Билиҥҥи туругунан Эдьигээн улууһугар балык ыама намтааһына олохтоох нэһилиэнньэни ордук долгутар. Олунньу 15 күнүгэр улуус актыыбын кытта көрсүһүүгэ Саха сирин Арктика дьыалатын Судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин маҥнайгы солбуйааччы Иван Павлов былырыын күһүн Өлүөнэ өрүскэ «Госрыбцентр» диэн федеральнай тэрилтэ ихтиолог учуонайдара үлэлээбиттэрин кэпсээтэ.
Ол курдук, Судаарыстыбыннай кэмитиэт сакааһынан сэтинньи уонна ахсынньы ыйдарга учуонайдар чинчийиилэрэ ыытыллыбыт. Ууттан анализ ылан, аһылык буолар эйгэни үөрэтэн көрбүттэр уонна «Арктика» холкуос туппут балыгын туругун бэрэбиэркэлээбиттэр. Түмүктэрэ маннык: Өлүөнэ өрүскэ элбэх сүүрүгүрэр уу түһэн өрүс уутун тууһа намтаабыт. Онтон сылтаан күндүөбэй, уомул балык үөскүүр уонна аһылык буолар эйгэтэ мөлтөөбүт. Инньэ гынан балык ыыра намтаабыт буолуон сөп. Маны тэҥэ тууһа суох уу муора уутуттан 30 км кэриҥэ сыҕарыйбытын быһаарбыттар. Иван Павлов бэлиэтииринэн, ууну чинчийии 2018 сылга Эдьигээн уонна Булуҥ улуустарыгар салгыы ыытыллыаҕа.
Санатан эттэххэ, бу күннэргэ Эдьигээн улууһугар СӨ Бырабыыталыстыбатын отчуота буола турар.
Ил Дархан уонна СӨ бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата