Киир

Киир

Өтөрдөөҕүтэ СИА саайтыгар “Мы не сектанты”: Кто и зачем проводит мужской алгыс в Доме Арчы” диэн матырыйаал тахсан, дьону-сэргэни аймыы сырытта. Бассаапка итини ким эрэ саха үгэһэ, ким эрэ туспа секта, исламы үтүктүү диир. Онон сибээстээн, СИАлар бэйэлэрэ СӨ Гражданнар көҕүлээһиннэрин миниистирин солбуйааччы Афанасий Матвеевтан кэмэнтээрий ылбыттар.

“Ити түмсүүлэр – эр дьону төрүт үгэскэ, сиэри-туому кытта билсиигэ көҕүлүүр уопсастыбаннай тэрилтэлэр көҕүлээһиннэрэ. Норуоту төрүт үгэс тула сомоҕолуур туһугар оҥоһуллар. Бэлиитикэҕэ сыһыана суох”, -- диир миниистир солбуйааччыта.

А.Матвеев бэлиэтээбитинэн, итинник тэрээһиннэр кэлин улуустарга эмиэ тарҕанан эрэллэр эбит: эр дьон алгыһа Мэҥэ Хаҥаласка уонна Хаҥаласка ыытыллар. Түмсүүлэр религия хамсааһыныгар сыһыана суохтар, сиэр-туом, ритуал хайысхалаахтар.

“Тоҕо эр дьон? Бу – үгэс, итиннэ туох даҕаны радикаллыы түгэн суох. Хамсааһын Владимир Кондаков үөрэҕэр уонна “Аар Айыы Итэҕэлэ” кинигэҕэ тирэҕирэр. Ылан көрдөххө, ити – алгыс хомуурунньуга. Оттон алгыс сүрүн ис хоһооно киһи айылҕалыын уонна атын дьону кытта дьүөрэлии алтыһыыта (гармония) буолар. Үгүс киһини аймаабыт “үҥүү” ити кинигэҕэ эмиэ баар. СӨ бырабыыталыстыбата итини билэ-көрө олорор. Биһиги кинилэргэ мэһэйдээбэппит, бииргэ үлэлэһэбит. Холобур быһыытынан Ленин болуоссатыгар үгэс курдук ыытыллар оһуокайы этиэхпин сөп”, -- диир Матвеев.