Киир

Киир

Cаха сиригэр ньиэрбэ систиэмэтин кэһиллиититтэн оҕо инбэлиитинэһэ бастакы миэстэҕэ иһэр. 2015 сылтан көрдөрүү 28,9 % үрдээбит.

Бу туһунан «Главное бюро медико-социальной экспертизы по РС(Я)» салайааччыта Лена Лазарева иһитиннэрэр.

Иккис миэстэҕэ психическэй кэһиллии ыарыылара иһэр. Үһүскэ – хромосома кэһиллиилэрэ, төрүкү нуорматтан хадьайыы (аномалия) ыарыылара. Төрдүскэ – харах ыарыылара. Бэһискэ – уҥуох-быччыҥ систиэмэтин ыарыылара.

Кэнники үс сылга оҕо инбэлиитинэһин хос бигэргэниитэ 2015 сылга холоотоххо 5,7 % түспүт. Ол эрээри, оҕо инбэлииккэ аан бастакы тахсыыта 2015 сылга холоотоххо 11,5 % үрдээбит.

Санааҕын суруй