Киир

Киир

Ньурба улууһун Октябрьскай нэһилиэгиттэн 1941 – 1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 228 киһи ыҥырыллыбыта. Кинилэр уоттаах сэриигэ бэйэлэрин харыстаммакка кыргыспыттара. 99 саллаат сырдык тыынын толук уурбута, сорохтор сураҕа суох сүппүтэ. Сэрии хонуутуттан араас сылларга 145 саллаат, үксүлэрэ ыараханнык бааһыран, эмсэҕэлээн төрөөбүт түөлбэлэригэр эргиллибиттэрэ. Тыыннаах ордон кэлбит сэрии кыттыылаахтара баастарын оһоруна түһээт, эйэлээх олоҕу уһансыбытынан барбыттара. Элбэх сэрии бэтэрээниттэн күн бүгүн нэһилиэккэ биһиги кэккэбитигэр биир да тыыннаах киһи суох. Ол эрээри кэнэҕэски ыччат, нэһилиэкпит олохтоохторо “маннык үтүө дьон, боростуой тыа ыалын уолаттара, аҕалара, эһэлэрэ олорон ааспыттара” диэн үтүө өйдөбүлү билиэхтээхтэрэ – Ытык иэстэрэ.

Биһиги аҕабыт Николай Петрович Саввинов 1924 с. ыам ыйын 22 күнүгэр Ньурба улууһугар төрөөбүтэ. Түөрт саастааҕар аҕата өлөн, аҥаардас ийэҕэ соҕотох иитиллибитэ. Оччотооҕу эрэйдээх-буруйдаах олох бары кыһалҕаларын кыра оҕо сааһыттан этинэн-хаанынан эрдэ билээхтээбитэ. Араҥастаах, Ньурба 1 №-дээх оскуолаларыгар үөрэммитэ. Тохсус кылааһы бүтэрбит сайыныгар, 1942 с. атырдьах ыйын 22 күнүгэр, Ньурба-Дьаархан суолун үлэтигэр үлэлэһэ сырыттаҕына, сэриигэ барар бэбиэскэни туттарбыттара. Быйыл кини төрөөбүтэ 100 сылын көрсө, Николай Петрович бэйэтэ суруйбут ахтыытын билиһиннэрэбит.

IMG 20240506 WA0026

НИКОЛАЙ ПЕТРОВИЧ САВВИНОВ АХТЫЫТА

Кыһыл Аармыйа кэккэтигэр Мальта ыстаансыйатыгар сулууспалыы сырыттаҕына, Монголияҕа станковай пулеметчиктар роталарыгар ыыппыттара. Салгыы сүүмэрдэнэн, Сретенскэйдээҕи байыаннай училищеҕа курсанынан ылбыттара. Бастаан икки тыһыынчаттан тахса буолан үөрэммиттэр, онтон 900-тэн эрэ ордук киһи бүтэрбит.

Аҕа дойдуну көмускуур Улуу сэрии фронугар 1942 с. атырдах ыйын 22 к. ыҥырыллан барбытым. Бастаан Мальта-Чита тимир суол ыстаансыйатыгар тиийэн сулуусталаабытым. Онно сулууспалыы сырыттахпына, Монголияны кытта быысаһар Соловьевск диэн ыстаансыйаҕа ыыппыттара. Манна станковай пулемёт ротатыгар сулууспалыы сырыттахпына, аны Сретенскэй куоракка хамандыырдары үөрэтэр байыаннай училищаҕа ыыппыттара. Бу училищаҕа бастаан 2 тыһыынчаттан тахса киһи үөрэнэн баран, бүтэрбитигэр, 1944 с., 900-тан эрэ тахса киһи буолан хаалбыппыт.

Сретенскэй училищетыгар миигин кытта билигин Өҥөлдьө оскуолатын дириэктэрэ буолан олорор Дмитрий Иванович Павлов, билигин Үөһээ Бүлүү физмат оскуолатыгар учууталлыыр Василий Саввич Ксенофонтов уо.д.а. оройуоннартан үөрэммиттэрэ.

Училищены бүтэрбиттэри үс бөлөххө араарбыттара: бастакы бөлөх I Украинскай фроҥҥа, иккис бөлөх – II Прибалтийскайга, үһүс бөлөх – Ленинградскайга тыырыллыбыттара. Мин I Прибалтийскай фроҥҥа сулууспалыырга анаммытым.

Ыйтан ордук айаннаан, муус устар бүтэригэр 43-с аармыйа офицерскай полкатын резервэтигэр тиийбитим. Бу офицерскай полкага биһигини билиҥҥи тактикаҕа бэлэмнээн бараннар, фронт инники кирбиитигэр атаарбыттара. Мин бэс ыйын 15 күнүгэр фронт инники лииньийэтигэр тиийбитим. Аҕа дойду сэриитэ саҕаламмыта 3 сылын туоларыгар анаан көҥү көтүүлээх кимэн киирии бэлэмэ бара турар этэ. Түүннэри-күнүстэри сэрии сэбин таһыы, сэриилэһэр чаастары чугаһатыы ньиргиэрдээх үлэтэ күөстүү оргуйара. Уодаһыннаах кимэн киириигэ бэлэмнэнии киһи хараҕар көстө биллэрэ.

Көҥү көтүү буолуон биир хонук иннинэ, сэрии саҕаламмыта 3 сылын туолуутунан сибээстээн, I Прибалтийскай фронт командующайа, генерал Баграмян бирикээһэ ааҕыллыбыта.

Онно этиллэрэ: “Өстөөх оккупациялаан олорор территориятыгар хас биирдии квадратнай миэтэрэҕэ биирдии сэнэрээти дэлби тэптэрэргэ”, – диэн.

Тыҥааһыннаах, күүтүүлээх күммүт 1944 с. бэс ыйын 22 күнэ үүммүтэ. Сарсыарда икки чаастан ордук бириэмэ устатыгар араас калибрдаах артиллерия өстөөх оборуонатын үлтү урусхаллаата. Үөһээ салгынтан өстөөх оккупациялаабыт территорияларын аата-ахсаана биллибэт сөмөлүөт буомбалаата. Үөйбэтэх-күүппэтэх сиртэн араас калибрдаах пушкалар эһиннилэр. Күн көстүбэт күдэригэ буолла, сирбит-дойдубут акыйаан уутунуу дьалкыйда, киһи сиргэ тулуйан сыппат уот байҕала үөскээтэ. Бу айылаах буола турдаҕына, “Иннигит диэки – атаакаҕа!” диэн бирикээс кэллэ. Саллааттар халҕаһалыы анньан, “Ийэ сирбит туһугар!”, “Сталин туһугар!” диэн хаһыытыы-хаһыытыы, атаакаҕа турдулар. Дьэ, онно көрөн турардаахпын, биһиги албан ааттаах буойуннарбыт төрөөбүт Ийэ дойдуларын көмүскэлигэр олохторун харыстаабакка өстөөхтүүн дьоруойдуу охсуһалларын.

Сэриигэ киирэрбэр миигин 156 дивизия 530 стрелковай полкатын бастакы батальонун бастакы ротатын иккис взводун хамандыырынан анаабыттара. Биһиги взводпугугар 5 – 6 араас омуктар сулууспалыыра. Биһиги бары бүттүүн эйэ дэмнээхтик, бэйэ-бэйэбитин ытыктаһан, эрэнсэн сылдьан, бойобуой бирикээһи толорорбут.

Стрелковай взвод эбии бэриллибит күүстүүн 40-ча киһиэхэ тиийэр этэ. Бачча дьону аһын-таҥаһын, сэриитин сэбин хааччыйан бойобуой бирикээһи толорор күнүн-дьылын уонна бириэмэтин аахсыбакка, киирии бириэмэтигэр сүрдээх ыарахан этэ.

Биир дэриэбинэни ылыыга бүтүн взводтан төрдүөйэх эрэ буолан хаалбыппыт. Өстөөх элбэх тиэхиньикэтин уонна саллаатын урусхаллаабыппыт, биһигиттэн эмиэ аата ахсаана биллибэт сүтүк баара...

Ол да буоллар, саҥа күүс-көмө кэлиэр диэри тулуйбуппут. Бу кыргыһыыга мин аптамаатым затвора хамсаабат буолбут этэ. Итини таһынан, солдатскай лаппаакым угун быһа (тосту) ытан кэбиспит этилэр. Ити түбэлтэттэн көстөрүн курдук, бу дьоллоох олохпут төһө сыранан уонна эдэр ыччат хаанынан толуктанан көмүскэлэммитэ буолуой?

Сэрии хонуутуттан 1944 с. от ыйын 10 күнүгэр хаҥас илиибин өстөөх снайпера тосту ытан туораабытым. Өр кэм устатыгар байыаннай госпиталга эмтэнэн баран, 1945 с. хамсаабат илиилээх төрөөбүт сирбэр эргиллэн кэлбитим. Аармыйаттан эргиллэн кэлэн баран, өр кэм устатыгар сэриигэ ылбыт бааспын эмтэппитим. Доруобуйам куһаҕан да буоллар, эдэр ыччаты иитиигэ-үөрэтиигэ кыанарбынан кыттан барбытым.

Сэриигэ сылдьыбыт уонна сэрии кэнниттэн сыралаах үлэбин Сэбиэскэй бырабыыталыстыба үрдүктүк сыаналаан, маннык наҕарааданан бэлиэтээбиттэрэ: “Хорсунун иһин”, “Германияны кыайыы иһин”, Сэбиэскэй сэбилэниилээх күүс үөскээбитэ 50 уонна 60 сылын туолар мэтээллэринэн, “Үлэ бэтэрээнэ”, Кыайыы 20, 30 сылларынан үбүлүөйдээх мэтээллэринэн.

Эйэлээх олох тутуутугар төһө кыаҕым баарынан кыттаммын, 1970 с. “В.И. Ленин төрөөбүтэ 100 сыла” туолар үбүлүөйдээх мэтээлинэн, 1960 с. “Норуот үөрэҕириитин туйгуна” бэлиэнэн, 1965 с. улуустааҕы райсовет исполкомун Бочуоттаах кинигэтигэр киирбитим. 1965 с. Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бүрүсүдьүүмүн Бочуоттаах кыраамататынан наҕараадаламмытым. 1975 с. “Саха АССР үтүөлээх учуутала” аатын иҥэрбиттэрэ.

Билигин Антоновка орто оскуолатыгар 1951 с. үөрэх дьылыттан быыстала суох эдэр ыччаты үөрэтэ-иитэ сылдьабын.

Тохсунньу ый 30 күнэ, 1984 сыл.

Н.П. Саввинов оҕолоро, сиэннэрэ.

Санааҕын суруй