Киир

Киир

Олунньу 13 күнүгэр Эдьигээн улууһугар атыылаһыы судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Попов салайааччылаах бөлөх Бырабыыталыстыба отчуотугар сылдьан Кыстатыам олохтоохторун кытта көрүстэ.

Кыстатыам дьоно-сэргэтэ почта үлэһитэ суох буолан олус эрэйдэммит. Үлэҕэ ылыыга сүүмэрдээһин буолбут эрээри, олохтоохтортон бары ирдэбилинэн толору сөп түбэһэр киһи көстүбэтэх. Онон Кыстатыамҥа "почтаҕа үлэһитин булан ыытаргыт буоллар" диэн туруорустулар.

Маны таһынан, олохтоохтор саҥа оскуола тутуутун боппуруоһа ханна тиийбитин ыйыталастылар. Саҥа оскуола тутуута 2023 сылга өрөспүүбүлүкэ инвестициялаах бырагырааматыгар киирбит диэн буолла.

Аныгы кэм сиэринэн, көрсүһүү биир сүрүн кыһалҕатынан тыа сиригэр Интэриниэт олус бытаана буолла.

 Кэнники сылларга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сибээс син тупса сатаахтыыр. Ол курдук, 94 нэһилиэнньэлээх пуун, ол эбэтэр нэһилиэнньэ 69%-на сибээс волоконно-оптическай лииньийэтигэр (СВОЛ) холбоммут. Саха сиригэр СВОЛ уопсай кээмэйэ 5583 км. 2017 сылга 21 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа Интэриниэт холбоммут. 2010 сылтан бэттэх мобильнай сибээс абоненын ахсаана 1,2 мөл-тэн 1,5 мөн-ҥэ дылы үрдээбит.

Чааһынай дьиэлэри киин ититэр ситимҥэ холбонуу - Эдьигээн улууһугар тыын боппуруос. Бу бырагыраама чэрчитинэн ааспыт сылга Тааттаҕа- 244, Аммаҕа -198, Чурапчыга - 123, Үөһэ Дьааҥыга - 84, Уус-Алдаҥҥа - 84, Кэбээйигэ-77, Горнайга-76 олорор дьиэ холбоммут. Оттон Эдьигээн улууһугар киин ититэр ситимҥэ 23 дьиэ холбоммут.