Кулун тутар 16-18 күннэригэр Мииринэй уонна Бүлүү сүнньүн улууһун дьонун Мииринэйдээҕи “Юбилейнай” ырыынаакка “Байдам-2018” диэн олохтоох оҥорон таһаарааччылар табаардарын уонна бородуукталарын дьаарбаҥкатыгар ыҥырабыт.
Дьаарбаҥка Мииринэй улууһугар айылҕаттан ыраас олохтоох бэйэ бородууксуйатын атыылыыр, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорооччулар бастыҥ көрдөрүүлэрин, ситиһиилэрин билиһиннэрэр, уопут атастаһар сыаллаах тэриллэр.
БЫРАГЫРААМАТА:
Кулун тутар 16-18 кк. – “Юбилейнай” ырыынакка атыы-тутуу, дьаарбаҥка, Мииринэй куорат;
Кулун тутар 18 к.: атыы-тутуу, дьаарбаҥка, Удачнай куорат.
Бэйэ аһын-үөлүн талыҥ!
“Кулинария айана” бэстибээл
Бастыҥ асчыт Тарбаахап ыҥырар!
Кулун тутар 16-18 күннэригэр “Ситим” медиа-бөлөх, ТХМ уонна Мииринэй дьаһалтата көҕүлээн тэрийэр “Байдам-2018” тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын быыстапката тэриллэр.
Оттон ол иннинэ, кулун тутар 14 күнүгэр, аатырбыт асчыт Иннокентий Тарбаахап Мииринэйгэ олорор омук диаспораларыгар, түмсүүлэригэр, Мииринэй уонна Бүлүү сүнньүн улуустарын общепиттарын үлэһиттэригэр саха аһын-үөлүн астыырга маастар-кылаас тэрийэр. Ол түмүгэн пуобардарга-асчыттарга таһымы үрдэппиттэрин туоһулуур эрэсэрээт, кыттыбыттарын бэлиэтэ сэртипэкээт туттарыллыа. Манна ким баҕалаах кыттыан сөп.
Ити кэннэ кулун тутар 15 күнүгэр “Кулинария айана” диэн үгүс омугу түмэр ас-үөл бэстибээлэ тэриллиэ. Билиҥҥи туругунан манна 17 араас омук түмсүүтэ кыттыахтаах. Хас биирдии омук бэйэтин төрүт аһын сэргэ 1 бүлүүдэ саха аһын астаан көрдөрүө.
“Дорооболоруҥ, күндү Мииринэй уонна Бүлүү сүнньүн дьоно. Көрсүбэтэҕим ыраатта. Урут Олоҥхо ыһыаҕар баран үөрэтэ сылдьыбытым. Ол кэннэ күн-дьыл ааста, ыччат улаатта, саҥа дьон кэллэ. Онон Мииринэйгэ эһигини көрсө, үөрэтэ-такайа, бэйэм үөрэнэ бараары олоробун. Мин лиэксийэбэр, ыытар маастар-кылааспар кэлэн көхтөөхтүк кыттыҥ, элбэҕи кэпсэтиэхпит, үгүһү көрдөрүөм”, -- диир Иннокентий Тарбахов.