Киир

Киир

Кэбээйи улууһун Арҕахтаах нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы “эрэли сүтэрбитинэн” ууратылынна. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

“О муниципальной службе в Российской Федерации” уонна “О противодействии коррупции” сокуоннары кэһэн туран, “Арҕахтаах нэһилиэгэ” МТ баһылыгын солбуйааччытынан кэмиэрчэскэй тэрилтэ тэрийсээччитэ уонна урбаанынан дьарыктанар тэрилтэ салайааччыта анаммыт. Инньэ гынан, борокуратуура үлэһиттэрэ олохтоох бэйэни салайыныы уорганын баһылыгар сокуону кэһиини туоратарга модьуйбут. Модьуйууну быһа гыммакка, баһылык солбуйааччытын “эрэл сүппүтүнэн” ууратарга күһэллибит.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар