Киир

Киир

КоАП-ка уонна Холуобунай кодекска блогердарга, коучтарга уонна инфоцыганнарга аналлаах туспа накаастабыл ыстатыйатын киллэрэр былааннаахтар. Ол, сүрүннээн, иһитиннэрэр, сүбэлиир-амалыыр өҥө сокуонун кэһиигэ сыһыаннаах ыстатыйа буолара күүтүллэр. Тустаах уларыйыыны бүгүн, кулун тутар 21 күнүгэр, Госдумаҕа дьүүллэһиэхтэрэ. Эспиэрдэр ити көҕүлээһини өйөөбүттэр эрээри, кытаанах накаастабыл киириэн иннинэ киэҥ дьүүллэһии, кэпсэтии тэриллиэхтээх дииллэр. Ол туһунан “Известия” суруйар.

Албын иһин – эппиэтинэс

Арассыыйаҕа нэһилиэнньэҕэ үөрэх өҥөтүн оҥорор блогердарга туспа накаастабылы киллэриэхтэрин баҕараллар. Ол чэрчитинэн, бүгүн Госдумаҕа РФ КоАП-гар уонна Холуобунай кодексыгар уларытыылары киллэрэр туһунан сүбэлэһэн эрэллэр. Саҥа докумуоҥҥа сурулларынан, ыстатыйа, быһа холоон, маннык ис хоһоонноох буолуохтаах: “Предоставление информационных услуг с использованием дистанционных технологий лицом, не являющимся членом саморегулируемой организации”. Оробуочай      бөлөх быһаарарын судургутук өйдөөтөххө, анал тэрилтэтэ, аккредитацията суох киһи дьону үөрэтиэ суохтаах диэн. Онон, дьону үөрэтиэн баҕалаах блогердар оннук көҥүлү анал тэрилтэттэн ылыахтарын наада.

– Өскөтүн блогер аккредитацията суох өҥөнү оҥорор буоллаҕына, ол өҥө дьоҥҥо куһаҕаннык дьайарын эбэтэр түөкүннүү быһыы буоларын ким даҕаны мэктиэлиир кыаҕа суох буолар, – диэн Госдума үөрэҕириигэ кэмитиэтин салайааччытын бастакы солбуйааччыта Яна Лантратова быһаарар.

Этэр эттэҕинэ эмиэ да сөп курдук. Араас блогердар, коучтар кырдьык-сымыйа аҥаардаах “үөрэхтэриттэн” эмсэҕэлээбит, үбүн-харчытын сүтэрбит, онтон сылтаан хабалаҕа киирбит аҕыйаҕа суох.

Итини таһынан, блогердар үлэлэрин-хамнастарын сүрүннүүн туһугар, бүгүн оробуочай бөлөх “Деятельность по созданию информационных продуктов с использованием дистанционных технологий” диэн туспа коду оҥорон ОКВЭД-ка киллэрэр туһунан быһаарсыахтаах. Аны туран, куочтары уонна интэриниэт-тириэньэрдэри былааска үлэлээн эрэллэрин туһунан иһитиннэриини булгуччу ыыталларын модьуйтарар былааннаахтар.

Биллэн турар, ити киирэрин утарар, утарбат буоллахтарына, олоххо киирэрэ уустук буолуо диир дьон эмиэ бааллар. Холобур, Информационнай биисинэс ассоциациятын дириэктэрэ Григорий Аветов маннык диир:

– Күн бүгүн үөрэх өҥөтүн оҥорорго онто да суох лиссиэнсийэлээх буолар ирдэнэр. Өскөтүн урбаанньыт үөрэтэр, ол түмүгүнэн эксээмэн тутар уонна дьупулуом биэрэр буоллаҕына, булгуччу лиссиэнсийэлээх буолуохтаах. Оттон киһи бэйэтин уопутуттан иһитиннэрэр-сырдатар үлэни-хамнаһы ыытара уонна билэр тиэмэлэригэр сүбэлиирэ-амалыыра – букатын туспа боппуруос.

Аветов этэринэн, ити эйгэ салаата-сарадаҕа, хайысхата олус элбэх. Оттон олорго барытыгар биир халыыбынан сыана быһар, киритиэрийдиир ньыма-мэхэньиисим букатын суох. Онон, ОКВЭД-кэ киллэрэр уонна итинник үлэ-хамнас иһин буруйу олохтуур – уустук суол.

Бэй.кэр.
Хаартыска: istockphoto      

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар