Бэҕэһээ Кемерово куорат “Зимняя вишня” атыылыыр-аралдьытар кииҥҥэ баһаар туран, улахан алдьархай таҕыста. Ол түмүгэр, билиҥҥитэ 37 киһи өлүгэ булулунна, ол иһигэр – 9 оҕо. Өссө даҕаны 64 киһи сураҕа суох сүппүтүнэн ааҕыллар, ол иһигэр – 41 оҕо.
Кемерово уобалаһын ЫБММ Сүрүннүүр управлениетын салайааччы Борис Дедюхин: “37 киһи өлүгүн буллубут, кимнээх буолалларын быһаарар олус уустук. Билигин 9 оҕо өлүгүн буллубут”, - диэн иһитиннэрэр. Билигин аймахтар сайабылыанньаларынан өссө да 64 киһини көрдүүллэр (бу иннинэ былаастар 69 киһи, ол иһигэр 40 оҕо диэн иһитиннэрбиттэрэ).
Билигин ЫБММ үлэһиттэрэ төһө да уоту умуллардылар, сорох сирдэргэ киирэн көрдүүр кыахтара суох. Быыһааччылар олус сэрэхтээх усулуобуйаҕа үлэлииллэр: сорох тутуу сууллар, киһи тумнастар буруота, этин салатар итиитэ турар. Ордук төрдүс этээскэ баар үһүс киинэ саалатыгар тиийии күчүмэҕэйдэрдээх. Үһүс уонна төрдүс этээстэр сууллар кутталлаахтар.
Санатар буоллахха, бу алдьархайдаах баһаар бэҕэһээ олохтоох бириэмэнэн 16 ч. саҕаламмыт (Москуба бириэмэтинэн күнүс 12 ч.). Уот каток, киинэ саалата, оҕо оонньуур саалата уонна хаҥкылыыр сир баар төрдүс этээһиттэн барбыт. Бастаан 1500 кв. м иэннээх сир умайбыт, онтон көрүөх бэтэрээ өттүнэн уот 1200 кв м тарҕаммыт. Тутуу үрдэ сууллубут.
Уобалас вице-күбүрүнээтэрэ Владимир Чернов “баһаар обургу оҕолор зажигалканан оонньообуттарын түмүгэр тахсыбыт. Батуттаах бассейҥҥа умаппыттарыгар, буорах курдук умайан барбыт” диэн сабаҕалыыр. Баһаарга Кемерово уобалаһын күбүрүнээтэрэ Аман Тулеев 11 саастаах уруута өлбүтүн иһитиннэрэллэр.