Киир

Киир

РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев Дьокуускайга кэлэн РФ бэрэсидьиэнин быыбарыгар куоластаан барбыта.

Таарыйа, салалтаны кытары көрсөн араас боппуруостары быһаарсыбыттара. Киин куоракка Чайковскай уулусса 117/3 диэн аадырыска “Симиир” тутар хампаанньа 2015 сылга элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэни тутуох буолан эрэннэрбитэ. Кыттыһан тутааччылары (дольщиктары) кытары өссө 2014 сыллаахха дуогабар баттаһан, харчыларын төлөтөн ылбыттара. Тиһэҕэр, хампаанньа харчыны ханна гыммыта биллибэккэ, тутуу тохтоон хаалбыта. Тутааччыны утары Силиэстийэлиир кэмитиэт холуобунай дьыаланы көбүппүтэ. Албыннаппыт дольщиктары кытары Юрий Трутнев көрсүбүтэ уонна муос-таас курдук “тутууну түргэнник бүтэрбэтэххитинэ –тутуу министиэристибэтин исписэлиистэрин ууратарга” диэн суоһурҕаммыта. “Симиир” салайааччыта Светлана Гурьеваны истэ да барбакка “борокуруордарга кэпсээр” диэбитэ.

trut

Ити – кулун тутар 16 күнүгэр. Тойон Трутнев уордайбытыттан куттанан, бүгүн дольщиктары ыҥыран саҥа кыбартыыра күлүүстэрин туттартаатылар. Дьэ, бу сыллар тухары кэтэспит ыра санаалара туолан, үөрэн-көтөн тиийбит саҥа кыбартыыра хаһаайыннара дьиэлэригэр киирэн баран соһуйан өлө сыстылар. Хайыы үйэ докумуоннарынан бигэргэтиллэн, официальнайдык үлэҕэ киирбит дьиэҕэ уу (итии уу туһунан этэ да барыллыбат), канализация ситимэ отой да холбоммокко турар. Дьиэ ис бараана ситэриллибэтэх. Уопсайынан, киһи хайдах да олорор кыаҕа суох дьиэтин бэрт тиэтэллээхтик үлэҕэ киллэрбиттэр. Күлүү гыммыт курдук балаһыанньа буолбут.

ch2

Хомойуох иһин, дьону отоойкоҕо олордубут биир “Симиир” эрэ баар буолбатах. “Кыым” хаһыакка “Черов и К” СПФ 2015 сылтан ыла үс дьиэни кыайан туппакка, үлүгэрдээх дьону албыннаабытын туһунан суруйан турабыт. Бу тутуу хампаанньата ДСК оройуонугар “Ильинка” диэн түөлбэни дьэндэтэн испитэ. Бу хампаанньа салайааччыта Иван Данилович Черов ааспыт сыл ахсынньытын саҥатыгар орто дойдуттан күрэммитэ. Иван Данилович урукку өттүгэр өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар бэриниилээхтик үлэлээбитэ. Бырастыылаһыыта бырабыыталыстыба таһымыгар барбыта. Сэбиэскэй эрдэхтэн сиэрдээхтик үлэлээн кэлбит Иван Черов аатын-суолун кини солбуйааччылара хараҥардан кэбистилэр. Хаһаайын таҥаралаата, оттон 32-лии кыбартыыралаах үс дьиэ дольщиктара сир-халлаан икки ардыгар тулаайах оҕолор курдук хаалан хааллылар. Кинилэр ыксаан Арассыыйа Бэрэсидьиэнигэр кытары суруйбуттара. Маннааҕы тойотторго суруйа сатаан хал да буолбуттар. Ыксаан, Москубаҕа албыннаппыт дольщиктар сугулааннарыгар тиийэ сырыттылар.

cherov ivan

cherov

Анатолий Мищенко:

