Киир

Киир

Дойду бэрэсидьиэнэ  В.В. Путин  быйылгы сылы «Волонтер  уонна  үтүө дьыала»   сылынан биллэрбитэ. Ол  чэрчитинэн,  Сунтаардааҕы киин  бибилэтиэкэ ааҕааччыны кытта үлэлиир салаата олунньу 5-20 күннэригэр   «Оҕоҕо кинигэтэ бэлэхтээ»  аахсыйаны биллэрбитэ.

 

Бу ыҥырыыга Сунтаар  дьоно-сэргэтэ көхтөөхтүк оҕолорго анаан кинигэ арааһын туттардылар. Оскуола алын сүһүөх үөрэнээччилэриттэн   саҕалаан улахан тэрилтэлэргэ, уопсастыбаннай тэриллиилэргэ тиийэ аахсыйаттан туора турбатылар. Манна барыта 390  араас кинигэ киирдэ. Үксэ кыра уонна орто саастаах ааҕааччыларга аналлаахтар.

Улууска аан бастакытын ыытыллыбыт аахсыйаҕа Сунтаар улууһун үөрэҕириитин управлениета, «Татыйыына» фирма, «Почта России» Сунтаардааҕы филиала, Сунтаардааҕы технологическай колледж, «Матери России» уопсастыбаннай хамсааһын, Устье бөһүөлэгин дьаһалтата, олохтоохторо,  Сиэйэ, Уһун Күөл бибилэтиэкэлэрэ уонна биирдиилээн ыал – Кытаховтар, Еремеевтэр көхтөөхтүк кытыннылар. Кинилэргэ улахан махталларын биллэрэллэр.

20180219 184542

IMG 1932 1

IMG 1936

IMG 1940

IMG 1941

IMG 1950

Аахсыйа чэрчитинэн хомуллубут кинигэлэри Сунтаар коррекционнай оскуолатын иитиллээччилэригэр (145 кинигэ), сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолору реабилитациялыыр кииҥҥэ (77) итиэннэ Тойбохойдооҕу оҕо дьиэтигэр (168)  туттардылар.

Сунтаар  киин библиотекатын  ааҕааччыны кытта үлэлиир  салаата.

Бүтэһик сонуннар