Хомунаалынай өҥө – тыын кыһалҕа. Бэрт ыксалынан тутуллубут саҥа, урукку да дьиэлэргэ сарайтан уу таммалыыра, сиигирэрэ, турба сыттанара, үүтэ барбатах чэй курдук буолара аахсыллыбат курдук. Дьиэлэммит үөрүү ухханыгар аахайыллыбат. Оттон Дьокуускай эргэ дьиэлэрэ сир-халлаан ыккардыгар хаалаллара баар суол. Холобур, соторутааҕыта тэлэбиидэнньэҕэ Очиченко уулуссаҕа баар икки этээстээх мас дьиэлэргэ салайар хампаанньаттан аккаастана сатыылларын туһунан көрдөрбүттэрэ. Кырдьык, дьиэ туруга ынырык. Ол курдук хартыына аны “Арсенал+” диэн УК тула буолла. Билигин эрэ буолуо дуо, былырыыҥҥыттан хас да дьиэ олохтоохторо бу хампаанньаттан тахса сатыыллар.
Дьиэлэр үгүстэрэ ааспыт үйэ 70-с сылларыгар тутуллубут буолан, канализацията мөлтөх. Можайскай 15-гэр турар дьиэ (1974 сыллааҕы), дьиҥинэн, уу хоммот, кураанах сиргэ турар. Дьиэ үрдүк атахтаах, аннынан киһи холкутук хаама сылдьар. Ол эрээри салайар хампаанньаҕа үҥсүү, үлэтин ситэри толорбот диэн хом санаалаах элбэх. Сотору-сотору турбалар тоҕо бараллар, туалеттар хам тоҥон кыбартыыралары толору устан хаалаллар, дьиэ анныгар муус килиэ буолбут аһаҕас турба элбэх, хас да үөһэ олорор кыбартыыраларга кыһыннары тэстэ турар. Дьиэ иннинээҕи уулусса да оллур-боллур, халлаан сылыйда да күүстээх ардах уута ханна да барбат. Оҕо оонньуур былаһаакката да турар сирэ суох. Быһата, аахтахха кыһалҕа элбэх.
Олохтоохтор тулуйа сатаан баран тахсабыт диэн мунньах бөҕөтө ыыттылар. Салайар хампаанньа да таах сытан биэрбэт санаалаах. Ыаллары кэрийэн күүһүнэн кэриэтэ “тахсыбаппыт” диэн илии баттатар. Утарсар “күүстэр” эмиэ илии баттаталлар. Гагарин быраабата икки уот ыккардыгар түбэһэн, аа-дьуо сээбэҥниир, ылбат-биэрбэт ыккардынан туттар-хаптар. “Арсенал+” үгүс үппүн сүтэриэм диэн эмиэ хамсаммахтыыр курдук: биир күн иһигэр бары подъезтарга сабыс-саҥа тимир ааннары туруора оҕуста, сарайтан хаар түһэрэртэн соло булбат, харбаа да харбаа, сиппий да сиппий. Кырдьык, сүтэрэрэ ботуччу эбит. Буҕаалтыр үөрэхтээхтэр аахпыттарынан, 2017 сылга 171 тыһ. 156 солк. 44 кэп. дьиэни тупсарыыга үлэ “бөҕөтүн” ыыппыт. Оттон бу дьиэ (Можайскай, 15) биир сылга 1 мөл. 708 тыһ. солк. тахсаны төлүүр эбит. Суоттаан көрүҥ, үлүгэр үбү ханна гыналларын. Өссө хапытаалынай пуонда диэҥҥэ ый аайы хастыы да мөһөөҕү ылалларын ааҕан кэбис. Быһата, хайдах эрэ кырдьыга суох быһыы-майгы буола турар. Кыһыы-аба уотун өссө биир түгэн күүдэпчилэтэн биэрдэ: “Арсенал+” элбэх иэстээх кыбартыыралар иэстэрин ылбаппын, сабан кэбиһэбин диэн биллэрдэ. Ким эрэ сылы сыллаан төлүө суохтаах үһү. Чахчы тэҥэ суох балаһыанньаны салайар хампаанньа бэйэтэ үөскэтэн кэбистэ.
Олунньу 17 к. мунньах буолбута. Билиҥҥитэ хампаанньаттан тахсар да, тахсыбат да баҕалаах дьонтон илии баттааһыны хомуйаллар. Онно Гагарин уокуругун быраабата икки өрүтү хонтуруоллуур курдук. Тиһэх быһаарыыны олорор дьиэ-уот управлениета ылыныа диэн буолла. “Арсенал+” дьыалатын өссө да сырдатыахпыт.
P.S.: “Арсеналлыын” кэпсэтииттэн: Туалетым турбата тоҕо тоҥоруй? Тоҕо диэтэххэ ититэр “спутнигын” араарбыттара. Тоҕо араарбыттарай? Экономиялаары. Оччоҕо хайдах буолабын? Оттон кэмиттэн кэмигэр итии уута ыыта сырыт. Ордук түүҥҥү кэмҥэ. Түүн 4-5 чааска. Оччоҕо, баҕар, тоҥуо суоҕа, хам тутуо суоҕа. Итинтэн ордук тугу да сүбэлиир кыахпыт суох.
Е.Николаев.