Mishenko

— Албыннаппыт, биир өлүүгэ буһа-хата сылдьар дьон харчы бырахсан, миигин бу олунньуга сугулааҥҥа ыыта сырыттылар. Онно Госдума дьокутаата Володин эҥин кыттыылаах улахан мунньах буолбута. Мунньахха дойду араас муннуктарыттан мустубут дьон “Арассыыйа үрдүнэн дьиэ тутуутугар албыннаппыт дьон туох да хара баһаамнар. Эрэгийиэннэр намтатыллыбыт, сымыйа көрдөрүүлэри ыыта олороллор” диэбиттэрин кытары мин сөпсөһөбүн. Маннааҕы былаас биһиги кыһалҕабытын быһаарсарга тиэтэйбэт. Биһиги кэтэһэ сатаан сылайдыбыт. Билигин Черов өллө, хаһаайын кини эрэ. Укпут харчыбыт ханна матайдаммыта биллибэт. Дьон сууттаһан кыайбыт харчытын да төннөрөр кыаҕа суох. Хаһаайына суох, моҥкуруут барбыт тэрилтэттэн тугу булан ылыаххыный? Тутуу министиэристибэтэ судургу баҕайытык “ЖСКта тэриниҥ” диир. Ону тэрийдэхпитинэ даҕаны, син биир бэйэбит эбии харчы уктахпытына биирдэ хамсатыахпытын сөп. Ханнааҕы харчыбытын ууруохпутуй? Дьон үксэ ипотеканан ылбыт, инньэ гынан ый ахсын кураанахха, халтай харчы бөҕөтүн төлүү олорор. Саатар бу дьоҥҥо бырыһыаннарын эҥин кыччаталлара буоллар...

Дольщиктар сайабылыанньаларынан 2017 сыллаахха холуобунай дьыала тэриллибит. Онтубут да “на неустановленных лиц” диэн. Бу кимэ биллибэт дьон үлүгэрдээх үбү айбардааһыҥҥа уорбаланаллар. Хайдах кимэ биллибэт дьон буолуохтарай? Силиэстийэ олус бытааннык барар, туох да күттүөннээх быһаарыы ылыллыбат.

Соторутааҕыта эрэдээксийэҕэ Кэбээйиттэн биир дьахтар кэлэн барда. Кини былырыын ахсынньыга бассаапка ““Черов и К” биир хостоох кыбартыыраны өлүүлэһэн тутууга баара-суоҕа 1,5 мөл. солк. атыылыыр” диэни истэн, кыыһын дьиэлээри тэрилтэ хонтуоратыгар тиийэн 1,5 мөл. солк. “бэлэхтээн” кэлбит. “Бэлэхтээн” эрэ диирбитигэр тиийэбит.

Дьиҥэ, бу кэмҥэ хампаанньа өлүүлэһэн тутууга дьону угуйар, киллэрэр көҥүлэ да суоҕа. Сокуону кэһэн туран, отой да тутуллубат дьиэҕэ сымыйа дуогабары баттыы-баттыы, бу тыа дьахтарыттан 1,5 мөл. солк. олуйан ылбыттар! Иван Ильич Исаков диэн тэрилтэ салайааччытын солбуйааччыта “дьиэ тутуута саҕаланар, олох ыла охсуҥ, бүтэһик кыбартыыралар хааллылар” диэбит. Дуогабарга өлөөрү сытар оҕонньор илии баттааһынын туруорбуттар. Черов бэйэтэ баттаабыт эрэ, сымыйа эрэ... Бу олох көстөн турар массыанньыктааһын буолбатах дуо? УБЭПК сайабылыанньа суруйбутун, дьыаланы туспа производство быһыытынан көрбөккө, били кимэ биллибэт киһиэхэ тэриллибит дьыалаҕа сыбаабыттар. Хайдах оннук буолуоҕай?

siezd

Тутуу министиэристибэтэ, Госстройжилнадзор, Борокуратуура, Силиэстийэлиир кэмитиэт бу дьыаланы хайдах даҕаны быһаардаҕына табыллар. Хаһааҥҥа диэри бу дьон сир-халлаан икки ардыгар сылдьыахтарай? Тоҕо бу дьыала миэстэтиттэн хамсаабатый? Трутнев курдук тойон кэлэрин күүтэбит дуо?

Дмитрий ИВАНОВ.

Санааҕын суруй