Киир

Киир

Дойду үлэҕэ уонна социальнай харалтаҕа министиэристибэтэ үлэтэ суохтар босуобуйаларын үрдэтэр туһунан сокуон барылын оҥоро сылдьар.

Ол курдук, “О занятости населения” сокуоҥҥа үлэтэ суохтарга босуобуйаны биэрии болдьоҕун, кээмэйин,  усулуобуйатын чопчулуур уларытыылары киллэриэхтэрэ. Бу уларытыы босуобуйа кээмэйин үрдэтэр сыаллаах оҥоһуллар. Инньэ гынан, сыллата бырабыыталыстыба бигэргэтэр үлэтэ суохтар босуобуйаларын саамай үрдүк уонна алын кээмэйэ чуолкайданан биэриэҕэ. Маны таһынан, гражданин “үлэтэ суох” диэн ыстаатыһы ылара судургутуйуо.

Санатар буоллахха, билигин Арассыыйаҕа “сүрэҕэ суохтар” саамай кыра босуобуйалара 850 солк., оттон саамай үрдүк – 4900 солк. МРОТ бу сыл тохсунньу 1 күнүттэн ыла 9489 солк. буолбута. Ыам ыйын 1 күнүттэн МРОТ кээмэйэ тииһинэн олоруу кээмэйин кытары тэҥнэһэн, 11 163 солк. буолуоҕа.