Киир

Киир

Соцситимнэргэ “Хатастааҕы сибиинньэ иитэр комплекс сабыллан эрэр. Хаарыан бородууксуйа, харчы барыта бырааһынньыктарга ыытыллан, эстэн эрэр. Бэйэ олохтоох аһын-үөлүн оннугар омук аһын аҕалан доруобуйабытын кэбирэтиэхтэрэ” диэбит курдук, көрдөрөн туран сымыйанан кэриэлийэр, суҥхарар суруйуулар тахсаллар. Оттон Хатастааҕы сибиинньэ иитэр комплекс сабыллыбыт биричиинэтин “Туймаада” ФАПК салайааччыта Пётр Ефремов маннык быһаарар:

– Бу  комплекс тутуллубута 41 сыл буолла. Быһааран эттэххэ, сибиинньэ комплекса 25–30 сылга суоттанан тутуллар. Хатас комплекса болдьоҕун төһө эмэ аһарда, үйэтин моҥоото. Икки сыл устата турар сирин туругун, ирии төһө дириҥник барбытын хас да институкка чинчийтэрбиппит. Ирбэт тоҥмут куорпустар анныларынан 8–16 м дириҥҥэ диэри ирбит. Былыыкка, кутаҕа турар курдук буолбут – хаһан баҕарар сууллар кутталламмыт. Онон “саҥа комплексы тутар кыах баар дуо?” диэн боппуруоһу Ил Дархаҥҥа, Бырабыыталыстыбаҕа туруорбуппут.  Өйөбүл ыламмыт, саҥа комплекс тутуутугар үлэлэһэ сылдьабыт.

Аны туран, олох биир сиргэ турбат: сибиинньэни иитэр технология улаханнык уларыйда. Хатастааҕы комплекс эргэ технологияҕа ананан тутуллубут буолан, илии үлэтэ элбэҕэ, онон аныгы комплекстардааҕар 5–6 төгүл элбэх үлэһит наада этэ. Ол  бородууксуйа сыанатын төһө эмэ ыаратара. Саҥа комплекска сибиинньэ этин сыаната чэпчиэхтээх.

Тутууга Уһук Илин сайдыытын министиэристибэтэ, Уһук Илин сайдыытын корпорацията көмөлөһүөхтээхтэр. Бырабыыталыстыба, экэниэмикэбит министиэристибэтэ ол тэрилтэлэрдиин комплекс тутуутугар үлэлэһэ сылдьаллар. Барыта этэҥҥэ быһаарыллан хааллаҕына, саҥа комплекс 2027 с. маҥнайгы аҥаарыгар үлэҕэ киириэхтээх. Дьокуускай мээрийэтиттэн сир учаастагын ыллыбыт. Ирбэт тоҥун харыстыырга аныгы технологиянан сирин алдьаппакка, үрдүгэр буор сыттыктаан, ол үрдүгэр сылааһы аһарбат матырыйааллары ууран, эмиэ 40-ча сыл барар гына тутуллуохтаах.

– Оччоҕо хас да сыл сибиинньэбит этэ биллэ аҕыйыыһы дии?

– Кэтэх хаһаайыстыбалар эрэ сибиинньэлэрин этэ баар буолуо. Эһиил М.Е. Николаев саҕана курдук,  түргэнник ситэр салаалар бырагыраамаларынан  нэһилиэнньэҕэ сибиинньэ оҕотун эрдэттэн аҕаларга үлэлэспит киһи диэн санаалаахпыт.

– Кэлин кытайдарга экспордыахпыт диэн былаан кыаллыа дуо?

– Саҥа комплекс иккис сылыттан атыыта-эргиирэ үчүгэйдик  таҕыстаҕына, сибиинньэ этин экспортыырга толору кыах баар. Билигин аан дойдуга Африка чумаатын курдук сыстыганнаах ыарыы элбэх. Саха сирэ тыйыс килиимэттээх буолан, ити ыарыыны киллэрэ илик, онон “сибиинньэ этин дэлэтэргэ ыраас сир” диэн ааҕыллар. Үчүгэйдик харыстаннахпытына, сибиинньэ комплекстарыгар, көтөр баабырыкаларыгар туораттан кими да киллэрбэккэ көмүскэннэхпитинэ, ыарыыта суох ыраас эт буолан, өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр барар кыахтаах.

“Туймаада” ФАПК.