Үлэлэри тутуу олунньу 1 күнүттэн кулун тутар 16 күнүгэр диэри барбыта. “Бастыҥ биһик ырыата” хайысхаҕа барыта 13 ырыа кытынна, “Биһик ырыатынан уһуллубут бастыҥ видеоклип” хайысхаҕа 4 эрэ клип кытынна. Атын хайысхаларга биирдии эрэ үлэ киирбитинэн күрэстэһии тахсыбата.
Дьүүллүүр сүбэ хоһоону, мелодияны, ырыа уопсай дьайыытын туспа көрөн, 10 баал иһинэн сыаналаата. Түмүгү бааллары холбоон, ол уопсай сууматынан таһаардылар.
Дьүүллүүр сүбэҕэ киирдилэр: Композитор, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ К.А. Герасимов, А.Г. Гуринов-Арчылан, суруйааччы, “Күрүлгэн” литэрэтииринэй сурунаал эрэдээктэрэ, Надежда Идэлги, төрөппүт, урбаанньыт, тэрээһин успуонсара, Мария Дегтярева-Күндэли, төрөппүт, тылбаасчыт, “Саха сайдам оҕото” айар холбоһук салайааччыта, күрэс тэрийээччитэ.
Афанасий Гуринов-Арчылан
Кирилл Герасимов
Мария Дегтярева-Күндэли
Надежда Идэлги
“Бастыҥ биһик ырыата” хайысхаҕа түмүк:
-
“Хомуһум тыаһыгар бигэнэн утуйууй” ырыа ааптара Айталина Крылова кыайыылаах аатын ылар уонна I истиэпэннээх дьупулуом, 20 000 сыаналаах бириис тутар.
-
“Утуй, тииҥчээним, кыра уолчааным” ырыа ааптара Светлана Константинова II истиэпэннээх дьупулуом уонна 5 000 сыаналаах бириис тутар.
-
“Утуй, чыычаах, минньигэстик” ырыа ааптара Алена Постникова III истиэпэннээх дьупулуом уонна 5000 сыаналаах бириис тутар.
-
“Аҕа биһигэ” ырыа ааптара Наталья Слепцова уонна “Мэлдьи баар буолуом ийэҥ” ырыа ааптара Татьяна Ероскумова биһирэбил бириистэри туталлар.
“Биһик ырыатынан уһуллубут бастыҥ видеоклип” хайысхаҕа түмүк (*кыттааччы аҕыйаҕынан сүрүн бириис кээмэйэ уларыйда):
-
“Үтүө түүлү” ырыанан уһуллубут видеоклип кыайыылаах аатын ылар уонна I истиэпэннээх дьупулуом, 20 000 сыаналаах бириис тутар.
-
“Аҕа биһигэ” ырыанан уһуллубут видеоклип II истиэпэннээх дьупулуом уонна 5 000 сыаналаах бириис тутар.
-
“Утуй, тииҥчээним, кыра уолчааным” ырыанан уһуллубут видеоклип III истиэпэннээх дьупулуом уонна 3000 сыаналаах бириис тутар.
-
“Баай-баай, баайыска” ырыанан уһуллубут видеоклип биһирэбил бириис тутар
Бары кыттааччылар туоһу сурук уонна “Биэбэйик” диискэлээх хомуурунньукка босхо бэчээттэнэр кыах ылаллар.
Интэриниэт куоластааһыҥҥа уопсайа 13 ырыа кыттыбыта.
Ол түмүгүнэн, 2079 куолаһы ылан, “Утуй, чыычаах, минньигэтсик” ырыа ааптара Алена Постникова эрэллээхтик кыайда.
Иккис – Ытык Күөлтэн Раиса Аянитова буолла. Кини “Утуй, сынньан” ырыата 2033 куолаһы хомуйда.
Үһүскэ Сунтаар Элгээйититтэн “Хомуһум тыаһыгар бигэнэн утуйууй” ырыатынан 1287 куолаһы ылан Айталина Крылова таҕыста.
Бары кыттааччыларга уонна куоластааччыларга эрэдээксийэ аатыттан улахан махталбытын биллэрэбит. Кыайыылаахтарга эрэдээксийэ аатыттан анал бириис туттарыллыаҕа. Сиһилии 8-996-914-35-88 төл. Эрийэн билсэргитигэр. Барыгытыгар үтүө доруобуйаны, таһаарыылаах айар үлэни баҕарабыт!