Киир

Киир

Амма улууһун Чапчылҕан нэһилиэгин таһыгар авиа-былаһаакка үлэтин сөргүтээри гыналлар. Бу туһунан “Полярные авиалинии” авиа-хампаанньа пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Амма улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччыта Иннокентий Климов хампаанньа бэрэстэбиитэллэрин кытары көрсүһүүгэ Чапчылҕан нэһилиэгэр урукку авиа-былаһаакка үлэтин сөргүтэр туһунан кэпсэппиттэр. Баһылык солбуйааччыта авиа-былаһаакка сирин учаастагын уонна пааспарын оҥорууга сорудахтаабыт.

Хампаанньаҕа бэлиэтииллэринэн, бу сайын буолуохтаах Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньууларыгар сөмөлүөтүнэн дьону таһыы айан суолун быдан чугаһатыа этэ. Холобур, Дьокуускайтан Аммаҕа диэри сайыҥҥы кэмҥэ айанныырга ортотунан 3,5-4,5 ч барар. Манна өссө паром сырыытын эбэн кэбис. Оттон сөмөлүөтүнэн баара-суоҕа 1-1,5 ч. эрэ көтөҕүн.

Ыам-бэс ыйдарыгар авиа-хампаанньа исписэлиистэрэ Аммаҕа тиийэн авиа-былаһаакканы сөргүтүүгэ ылсан үлэлэһиэхтэрэ.

Санааҕын суруй