы, Пекарскайы, Левенталы кытта ыкса алтыспыт, доҕордоспут, кинилэргэ информатор, кэпсээнньит быһыытынан көмөлөспүт. Саха фольклоругар-номоҕор сыһыаннаах бэйэтэ хомуйбут матырыйаалларын биэрбит. Ол үөһэ ахтыллыбыт учуонайдар үлэлэригэр киирэ сылдьар.
Итини таһынан, П.Е. Готовцев Г.В. Ксенофонтовтыын чугастык доҕордоспута, суруйсубута, киниэхэ көмөлөспүтэ биллэр. Ол суруктара, куоппуйалара эмиэ бааллар. Аны туран, кини Тандаҕа церковнай-приходской оскуоланы арыйтарбыт. Оттон билигин “Хабырылла Дьөгүөрэп туттарбыт” диэнинэн биллэр оскуола дьиэтин бастаан Готовцевтар аҕа ууһа туттаран саҕалаабыттар. Кэлин ону Дьөгүөрэп ситэртэрбит.
Хос-хос эһэм Боотуруускай улууһуттан төрүттээх ойохтоох эбит эрээри, онто эрдэ өлбүт. Кэлин иккистээн ыал буолбатах, онон оҕото-уруута суох. Ол гынан баран, аймахтарыттан түөрт оҕону ылан ииппит. Онтон биирдэстэрэ – мин хаан-уруу хос эһэм Феофан Дмитриевич Готовцев-Атыыһыт Биэкэ. Хомойуох иһин, атын оҕолорун чопчулуу иликпин.
Хос эһэм Ф.Д. Готовцев биллэр, киэҥ сырыылаах атыыһыт, меценат, попечитель, гражданскай сэрии сылларыгар Кыһыл Аармыйаны хааччыйыыга күүстээхтик үлэлээбит, сахаттан биир бастакы кооператор, өрөспүүбүлүкэҕэ кооперацияны олохтоспут киһи. Кини олус элбэх доҕордоох, үөрэттэрбит оҕолордоох буолан, кинилэр хас эмэ сүүһүнэн хаартыскалара биһиги аймахха, билигин миэхэ, хараллан сылдьаллар.
Итини таһынан, Готовцев аймахтан өссө, Феофаны кытта биир аҕа ууһуттан, Гаврил, Иохим уонна Мефодий диэн уолаттар ааттара биллэр. Кинилэр үрүҥ хамсааһыныгар кыттыбыт Индигирскэй дьыалатынан “эриллэн”, күрүүрүгэр көмөлөспүттэрин иһин, 1930-с сс. эдэркээн саастарыгар ытыллыбыттар. Кинилэртэн эмиэ элбэх хаартыска хаалбыт. Мин толкуйдуурбунан, уолаттар Өймөкөөн эҥээр куотуохтарын иннинэ хаартыскаларын Феофан Дмитриевичкэ хаалларбыт эбэтэр кэлин кини бэйэтэ ылбыт буолуон сөп.
Итини таһынан, архыыппар Феофан Дмитриевич уола Пантелеймон Готовцев диэн 23 сааһыгар эрэ бу олохтон барбыт уол түһэрбит хаартыскалара бааллар. Пантелеймон сахалартан биир бастакынан речной техникуму бүтэрбит. Кини оччолорго прогрессивнай өйдөөх-санаалаах буолан, фото-аппараатын илдьэ сылдьан киһи, араас мунньах бөҕөнү үйэтиппит. Ол иһигэр 1920-с сс. Өлүөнэ параходствотыгар сыһыаннаах инньэ 50-ча хаартыската баар.
Хомойуох иһин, Готовцевтар аҕа ууһа бары кэриэтэ эрэпириэссийэ долгунугар оҕустаран, бэл, П.Е. Готовцев уонна кини уола Ф.Д. Готовцев, ааттара тамты умнуллубут. Бэйэлэрэ да ону кистии сатыыллар эбит. Холобур, хос эһэм Феофан 1940-с сс. бүтүүлэригэр өлөрүн саҕана дьонугар: “Ханнааҕы Хотуоһаптартан, ханнык байаҕантайдартан төрүттээххитин үйэҕит тухары эппэт буолуҥ”, – диэн кэриэһин эппит. Кинилэр тустарынан арай биир дойдулаахтара Е.К. Колодезникова, М.Г. Аргунова (Готовцева), А.И. Турантаев эрэ билэллэрэ, аҕыйах докумуону булбуттара мин ийэбэр баара.
Онон, Феофан араспаанньата кини уоллаах кыыһыгар эрэ бэриллибит. Уола, мин ийэбинэн эһэм, Рево Феофанович Готовцев буолар. Ийэм кини соҕотох кыыһа, Раиса Ревовна Готовцева, диэн этэ.
БЫЛЫРГЫ МАЛЛАР, СЭДЭХ ХААРТЫСКАЛАР
– Хос-хос уонна хос эһэбиттэн кэлбит малы-салы, хаартыскалары эбэлээх ийэм сатаан харайан, кэмигэр кистээн даҕаны, күн баччаҕа диэри этэҥҥэ хараллан сылдьаллар, мин илиибэр киирдилэр. Дьиэбитигэр былыргы мал-сал арааһа уруккуттан элбэҕэ. Холобур, академик Э.К. Пекарскай хос-хос эһэм киниэхэ көмөлөспүтүн иһин бэлэхтээбит ыскааба, XIX үйэтээҕи, ис эркинигэр ыраахтааҕылар династияларын мэтириэттэрэ сыһыарыллыбыт хоппо, атыыһыт холбуката, үрүҥ көмүс иһит-хомуос, бэл, хос эһэм атыыһыттыы сылдьан хаалларбыт, дьааһыгыттан да хостоммотох венгерскэй сэппэрээтэрэ, фарфор чайнай пааралар, о.д.а. бааллар. Ону кырабыттан көрө, оонньуу үөрэммит буолан, хойукка диэри улаханнык баардылаабат, баар буолуохтааҕын курдук саныыр, кыһаллыбат этим. Арай бу кэлин, отуппун ааһан эрэ баран, ийэм бу дойдуттан барбытын кэннэ, дойдубар көһөн тахсан баран, дьэ сыаналыыр, ити маллар туох суолталаахтарын өйдүүр буоллум.
Хаартыскалар туһунан эттэххэ... Ойуунускай, Барахов, Алампа, Күлүмнүүр, Николай Неустроев, кини аҕатын, Байаҕантай улууһун дьонун-сэргэтин, о.д.а. ааспыт үйэ саҥатыгар олорон ааспыт саха инэлигиэнсийэтин чулуу дьонун, оччолорго буолан ааспыт бэлиэ түгэннэр хаартыскалара бааллар.
Былырыын саас Уус Алдаҥҥа Тиит Арыыга, Тандаҕа, сайын Бороҕоҥҥо хаартыскаларынан, малларынан быыстапка оҥорбуппут. Онно сылдьан суруналыыс, суруйааччы Гаврил Андросовы уонна Хомус түмэлин үлэһитэ Станислав Афанасьевы кытта билсибитим. Кинилэр былыргы хаартыскалары уонна онно түспүт дьону чинчийэллэр, үөрэтэллэр эбит. Онон кинилэри кытта билсиэхпиттэн, хаартыскалары дьэ сааһылаан, кимнээх түспүттэрин чуолкайдаан эрэбит. Үлэ бара турар.
БУ – НОРУОТУМ БААЙА
– Дьиэ кэргэним архыыбар былыргы баайдартан, атыыһыттартан, үөрэхтээх, Байаҕантай улууһун бас-көс дьонуттан саҕалаан Саха өрөспүүбүлүкэтин төрүттэспит, атаҕар турарыгар көмөлөспүт дьон олус элбэх хаартыската баар. Бу барыта төһө да билигин мин илиибэр, бас билиибэр сырыттар, бу мин эрэ баайым буолбакка, норуоппут устуоруйата, бүттүүн баайа буолар диэн өйдөбүллээхпин. Онон, кэмэ кэллэҕинэ, үчүгэйдик сааһылаатахпына, кэккэ суоллары чопчулаатахпына (олус элбэх бигэргэниэхтээх суол баар), ону бар дьоҥҥо таһаарар, сырдатар, бэйэм дириҥник чинчийэр, үөрэтэр санаалаахпын, былааннаахпын.
Альберт КАПРЫНОВ.
Сүрүн хаартыска: 1924 сыл, Дьокуускай уокуругун Сэбиэттэрин үһүс мунньаҕа.
Хаартыскалар Люция Бурцева тус архыыбыттан.