Киир

Киир

2023 с. саа туһунан сокуоҥҥа кэккэ уларыйыылар киирбиттэрэ. Саа-сэп көҥүлүн ылар, илдьэ сылдьар уруккутааҕар лаппа кытааппыта. Холобур, саалаах киһи хаайыллар төрүөттээх (административный арест) административнай буруйу оҥордоҕуна, көҥүлэ тута быһыллар. Сыл устата иккитэ административнай эппиэккэ тардылыннаҕына – эмиэ. Онтон да атын уларыйыы элбэх.
 
Ол туһунан “Кыым.руга” анаан Дьокуускай куоракка уонна Жатайга Росгвардия Саха сиринээҕи управлениетын Лиссиэнсийэни-көҥүлү биэрэр салаатын салайааччытын солбуйааччы, полиция майора Сергей Никитин кэпсээтэ.
 
Никитин СВ
 
ХОНТУРУОЛ КЫТААТАР
 
– Сааҕа-сэпкэ сыһыаннаах улахан уларыйыылар ааспыт сыл кулун тутар 30 күнүгэр киирбиттэрэ. Ити – 2022 сс. ахсынньы 29 күнүгэр ылыныллыбыт 638 №-дээх ФС. Онно элбэх уларыйыы 13, ол эбэтэр көҥүлү ылыыны хааччахтыыр ыстатыйаҕа, киирбитэ. Ол быһыытынан, дьон биһиэхэ “Госуслуги” портал нөҥүө саа көҥүлүн ыларга сайаапка ыыттаҕына (саҥа атыылаһааччылар), биһиги ол киһи туһунан ИДьМ-ҥа уонна ФСБ-га көрдөбүл (запрос) ыытабыт. Кинилэр көҥүл бэриллиэн сөбүн дуу, суоҕун дуу быһаараллар. Өскөтүн ити уорганнартан “көҥүллэммэт” диэн хоруй кэллэҕинэ, киһи икки сыл устатыгар саа ылар бырааба сарбыллар. Үһүс сылыгар биирдэ эрэ сайабылыанньаны саҥаттан суруйуон сөп. Гражданнар тоҕо аккаас кэлбитин туһунан ыйытыылаах буоллахтарына, тустаах уорганнары кытта бэйэлэрэ быһаарсыахтарын сөп.
 
Холобур быһыытынан эттэххэ, ИДьМ элбэхтик сууттана сылдьыбыт, дьиэтигэр-уотугар, олоххо-дьаһахха куһаҕан харахтарыыстыкалаах (ону олохтоох учаскыабайтан сураһаллар), экстремистии дьайыылары оҥорбут, о.д.а. дьоҥҥо аккаан сөп. ФСБ үлэһиттэрэ эмиэ бэйэлэрин үлэлэрин чэрчитинэн бэрэбиэркэлииллэр уонна “саа бэриллэрэ көҥүллэммэт эбэтэр көҥүллэнэр” диэн ыыталлар, биһиэхэ тугун-ханныгын быһаарбаттар.
 
 
АДМИНИСТРАТИВНАЙ ЭППИЭТ ТУҺУНАН
 

 одекс –‘. јдминистративные правонарушени€

– Үөһэ ахтыллыбыт ФС “5.1” пуунугар уларыйыылар киирбиттэринэн, саалаах киһи хаайыллар төрүөттээх (административный арест) административнай буруйу оҥордоҕуна, саатын көҥүлэ тута быһыллар. Холобур, “Кыра күлүгээннээһин” диэн КоАП 20.1 ыстатыйата баар. Ити ыстатыйаны кэспит киһи 500 – 1000 солк. диэри ыстарааптаныан эбэтэр 15 сууккаҕа диэри хаайыллыан сөп. Оннук түбэстэ да, бастакы сырыыттан саата икки сыл болдьохтоох тута былдьанар. Биһиэхэ оннук иһитиннэрии киирдэҕинэ, тута быраабын быһабыт уонна киһи бэйэтэ кэлбэт түгэнигэр, кинини көрдөбүлгэ (розыск) биэрэбит. Ол кэнниттэн кини икки сыл буолан эрэ баран саа көҥүлүн ыларга сайабылыанньа суруйуон сөп.
 
Өссө биир уларыйыы... Өскөтүн суоппар массыынатын арыгы испит киһиэхэ уларыстаҕына эбэтэр бэйэтэ арыгы иһэн баран ГИБДД үлэһиттэрин ирдэбилинэн мэдиссиинэ бэрэбиэркэтин ааһартан батыннаҕына, сааны илдьэ сылдьар бырааба эмиэ бастакы сырыттан тута быһыллар. Оттон ускуорас режимин кэспит эбэтэр сэрэхтээх буолуу курун баамматах киһи хаайыллыбат, киниэхэ ыстараап эрэ кэлэр, онон, саата былдьаммат. Ол гынан баран, ити кэнниттэн киһи биир сыл иһигэр атын ханнык баҕарар административнай эппиэккэ иккиһин тардылыннаҕына, сааны илдьэ сылдьар бырааба тута биир сылга быһыллар, онтун ааһан, сааны илдьэ сылдьыбыт ыстааһа барыта сотуллар. Биллэн турар, итинник түгэҥҥэ хаһаайын доруоп саатын биир сылынан ылыан сөп эрээри, ыстааһа сотуллубутунан, буулдьа саатын кыайан төнүннэрбэт. Итиннэ биир “ноолоох”. Хаһаайын төһө да буулдьа сааҕа бырааба быһыллыбытын иһин, ол саа кини бас билиитэ буоларынан, “нареһын” атыылыан, кимиэхэ эрэ бэлэхтиэн эбэтэр биһиэхэ туттарыан сөп.
 
 
МЭДИССИИНЭ ХАМЫЫҺЫЙАТА
 
cf64946928658f819bcb888f2843dd2d
 
 
– ФС ирдэбилинэн, хас биирдии саалаах киһи биэс сыл буола-буола мэдиссиинэ хамыыһыйатын саҥаттан барыахтаах. Мед-хамыыһыйа ыспыраапката биэс сыл болдьохтоох. Онон, хамыыһыйаны былырыын ааһан саа атыыласпыт киһи, быйыл хамыыһыйаны иккистээн ааспакка, ол докумуонунан саҥа сааны атыылаһыан сөп. Ол гынан баран, маннык буолуон сөп: РОХа-тын болдьоҕо 2025 сылга бүтэр, оттон ыспыраапкатын киэнэ – 2024 сылга. Маннык түгэҥҥэ киһи ыспыраапкатын РОХа-тын болдьоҕо бүтүөн иннинэ уларыттарыахтаах. Өскөтүн умнан кэбиһэн эбэтэр туох эрэ атын төрүөтүнэн уларыппатаҕына, сааны илдьэ сылдьар бырааба эмиэ тута сарбыллар, мед-хамыыһыйаны саҥаттан барыар диэри саата тутуллар. Хамыыһыйатын иккистээн бардаҕына, доруоп саатын төннөрөр эрээри, ыстааһа эмиэ сарбылларынан, “нареһыттан” матар. Онон, ыспыраапка болдьоҕо хаһан бүтэрин саалаах киһи бэйэтэ көрө сылдьыахтаах, биһиги киниэхэ анал иһитиннэриини ыыппаппыт.
 
   
“ХОЛУОБУНАЙГА” ТАРДЫЛЛЫБЫТТАР
 

md-ce36a2b7ea36f9d5b437a0cb315a12f4.jpg

– Урут сааны-сэби туһанан холуобунай эппиэккэ тардыллыбыттар эрэ сааны ылар бырааптара суоҕа. Оттон саҥа уларыйыы быһыытынан, ыарахан уонна ураты ыарахан буруйу оҥорбуттар бары саа көҥүлүн ылаллара бобуллар. Үйэлэрин тухары. Эбэн эттэххэ, урут итинник ыстатыйаларынан сууттаммыт эрээри, саҥа уларыйыы киириэн иннинэ саа көҥүлүн ылбыт дьон бырааптара быһыллыбат. Кинилэр баар сааларын көҥүлүн уһатан биэрэ-биэрэ сылдьыахтарын сөп. Ол гынан баран, саҥа сааны ылар бырааптара суох буолар.
 
Аны маннык буолуон сөп. Киһини утары холуобунай дьыала тэриллэр. Ол тэриллээтин кытта, кини суут уурааҕа тахсыар диэри саатын биһиэхэ аҕалан туттарыахтаах. Оттон буруй оҥоһуллубута дакаастамматаҕына, бырааба быһыллыбакка, ыстааһын сүтэрбэккэ, саатын биһигиттэн кэлэн төттөрү ылыан сөп.
 
Даҕатан эттэххэ, сааны сүтэрдэххэ эмиэ кытаанах миэрэҕэ тардыллыахха сөп. Онон, сүтэрэр түгэҥҥэ, биир хонук иһигэр киһи олорор сиринэн полицияҕа тиийэн сайабылыанньа суруйуохтаах. Аны туран, олорор сир, регистрация уларыйар түгэнигэр, саалаах киһи икки нэдиэлэ иһигэр биһиэхэ иһитиннэрии ыытыахтаах. Тоҕо диэтэххэ, регистрацията суох киһиэхэ саа көҥүлэ бэриллибэт. Онон, административнай эппиэккэ тардыллыбат, сокуону кэспэт туһугар, олорор сиртэн көһөн баран тута саҥа сиргэ регистрацияны ааһа охсубат түгэҥҥэ, саанын уонна РОХа-ны биһиэхэ аҕалан туттарыахха сөп. Кэлин регистрацияланнахтарына онтуларын төттөрү ылаллар, ыстаастара сарбыллыбат, туох да былдьаммат.
 
РОХа-ны уларытарга сыл аҥаарын инниттэн сайабылыанньаны ыытыахха сөп. Хойутаабыта биир ый иннинэ. Онтон хойутаатыҥ да, эмиэ административнай эппиэккэ тардыллаҕын.
 
 
Альберт КАПРЫНОВ. 
Хаартыска: аһаҕас источниктартан.
             
Матырыйаал тахсарыгар көмөлөспүт Росгвардия Саха сиринээҕи салаатын эппиэттээх толорооччута Алексей Сивцевкэ махталбытын тиэрдэбит.