Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков олунньу 14 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Доллу нэһилиэгэр култуура киинин таас дьиэтин аһыллыытыгар кытынна.
Саҥа объект «Сахам сирэ - ХХI үйэҕэ» үтүө дьыала хамсааһынынан тутулунна. Бу киин элбэх хайысхалааҕынан манна бибилэтиэкэ уонна почта кыттыһан үлэлиэхтэрэ. Кулууп аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир толору хааччыллыылаах, 150 миэстэлээх кэнсиэрдиир саалаалаах. Үҥкүүнэн дьарыктаныыга туспа саала көрүллүбүт. Тутууну доллулар биир дойдулаахтара, «Мегастрой» тэрилтэ салайааччыта, СӨ үтүөлээх тутааччыта Алексей Стручков салайан ыытта.
Манна даҕатан эттэххэ, нэһилиэккэ соторутааҕыта «Тумул» кэпэрэтиип саҥа хотонун иккис уочарата үлэҕэ киирбитэ. Нэһилиэк таас оҕо саадтаах, таас оскуолалаах, аны таас култуура киинэ баар буолла.
Норуот күүһүнэн саҕаламмыт тутууга нэһилиэк, улуус салалтата бүттүүн ылсан, дьокутааттара – Ил Түмэн спикерэ Александр Жирков үлэ хаамыытын сүрүннээн, тус хонтуруолугар ылан, култуура киинэ силигин ситтэ.
Саҥа объекка киирии сиэрин-туомун сцена бэтэрээнэ Анатолий Скрябин алгыһынан арыйда. Аалай лиэнтэни Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков, Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Николай Старостин, «Сахам сирэ - ХХI үйэҕэ» хамсааһын отделын начальнига Алексей Петров, култуура киинин дириэктэрэ Акулина Власова кырыйдылар. Ол кэннэ ыалдьыттарга саҥа, сырдык, сылаас дьиэ устун экскурсия оҥордулар, олохтоох маастардар үлэлэрин быыстапкатын көрдөрдүлэр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков мустубут дьоҥҥо эҕэрдэ тыл этэригэр бу дьиэ тутуутун туруорсубут уонна санаатын ууран үлэлэспит, саҕаласпыт Иннокентий Птицыҥҥа, нэһилиэккэ күттүөннээх үлэ барыытыгар өрүү көмөлөһөр Таисия Десяткинаҕа, Ефим Стручковка, улуус салалтатыгар Николай Старостиҥҥа, Андрей Находкиҥҥа, бу тутуу барыытыгар үлэлэспит кэллиэгэлэригэр: Ил Түмэн дьокутааттарыгар Александр Романовка, Юрий Баишевка, тутууну ыыппыт Алексей Стручковка, тутааччыларга уонна нэһилиэк олохтоохторугар махтанна.
«Ис көрүҥүнэн, тас өттүттэн да көрдөххө, үчүгэйдик, тупсаҕайдык, чахчы бар дьону түмэр сырдык киин буоллун диэн баҕа санааттан тутуллубут дьиэ. Онон дьон-сэргэ сөбүлээн түмсэр үтүө уораҕайа буолан, өр сылларга нэһилиэк сайдарыгар туһалыы, көмөлөһө турдун”, – диэн баҕа санаатын эттэ.
Спикер Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар киирбитэ 385 сылынан үбүлүөйдээх бэлиэни «Тумул» тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтиибин салайааччыта, РФ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Таисия Десяткинаҕа, өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар кылаатын иһин Ил Түмэн Бочуотунай кыраамататынан СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Доллу нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Иннокентий Птицыҥҥа, Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин Махтал суругун үлэ бэтэрээнэ, култуура киинин буҕаалтыра Екатерина Константиноваҕа, тыыл, үлэ, сцена бэтэрээнэ Иван Пономаревка, тутууну ыыппыт Доллу нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Алексей Стручковка туттарда.
Бу бэлиэ түгэҥҥэ Александр Жирков олохтоох бибилэтиэкэҕэ саҥа кинигэлэри, оҕо уһуйааныгар олоҥхо персонажтарынан сахалыы куукулалар нобуордарын бэлэхтээтэ.
Ил Түмэн дьиэ кэргэн, оҕо аймах, ыччат уонна физкултуура, спорт дьыаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Юрий Баишев сис кэмитиэт Бочуотунай кырааматаларын нэһилиэк спортивнай олоҕор көхтөөхтүк кыттар Николай Сидоровка, Гаврил Власовка, Варвара Слепцоваҕа туттарда.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Николай Старостин нэһилиэккэ социальнай объектар аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир буолбуттарын, билигин аны ититэр ситимҥэ болҕомто ууруллан үлэ барыаҕын эттэ.
«Сахам сирэ - ХХI үйэҕэ» хамсааһыны салайбыт СӨ үтүөлээх тутааччыта Иван Емельянов уонна бу тэрилтэ отделын начаалынньыга Алексей Петров өрөспүүбүлүкэҕэ үтүө дьыала хамсааһын сүүрбэ сыллааҕыта аан бастаан Мэҥэ Хаҥаластан саҕаламмытын, оччолорго улуус 70 сылыгар 70 объект тутуллубутун, бу көҕүлээһини улуустар салгыы өйөөбүттэрин аҕыннылар.
Улуус дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин нэһилиэккэ сайдыы кэлимник барарынан доллулар холобур буолалларын бэлиэтээтэ. Култууратын управлениетын салайааччыта Сергей Холмогоров култуура дьиэтэ нэһилиэк тэбэр сүрэҕэ, дьон тоҕуоруһар сирэ буоларын эттэ. Култуура киинин дириэктэрэ Акулина Власова нэһилиэк өр сылларга кэтэспит баҕа санаата туолан, хаачыстыбалаах тутуу киирбитинэн өрөспүүбүлүкэ, улуус, нэһилиэк салалтатыгар, бары көмөлөспүт, тутууну ыыппыт дьоҥҥо, олохтоохторго махтанна.
Нэһилиэк олоҕо сайдарыгар, инники кэскилэ кэрэни кэрэхсииригэр, үтүөнү үксэтэригэр, талааннар арыллалларыгар сөптөөх усулуобуйа тэриллэн, култуура киинин үлэтэ саҥа таһымҥа тахсар кыахтанна.
Ил Түмэн пресс-сулууспата.