“Туймаада” агрохолдинг хаһаайыстыбалара быйылгы ыһыы хампаанньатыгар тэрээһиннээхтик бэлэмнэнэ сылдьаллар. Ол курдук, агрохолдинг барытын үрдүнэн 3392,1 гааҕа ыһыы ыытыллыахтаах. Ити ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, 386 гектарынан элбэх.
Биирдиилээн хаһаайыстыбаларынан ыллахха:
«Кладовая Олекмы» ХЭТ быйылгы сылга 755 гааҕа ыһыахтаах. Былаан быһыытынан 850 тн от бэлэмниэхтээх. Итини таһынан 2000 тн сиилэс уонна 1450 тн сенаж бэлэмнэнэрэ былааҥҥа баар. Билиҥҥитэ 250 гектар бааһынаҕа хаар типтэрбиттэр. Былаан – 335 гектарга хаар типтэриллиэхтээх.
Агрохолдинг биир улахан хаһаайыстыбата “Туймаада Экоферма” ХЭТ икки отделениеттан турар. Ол курдук тэрилтэ Нөмүгүтээҕи отделениетыгар 830 гектарга, оттон Дьокуускайдааҕы салаатыгар 292,5 гектарга ыһыы ыытыллара былааннанар. Ол былырыыҥҥы иэнтэн 352 гектарынан киэҥ. Бу хаһаайыстыба быйыл 2340 тн оту, 4400 тн сиилэһи уонна 420 тн сенаһы бэлэмниир былааннаах. Билиҥҥитэ 892 гаалаах бааһынаҕа хаар типтэрэр былааннааҕыттан 710 гектарга типтэрбиттэр.
Оттон «Бөртө сылгы собуота» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэҕэ 750 гааҕа ыһыы ыытыллыахтаах. Бу хаһаайыстыбаҕа сыл аайы элбэх оту оттууллар. Быйыл да былаан улахан. Ол курдук, хаһаайыстыба 3000 тн оттуур былааннаах. Итини таһынан 1900 тн сиилэс, 1175 тн сенаж бэлэмниэхтээх.
«Новай сопхуос» аахсыйалаах уопсастыба быйыл бааһынатын кэҥэтэн, 414 гектарга тиэрдиэхтээх. Бу сылга тэрилтэ 300 тн от, 1750 тн сиилэс уонна 460 тн сенаж бэлэмниир соруктаах. Билиҥҥи туругунан 200 гектарга хаар типтэрэн олорор.
Таатта улууһугар баар «Победа» ХЭТ ыһыы иэнин эмиэ кэҥэтэр соруктаах. Ол курдук, быйыл 350 гектардаах бааһынаҕа ыһыы ыытыллыахтаах. Быйыл 1000 тн от, 400 тн сиилэс, 375 тн сенаж бэлэмниир сорук турар.
Бу сааскы хампаанньаны толору ыытарга 412,8 тн сиэмэ, 247 тн минеральнай уоҕурдуу аҕалыллыахтаах. Оттон хаһаайыстыбалар, сүрүннээн, эбиэс, подсолнечник, судан ото, кукуруза ыһар былааннаахтар. Ону тэҥэ элбэх сыллаах кострец диэн оту, олохтоох селекциянан таһаарыллыбыт травосмесь эмиэ ыһыллыаҕа.
Бааһыналары күрүөлээһин быйыл эмиэ ыытыллыаҕа. Ол курдук, агрохолдинг хаһаайыстыбаларыгар уопсайа 29 км күрүө тутуллуохтаах.
Тиэхиньикэни саҥардыы салҕанан барар. Быйыл кыалыннаҕына, 18 тиэхиньикэ араас көрүҥэ атыылаһыллыахтаах. Күүстээх К-742 тыраахтар, “Беларусь” тыраахтардар, сиэйэлкэлэр, минеральнай уоҕурдууну ыһар уонна бырысыаптаах тиэхиньикэ ылыллыахтаах.
Агрохолдинг бааһыналары чөлүгэр түһэрэр үлэтин сыл аайы ыытан кэллэ. Быйыл уопсайа 436 гаалаах бааһынаны чөлүгэр түһэриллиэхтээх уонна 244 гаалаах оттуур сири тупсарыллыахтаах.
Онон агрохолдинг хаһаайыстыбаларыгар турбут сорук балачча. Билиҥҥитэ хаһаайыстыбалар бэлэмнэнии үлэтин кыра-кыралаан саҕалаан эрэллэр. Сиэмэ, уоҕурдуу атыылаһыытыгар кэпсэтии барар. Тиэхиньикэ өрөмүөнэ халлаан сылыйда да, саҕаланыаҕа. Үлэһиттэр бу соругу толорорго бэлэмнэр.
*Төлөбүрдээх матырыйаал