Киир

Киир

Хаҥалас улууһун Маалтааны ытык сирэ 2015 сылтан Дьөһөгөй Айыы маанылаах оҕолорун – сыспай сиэллээхтэр кистээһиннэринэн туолан, толору дьоллоох олох сүүрээнин тутан турар.Манна “Дьөһөгөй” бааһынай-фермерскэй хаһаайыстыбата аҕыйах сыл иһигэр түөрт уон төбөттөн икки тыһыынчаҕа тиэрдэн тигинэччи үлэлиир. Сылгыһыттар манна олорор, үлэлиир усулуобуйалара холобур буоларын туһунан суруллан да, көрдөрүллэн да турар. Аны бу ааспыт нэдиэлэҕэ “Дьөһөгөй” бааһынай хаһаайыстыбатын бары тутуутугар айылҕа күөх төлөнө киирбитин үөрүүлээхтик аһыы сиэрэ-туома буолла.

Хаһаайыстыбаны төрүттээччи, Саха сирин бочуоттаах мэссэнээтэ Вячеслав Нестеров: “Сылгыһыттар олохторун хаачыстыбатын тупсарар туһугар айылҕа күөх төлөнүн киллэрдибит. Хайа да томороон тымныыга сылгыһыттарбыт үлэ кэннэ быр курдук сылаас дьиэҕэ кэлиэхтэрэ, астарын астаналларыгар оһох отто сатаабакка, конфорканы холбоот күөстэниэхтэрэ. Биһиги бу былааннаабыт үлэбитин тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин фермер дьиэ кэргэни өйүүр бырагырааматын чэрчитинэн киллэрдибит. Улахан махталбын Хаҥалас улууһун баһылыгар Олег Иринеевкэ, тыа хаһаайыстыбатын миниистиригэр Артем Александровка, Россельхозбаан Саха сиринээҕи салаатын дириэктэригэр Василий Тимофеевка тиэрдэбин. Кыстыгы этэҥҥэ туораатыбыт, сотору ыһыы үлэтэ саҕаланыа, онтон окко киириэхпит, ол кэннэ хомуур үлэтэ туруо. Бу курдук үлэбит эргиирэ тохтообот. Билиҥҥитэ 22 үлэһиттээхпит, эбии анал тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэригэр наадыйабыт. Ол инниттэн тыа хаһаайыстабытыгар үлэлиир идэлээх дьону бэлэмниир үрдүк үөрэх кыһатын кытта бииргэ үлэлээн эрэбит”, – диэн бэлиэтиир.

dohogoy 37

Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Артем Александров үлэни-хамнаһы көрөн-истэн улаханнык астыммытын биллэрэр: Өрөспүүбүлүкэҕэ “Дьөһө­гөй” курдук тэринэн олорор атын хаһаа­йыстыба суох. Нэһилиэктэн биэс көс ыраах баар хаһаайыстыбаҕа бу курдук күөх төлөн киирбитэ – улахан ситиһии, бастакы хардыы. Министиэристибэбит дьиэ кэргэн хаһаайыстыбатын өйүүр бырагыраамата бу курдук олоххо киирэ турара хайҕаллаах. “Дьөһөгөй” хаһаайыстыба салайааччыларыгар уустук технология диэбэккэ, үлэһиттэрин олорор усулуобуйаларын тупсарар туһугар гаас киллэттэрбиттэригэр махталбын биллэрэбин”, – диир кини.

Түҥ тыаҕа бу курдук гааһы киллэрбит тэрилтэ салайааччыта Афанасий Лыткин маннык ыраах сиргэ гаас оборудованиетын киллэрии технологията олус уустук буоларын бэлиэтиир.

“Дьөһөгөй” холобуругар былаас уонна урбаан сөптөөх үлэтэ көстөр. Биир соруктаах үлэ бу курдук ситиһиини аҕаларын көрөбүт.

Оттон үлэһиттэр, биллэн турар, үөрүү­лэрэ муҥутуур. “Сылгыһытынан отут­тан тахса сыл үлэлиибин даҕаны, маннык үчүгэй усулуобуйалаах сылгы ха­һаа­йыстыбата баарын билбэппин. Гаас да киириэн иннинэ биһиэхэ барыта үчүгэй, уурбут-туппут курдук этэ. Оттон билигин күөх төлөн киирэн, олох сынньалаҥ буолла. Олорорго циви­лизация көрүҥэ барыта баар: уот, гаас, халадыынньык, тэлэбиисэр, сибээс. Баанньыктаахпыт, сайынын оҕуруот аһын арааһын олордобут. Хамнаспыт буоллаҕына үчүгэй, онон үлэлиэххэ эрэ наада”, – диэн санаатын үллэстэр кырдьаҕас сылгыһыт, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна Виктор Романов.

Күөх төлөн киириитигэр кэлбит ыал­дьыттар “Дьөһөгөй” КФХ киэҥ-куоҥ баазатын, элбэх ахсааннаах тиэхиньикэтин көрдүлэр. Тутуулартан, чуолаан киһи хараҕа ылбат уһуннаах үс бүтэй күрүөлэртэн сөхпүттэрин биллэрэллэр. Ону сэргэ хаһаайыстыба суолун-ииһин тупсарарга ананан оҥоһуллубут даамбаны, муостаны көрөн сөхтүлэр-махтайдылар.

dohogoy 80

Санатан эттэххэ, 2019 сыллаахха “дьөһөгөйдөр” бэйэлэрин күүстэринэн Кэҥэрдиилээх үрэҕи туоруурга анаан даамба туппуттара Маалтааныга баар хаһаайыстыбалары барыларын абыраата.

Ону кытта 2020 сыллаахха Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө маалтаанылар өссө биир бары ыра санаа оҥостубут тутуулара олоххо киирбитэ. Ол – Кэҥкэмэ үрэҕи туоратар бетон атахха турар 32 м уһуннаах, 7 туоннаҕа тиийэр уйуктаах күргэ буолар. Кэҥкэмэ өрүс 4 улууһу – Горнай, Хаҥалас, Нам, Кэбээйи, ону кытта Дьокуускай куораты хабан сытар. Инньэ гынан, бу тимиртэн-бетонтан тутуллубут Маалтааныга суос-соҕотох күргэ элбэх дьоҥҥо абырал буолан турар.

Бу курдук дьиҥ-чахчы сылгы куттаах ыччат сахалыы сиэри-туому тутуһан, өбүгэ төрүт дьарыгын ис сүрэҕиттэн ылынан үлэлиир буолан, үлэ бииртэн биир үтүө түмүгү биэрэр. Ону “Дьөһөгөй” тус холобура кэрэһилиир.

А. Шадрина.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар