Киир

Киир

Бэс ыйын 14 күнүгэр куйаар ситим (интэриниэт) хол­боһуга Норуоттар икки ардыларынааҕы “официальнайа” суох блогердар бырааһынньыктарын бэлиэтиир. Социальнай ситимнэри “өҥөйөн” көрдөххө, үгүс блогердар сүгүрүйээчилэриттэн эҕэрдэ эгэлгэтин туталлар, үөрэллэр-көтөллөр. Ол аата, сэрэйдэххэ, дьон-сэргэ билиниитин ылынан эрдэхтэрэ.
 
 
Дьэ, бу кимнээхтэрий? “Блогердарбыт” дэнэр дьон араас социальнай ситимнэргэ, куйаар ситимҥэ бэйэлэрин ураты быһыылаах, араас таһымнаах “контеннары” оҥороллор. Бу – бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаспат ис хоһоонноох биэрии, хаартыска, видео, суруйуу, “подкаст” онтон да атын матырыйаал буолуон сөп. Блогердар бэлиитикэттэн, устуоруйаттан саҕалаан муодаҕа, оҕону иитиигэ, аска-үөлгэ, дьиэ-уот тутуутугар, о.д.а. киһи ааҕан сиппэт араас тиэмэтигэр туһуламмыт блогтаахтар. Кинилэр аудиториялара: араас интэриэстээх, олоҕу көрүүлээх дьон. Үгүс эдэр ыччат бэйэтэ бас билэр блогтаах буолан, угуйугунан киирбит үбүнэн хамнастанар, үлэлээбэккэ онон эрэ айаҕын ииттэн олоруон сөп. Онон, ким улаҕалаах өйдөөх, сытыы-хотуу, киирбит-тахсыбыт – аныгы үйэҕэ социальнай ситиминэн ииттинэн олоруон сөп.
 
***
 
Нарыйаана ТАТАРИНОВА, оҕотун көрөн олорор дьиэ хаһаайката:
 
Нарыйаана Татаринова
 
– Бэйэлэрин тус санааларын аһаҕастык суруйар, араас табаары эбэтэр туһалаах өҥөнү кэпсээн, угуйугу уонна сонуну тэрийэр дьон үйэтигэр олоробут. Тус бэйэм туһалаах сонуннаах блогердары көрөбүн. Холобура, уопуттаах айанньыттар, бэйэ айымньытын суруйар дьоҕурдаах дьон, дьиэни-уоту тэрийэргэ туһаайыллар тэттик сүбэлэрдээх хаһаайкалар эбэтэр билим ханаалларын сэҥээрэбин. Быстах ас-үөл, таҥас-сап, ол-бу тиэхиньикэ туһунан сырдатар блогердары көрбөппүн. Кэлиҥҥи кэмҥэ устуоруйаны, экэниэмикэни уонна доруобуйа харыстабылыгар анаммыт сигэлэри ордук сэҥээрэбин.
 
Угуйуктары дуостал көрбөппүн. Ол эрээри бэйэм ити эйгэҕэ сыстаҕас буолан, ис хоһоонун, ролик оҥоһуллубут ньыматын уонна уопсай тутулун, ону тэҥэ оруннаах кэнсиэпсийэтин бэлиэтии көрөөччүбүн. Онтон ордук туһаммытым суох.
 
Блогер диэн, дьиҥэр, киэҥ билиилээх-көрүүлээх уонна дириҥ толкуйдаах киһи буолуохтаах. Бэйэтин тус аудиториятын билиэхтээх уонна тус контенын онно анаан оҥоруохтаах. Сымыйаны тарҕатан, дьон санаатынан оонньуо суохтаах. Бэйэтин ис кыаҕын билинэр блогер бэрт таһаарыылаах уонна үйэлээх, ис хоһоонноох матырыйааллары бэлэмниир.
 
***
 
Анна Иванова, Дьокуускай куорат олохтооҕо:
 
Блог
 
 
– Социальнай ситим блогердарын сырса сылдьан көрбөппүн, истибэппин. Интэриэһим сүппүтэ. Тоҕо диэ? Ааспыт сыл ахсынньытыгар, Саҥа дьыл аҕай иннинэ, таһырдьа -50 кыраадыс аам-даам тымныыта сатыылаан турдаҕына, биир Мария диэн ааттаах биллэр блогер бобуулаах ситимҥэ Покровскай аартыгар баар биир маҕаһыын иһитин-хомуоһун хайҕаан, угуйан кэпсээтэ. Дьиҥэр, ыскаабым иһэ толору иһит-хомуос. Өйүм бааллан эбитэ дуу, биир ханнык эрэ иһити ылаары оптуобуһунан айаннаатым. “Три лимона” маҕаһыыҥҥа тиийбэккэ бэттэх түстүм. Хата тохтобул чугас буолан абыраабыта. Ааттаан-суоллаан кэлбит маҕаһыыным бары муннугун, долбуурун хасыһан, ол баҕалаах иһиппин булан ылбытым, доҕо-оор, босхо биэрбиттэрин да иһин ылбат дьаабы табаарым буолан хомотто, кэлэттэ. Ол дьахтар бэйэтин социальнай ситимигэр кэпсиирэ, көрдөрөрө “алдьархайдаах” үчүгэй этэ, кустук сэттэ өҥүнэн оонньуур гына кэпсээбитэ. Бачча ыраах кэлбит кыһыым да баар, “саатар, тугу эмэ ылан төннүбүт киһи” диэн, ону-маны ылаары көрө сатаан кэбистим... Аны тохтобулга тахсан чаас аҥаарын устата оптуобуһу кэтэстим. Онтон ыла бобуулаах ситимҥэ блогердар угуйуктарын көрбөппүн уонна букатын итэҕэйбэппин. Ол дьахтарга ытыктабылым тута сүппүтэ. Киниттэн “отпискаламмытым”! Ол кэннэ “атыылара, табаардара барбат буолан ыксаабыт маҕаһыыннар блогердар өҥөлөрүнэн туһаналлар эбит” диэн түмүккэ кэлбитим.
 
Антонина Харитонова, Нам улууһун, Хамаҕатта нэһилиэгин “Түһүлгэ” норуот айымньытын киинин дириэктэрэ:
 
– Блогердар биир өттүнэн эмиэ да үчүгэйдээхтэр. Тоҕо диэтэххэ, сонуну-саҥаны кэпсииллэр-ипсииллэр, көрдө­рөллөр. Блогердар диэн араас-араас хайысхаҕа баар буоллахтара. Кинилэр биир сүрүн өрүттэрэ “маннык үчүгэй баар, ити туһалаах, бу наада” диэн дьону көҕүтэллэр, саҥаҕа-сонуҥҥа сирдииллэр, сырдаталлар, хараҕы аһаллар. Ол курдук, үчүгэй даҕаны, мөкү даҕаны өрүттэри көрдөрөллөр. Онон блогердар ыытар үлэлэрин мин, бастатан туран, дьону сэргэхситии, харахтарын аһыы курдук көрөбүн.
 
Ол эрээри, кинилэр таһаарар угуйуктарын адьас сэҥээрбэппин, көрбөппүн, тугу даҕаны туһаммаппын, туһана да иликпин. Ханнык баҕарар блогер, холобур, маҕаһыыннары хайҕаан дьону угуйар буоллаҕына, кинилэр табаардарын төһө эрэ бырыһыанын чэпчэки сыанаҕа ылар, кинилэргэ “партнер” буолар буоллаҕа. Онон “наһаа көстөн турар сымыйаны угуйбаттара буолуо” диэн итэҕэйиэҕи баҕарыллар.
 
Аны, сорох блогердар бэйэлэрин тус олохторун көрдөрөллөрүн соччо сөбүлээбэппин. Сэҥээрэр дьон, баҕар, туох эрэ үчүгэй өрүтү бэйэлэригэр “сиидэлээн” ылаллара буолуо. Үгүс блогер сыала-соруга: бэйэтигэр элбэх “сурутааччыны” хомуйан эбии дохуоттаныы. Ол эрээри сорохтор сымыйанан-кырдьыгынан блогердаабыта буолан, харчы тардыалаһа сатыыллара наһаа бэрдэ суох көстүү.
 
Тус бэйэм олоҕор ситиһиилээх эдэр ийэ Алена Ядреева блогун сэҥээрэ ылынабын, көрөбүн. Кини бэйэтэ балет оскуолалаах, оҕолорун уу сахалыы эйгэҕэ иитэр. Билиҥҥи эдэр ыччакка холобур буолар.
 
***
 
Марина Платонова, фрилансер, Дьокуускай куорат олохтооҕо:
 
20180813 165002
 
 
– Урут ситимнэргэ санаабын үллэстэр эрдэхпинэ, сорох блогердары син онон-манан ааҕарым, сэҥээрэрим. Оттон онно угуйук кыбыллыбыт буолла да, салгыы интэриэһим сүтэр, сэҥээрбэппин. Ким хайдах эбии хамнастанара бэйэтин дьыалата эрээри, атын дьон өҥөтүн, табаарын үрүт үөһэ рекламалыыры соҥнооһун курдук ылынабын. Туһалаах, хаачыстыбалаах табаар, өҥө угуйуга да суох атыыланар, сонун буолан тарҕанар.
 
“Ахсааннаах блогер тус санаатын сатаан тиэрдэр” дии саныыбын. Олоххо быһаччы туһаммыт ньымаларын сүбэ курдук үллэстэллэрэ ордук тиийимтиэ буолар. Оттон сорохтор бэйэлэрин мөссүөннэрин, тугу кэппиттэрин, аһаабыттарын кэпсииллэрэ миэхэ адьас сатаан өйдөммөт. Оҥоһуу, тупсарыныы, тас көстүүгэ үлүһүйүү – ис дууһа таһымын намыһаҕын бэлиэтэ.
 
***
 
Марта Николаева, биэнсийэлээх, Дьокуускай куорат олохтооҕо:
 
Марта Николаева
 
 
– Блогердары наһаа эккирэтэн көрбөппүн эрээри, тарбахха баттанар блогеры мэлдьи сэргээн көрөбүн. Саха сиригэр саамай элбэх сурутааччылаах Клим Федоровы, Владимир Дормидонтовы, Далаананы, Дьүрүйээнэни мэлдьи көрөбүн. Бу блогердар олус интэриэһинэйи кэпсииллэр.
 
Холобур, айанныан баҕалаахтарга Клим Федоров сонуннара наһаа интэ­риэһинэйдэр, элбэҕи билэҕин уонна билэр дьоммун кини устуутугар элбэҕи түбэһэн көрөбүн, онон – сэргэх. Ааспыт нэдиэлэҕэ Клим Федоров туристары Амма турбазатыгар илдьэн түһэрдэ. Онно Аммалыыр суол-иис туругун, төһө бэрдин кини сонунуттан көрөн биллим. Тоҕо диэтэххэ, бу күннэргэ Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллаары турар. Онно айанныыр суол туругун билиэн баҕалаах дьон элбэҕэ өйдөнөр. “Сайын биир күн сайылыкка” диэн тэрээһинигэр тахсыахпын баҕардым.
 
Владимир Дормидонтов, Дьүрүйээнэ тас дойдуларга кэнсиэргэ кытталларын, хомуспутун Аан дойду дьонугар-сэргэтигэр билиһиннэрэллэрин сэргии көрөбүн, киэн туттабын. Ол курдук, Владимир Дормидонтов Туркменистаҥҥа сырыытын туһунан, хайдах кыттыбытын көрдөрбүтүн олус астыммытым. Далаана сонуннарын эмиэ сэргиибин. Ордук дьиэ кэргэнигэр, оҕолоругар сыһыанын, тугу астаабытын кэпсиирин сэҥээрэбин. Дьиэ кэргэнинэн айылҕаҕа сырыытын, сир астыырын хайгыы ылынабын. Маны сэргэ, Сунтаартан Тускулаана сонуннарын мэлдьи биһирии көрөбүн. Кини суруйар, айар эйгэ үлэһитэ буолан, төрөөбүт тылынан кэпсиирэ-ипсиирэ истэргэ астык. Онон бу блогердары астынабын уонна кинилэр кэпсээннэриттэн элбэҕи туһанабын. Холобур, Клим Федоров тэрийэр сырыытын интэриэһиргээн, кини бөлөҕүн кытары Сочинан, Абхазиянан сылдьыбытым. Бииргэ сылдьыбыт бөлөҕүм дьонун кытары билиҥҥэ диэри мэлдьи билсиһэ олоробут. Мин, дьиҥинэн, элбэх блогеры көрбөппүн. Оттон бу ахтан аһарбыт блогердарбар – итэҕэйэбин.
 
***
 
Сардаана Окоемова, эбии үөрэхтээһин педагога, Дьокуускай куорат:
 
Сардана Окоемова
 
– Туһалааҕы сүбэлиир, олох үчүгэй өрүтүн көрдөрөр блогердары сэҥээрэн көрөбүн. Сорохторун саарбахтыыбын, ол иһин итэҕэйэр, эрэнэр блогердарбын эрэ көрө сатыыбын. Ордук Клим Федоровы сөбүлээн көрөбүн. Кини доруобуйатынан хааччахтаах дьоҥҥо элбэхтик көмөлөһөрүн истэ-билэ сылдьабыт. Дьоҥҥо истиҥ сыһыана, туһалаах сүбэтэ, көрдөөх кэпсээнэ болҕомтону тардар. Аан дойду кэрэ сирдэринэн дойдутун дьонун илдьэ сылдьан күүлэйдэтэрин сөҕө-махтайа, хайгыы ылынабын. Аҕам саастаах саха дьоно, саастарыттан тутулуга суох, кинини кытта хайдах курдук үөрэ-көтө, дуоһуйа сылдьалларын манньыйа, таптыы көрөҕүн. Мин онтон үөрэбин, махтанабын. Тоҕо диэтэххэ, эдэр дьон эрэ барыта сааһырбыт төрөппүттэрин онон-манан илдьэ сылдьан күүлэйдэтэр бириэмэлэрэ, үптэрэ-харчылара да суох буолуон сөп. Маны тэҥэ, саастаах дьон элбэх буолан бөлөҕүнэн сылдьаллара кинилэргэ быдан интэриэһинэй, үөлээннээхтэриниин алтыһаллара үчүгэй бөҕө буоллаҕа.
 
***
 
Василий Степанов, Бүлүү куоратын олохтооҕо:
 
4 1 1
 
 
– Дьэ, интэриниэт үйэтэ сайдан, социальнай ситимнэр баар буоланнар “ким сүрэхтээх барыта” диэбит курдук бэйэтин “блогер” диэн дорҕоонноохтук ааттанан, биир күнүнэн, түүнүнэн “сулус” буолан уһуктар, аатырар-сураҕырар кэмигэр олоробут. Дьэ, дьикти кэм кэллэ. Баҕар, сайдыы кэрэһитэ буолуо да эрээри... Биир бэйэм саас, күһүн бултаан-алтаан, сайынын оттоон-мастаан, сүөһү-ас көрүнэн олорбутум быдан астык курдук.
 
Билигин оҕотуттан оҕонньоругар диэри төлөпүөҥҥэ хам хатанан олороллорун туһанан “блогер” диэн чыыннанан-хааннанан эрдэхтэрэ. Биир бэйэм улаханнык сэҥээрбэт, биһирээбэт дьарыгым. Кинилэр да угуйуктара суох маҕаһыыҥҥа күн талбыт аһа-таҥаһа, баҕарбыт табаара, тиэхиньикэтэ барыта кутуллан турар. Кинилэр дохуот киллэринэр туһугар эттэхтэрин-тыыннахтарын аайы төттөрү-таары сүүрэкэлиир кыах да, баҕа да суох. Былыр да билигин да киһи сиэринэн олорбуппут курдук олоробут, үлэлиибит-хамсыыбыт, үүнэр күнү эрэллээхтик көрсөбүт.
 
Бэлэмнээтэ Саргылаана БАГЫНАНОВА.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар