Киир

Киир

Өймөкөөн улууһа бу дьыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан 8 тыһ. 300 табалаах. Итинтэн баһыйар аҥаара “Үчүгэйдээҕи” ФГУП диэн племенной таба хаһаайыстыбатыгар иитиллэр. Ону тэҥэ улууска таба салаатыгар 7 көс аҕа ууһун общината уонна икки ИП дьарыктаналлар.

ТХУ начаалынньыга П.П. Сивцев этэринэн, улуус билигин 60-ча табаһыттаах. Итинтэн 35-игэр диэри саастааҕа – биэс тарбах иһинэн. “Онно холоотоххо, сылгыга эдэрдэр син балай эмэ сысталлар”, – диир.

Өймөкөөҥҥө сыспай сиэллээҕи – ордук Томтор өттүгэр, табаны – Үчүгэй бөһүөлэгин диэки, оттон сылгыны уонна ынах сүөһүнү Сордоҥноох уонна Өймөкөөн эҥээр сөбүлээн ииттэллэр.

Өймөкөөн улууһа күн бүгүн 3,5 тыһ. сылгылаах. Саха боруода сылгылаах үс племенной хаһаайыстыбата баар. Оттон хороҕор муостаахтара улуус үрдүнэн – 1200. Бүгүҥҥү болҕомтом таба салаатыгар туһаайыллар.

Талыы боруода табалардаах “Үчүгэйдээҕи” ФГУП

табалар

Хаһаайыстыба 4 тыһ. 378 табалаах. О.и. тыһыта – 2 тыһ. 250. Табаларын 6 ыстаадаҕа арааран көрөллөр. 38 үлэһиттэн табаһыттыыра, чуумҥа үлэлиирэ – сүүрбэ биэс. “Үчүгэйдээҕи” хаһаайыстыбаҕа ааспыт сыл түмүгүнэн, табаны тыыннаахтыы иитэн таһаарыы көрдөрүүтэ – 82 %, оттон төрүөҕү ылыы киэнэ 75% буолбут. Таба ахсаана иннинээҕи сылтан 120-130 төбөнөн эбиллибит. Бу туһунан ФГУП дириэктэрин эбээһинэһин толорооччу Павел Павлович Сивцев кэпсиир.

Тэҥнээн көрүүгэ этэр буоллахха, бу улууска Сэбиэскэй кэм саҕана, таба муҥутаан элбээбит сылыгар 13 тыһ. тиийэ сылдьыбыттаах эбит. 90-с сылтан аҕыйаан-аччаан, кэлин эбиллэн, 2005-2008 сылларга 8 тыһ. буола сылдьыбыт.

Билигин 40 саастарыгар сылдьар табаһыттар: “Биһиги, арааһа, тиһэх көлүөнэ табаһыттар буоллахпыт буолуо. Ыччат табаҕа чугаһаабат. Табабыт эбиллиэҕин бөрө мэнээктиирэ уонна каадыр тиийбэтэ атахтыыр”, – диэн сүөм түһэ бэлиэтииллэр. Былырыын 10 бөрөнү бултаабыттар. Табаһыттар бэйэлэрэ уонна анал бөрөһүттэр тиийэн сонордоһоллор эбит. Улуус бултаммыт биир бөрөҕө 15 тыһ. солк. эбии төлөбүрү көрөн, кыалларынан өйүү сатыыр. Манна даҕатан эттэххэ, аныгы сокуон ирдэбилинэн, табаһыты урукку курдук ким да саанан-саадаҕынан анаан хааччыйбат. Бэйэлэрэ атыылаһаллар. Арай ботуруон ылан биэриэхтэрин сөп.

Табаһыт, ортотунан, 35 тыһ. солк. хамнастаах. Плем-атыыттан бырыһыан киирдэҕинэ, дохуот улааттаҕына, муҥутаан 50 тыһ. солк. буолуон сөп. Ким төһө табалааҕыттан, дохуоттааҕыттан тутулуктанар. Бу бачча хамнаска, сылы-сыллаан түҥ тыаҕа үлэлиир табаһыт уустук үлэтигэр эдэр дьон дураһыйбаттара өйдөнөр. Кыһын, ахсынньы, тохсунньу ыйдарга 60-ҥа тиийэ тымныйар, сайынын куйаас сатыылыыр. Итиннэ бырдаҕын эбэн кэбис. Урукку ыстаада сайын аайы оҕо аймах саҥатынан туола түһэр эбит буоллаҕына, кэнникинэн оҕо да тахсара сэдэхсийдэ дэһэллэр.

Иккис өттүттэн элбэх талыы боруода табаҕа наадыйыы баарын эттилэр. Холобур, хаан уларытар, тупсарар баҕаттан Халыма, Томпо, Муома улуустара плем-атыыга лаппа интэриэстээхтэр, чукоткалар, магадааннар кытта ыйыталаһаллар эбит. Манна даҕатан эттэххэ, Красноярскай сахалара “убай сахалартан” таба бэриһиннэрэр баҕалаахтарын бэйэҕит да бассаапка көрөн аһардаххыт буолуо. Кинилэргэ тирээбит кыһалҕа тус бэйэбитигэр бүрүүкээн кэлбэтин туһугар тиһиктээх үлэ барара уолдьаспыт.

ФГУП иитэр-үөскэтэр, улуустарынан тарҕатар табата эбээн табатын боруодата дэнэр. Былырыын 191 племенной табаны атыылаабыттар: о.и. Өлөөҥҥө – 150-ну, 130 таба – “Агростартапка” хапсыбыт олохтоох хаһаайыстыбаҕа. Оттон 11 табаны Иенграттан ылбыттар. Бу күннэргэ “Сахаагроплем” салалтата тустаах хаһаайыстыбаҕа инники үлэ былаанын, соруктарын туһунан кэпсэтэ бара сырытта. Онно этиллибитинэн “Үчүгэйдээҕи” хаһаайыстыба быйыл ыччат табатын 98,5 % плем-атыыга ыытыахтаах. Бу хаһаайыстыба – биһиги кэммитигэр биир бастыҥ үлэлээх, табаны элбэтиигэ дьоһуннаах оруолу ылар. Онон бонитировка сыллата ыытыллар, хаһаайыстыба бэтэринээрдэр, зоотехниктар кыраҕы харахтарын көрүүтүгэр сылдьар.

Громовтар ыстаадаларыгар

2 Громовтар ыстаадаларыгар

ФГУП 10-с нүөмэрдээх ыстаадатын олохтоох дьон төрүт уус Громовтар ыстаадаларынан билинэллэр. Оттон, мин санаабар, бу – Эбээ Ылдьаана ыстаадата. Эбээ Ылдьаана – Ульяна Алексеевна Громова – 86-с хаарын санныгар түһэрбит ытык кырдьаҕас, тыыл бэтэрээнэ, Өймөкөөн улууһун бочуоттаах олохтооҕо, норуот маастара. Кини иистэрэ Дьокуускайга, НХБСБ-гар, Францияҕа тиийэ көрдөрүүгэ туруоруллубуттарын биир дойдулаахтара киэн тутта кэпсииллэр. Саамай сүрүнэ, төһө да сааһырдар, ылыммыт үөрүйэҕинэн ыстаадаҕа олорон, уолаттарыгар – биригэдьиир Александрга уонна табаһыт Николайга – күүс-көмө, сүбэ холбуката буолар. Чуум үлэһитин эппиэтинэстээх үлэтин ой-бото толорон, удьуор дьарыга уһууругар күн бүгүнүгэр диэри көмөлөһөр. Эбэ барахсан сааһыран, айанын ыарырҕатан ыстаадаттан бөһүөлэккэ киирбэтэҕэ сыл буолбут. Ол аайы кырдьаҕас кыһаммат: “Ыстаадаҕа орду-ук! Бөһүөлэккэ тугу да гыннарбаттар, барытын бэйэлэрэ оҥороллор. Мин төҥүргэс курдук олоробун. Ол куһаҕан. Киһи хамсаныахтаах. Манна илии-атах буола сылдьан, күммүн билбэккэ аһарабын”, – диир. Кэпсээнэ, сэһэнэ дэлэй. Бэркэ диэн истэр. Бөһүөлэктэн 120 км тэйиччи да олордор, оҕолорун соруһан, “Кыым” хаһыатын ааҕа, сонуну-нуомаһы билэ олорор эбит!

Ылдьаана эбэ айбыт аҕата Алексей Громов – удьуор табаһыттар сыдьааннара. Эдэригэр төрөөбүт-үөскээбит Охотскайын сириттэн 400 дуу, 500 дуу табаны бу дойдуга үүрэн аҕалбыт. Ульяна Алексеевна: “Ол аҕам табаларын сыдьааннарын күн бүгүнүгэр диэри көрө-иитэ сылдьабыт”, – диэн, киэн тутта бэлиэтиир. Аҕата 93 сааһыгар диэри олорбут, хойукка диэри табатыттан арахпатах. Ылдьаана ийэтэ кини олох эрдэ, саҥардыы сыҥаһалаан эрдэҕинэ, өлбүт. Инньэ гынан ийэ диэн тугун билбэтэҕин, кинини эдьиийдэрэ таба үүтүнэн аһатан-сиэтэн, киһи гыммыттарын истиҥник ахтар. Быһата, киһини өйдүүр буолуоҕуттан – аттыгар таба, таба ыстаадата баар. Түөрт бииргэ төрөөбүттэриттэн билигин соҕотох хаалбыт.

Кэргэнэ Николай Кириллович – Муома өттүнээҕи Громовтартан сыдьааннаах. Аҕыста оҕоломмуттарыттан билигин үс кыыс, үс уол бааллар. Икки оҕото ыстаадаҕа соҕотоҕун олордоҕуна, өрө бэбээрэн кэлбиттэр, киинин бэйэтэ быстан, баанан, этэҥҥэ быыһаммыт:

– Билигин санаатахха, ыарахан эбит. Оччолорго буолуохтааҕын курдук ылынаҕын. Балааккаҕа тимир оһоҕунан кыстыыр буоларбыт. Морсурууккун уларыта сылдьан, табаҕын аһатаҕын. Биир сиргэ уһаатаххына, таба мэччирэҥэ хара буорга кубулуйдаҕа ол! Онтуҥ хаһан оһон, үүнэн кэлэрэ остуоруйа. Отут сылынан дииллэр дуу? Онон бүтэрэн истэхтэрин аайы көһөн биэрэн иһэҕин. Онто да суох лабыкта бүттэ. Сороҕун, аны, уот сиир. Этиҥтэн эҥин. Баһаар буолумуон наада. Уот турбут сиригэр таба турбат.

Кыһыҥҥы тымныы оройугар, ыйдаҥа сырдыгар балаакка туруорар мучумаан баар буолара. Тиийиэхтээх сиргин ардыгар түүн 12 ч. биирдэ булаҕын. Оҕолоргун ол кэмҥэ кутаа умата охсон, ол тула олордуталаан эрэҕин. Ыарахан олох этэ.

Онно холоотоххо, билигин барыта бэлэм. Ол гынан баран аныгы дьон бэлэми бэлэм курдук ылынан үлэлии сатаабаттар. Урут күнүстэри-түүннэри маныыр буолуллара. Улахан дьон табаны үүрэн аҕалан баран, чэйдиэхтэригэр диэри оччотооҕу оҕолор атах сыгынньаҕын сылдьан, табалар бары сытыахтарыгар диэри күөйэн, мунньан биэрэрбит. Табаны олох хойукка диэри мииммитим. Эрдэ атынан эмиэ сылдьар этибит. Аныгы табаһыкка арааһыттан баар: квадроцикл, бураан, айанныырга – танкетка.

Сайыҥҥыга билигин уонча туркунан көһөбүт. Аспыт-үөлбүт үгүс өттө – булт аһа. Үрэххэ балыктыыллар, ардыгар хайаҕа, тыаҕа чубуку тосхойор. Килиэп оннугар лэппиэскэлиибин. Ээ, бу уолаттар бэйэлэрэ да бэркэ астаналлар. Улаханым инсуллаан хаалан, билигин бөһүөлэккэ олорор. Дьиэтин-уотун көрөр, дьаһайар.

– Булка сыстаҕас буолуоҥ?

– Оҕонньорум былаанын толороругар көмөлөһөн, эдэрбэр туоһапканан тииҥниирим. Билигин, иһиттэххэ, тииҥ да хаалбатах быһыылаах. Оччолорго күҥҥэ уончаны холкутук өлөрөрүм. Күһүнүн отуччалыы да буолар кэмнээҕэ. Бэйэбит суоллаан бултуур этибит. Кэлин ыттаммыттара. Билигин тыаҕа да тахсыбатах ыраатта. Бөрөҕө түбэспэтэҕим. Оттон тыатааҕы саас аайы ити аттыбытыгар баар күөлгэ кэлээччи да, чугаһааччыта суох. Аһынара буолуо онтон. Айылҕалыын алтыһар киһи наар көрдөһө-ааттаһа сылдьар. Хайаан да ас кээһэ сылдьаҕын.

– Табаҕа лабыктатыгар эбии туох эмэ бэриллэр дуу? Туус эҥин? Урукку уонна билиҥҥи таба майгыта-сигилитэ уратылаах быһыылаах дуу?

– Суох. Мин көрдөхпүнэ, майгыта-сигилитэ – уруккунан. Тууһу саппыйаҕа кута сылдьан, кыратык сиэтиллээччи. Билигин кыралаан комбикорм биэрэ түһэллэр. Таба төрүөх кэмигэр киһи чугаһыырын ончу сөбүлээбэт.

– Оҕолоргун, сиэннэргин кытта төрөөбүт тылгынан, о.э. эбээннии кэпсэтэҕит дуу?

– Төрөөбүт тылбыт, дьэ, кырдьык, олох умнуллаары гынна. Мин оскуолаҕа киириэхпэр диэри эбээннии саҥарарым. Оҕолорум эбээннии билэллэр. Оттон сиэннэрим саҥарбаттар. Дьыссаат дьоно. Онно үөрэтэр тылларынан саҥарар буоллахтара.

3 Уола Александрдыын

Эбээ Ылдьаана ыстаадата билигин чугастааҕы дьонноох сиртэн – Үчүгэй бөһүөлэгиттэн – 120 км чиэски сытар, кэрэ көстүүлээх Сунтаар хайатын быыһыгар түстэнэн олорор. Тибии тибэрин аахпатахха, дьыл хайа да кэминээҕэр билигин тупсан турар кэмэ үһү. Баччаларга массыынанан 14-15 ч айаннаан тиийэҕин. Күһүн, саас суол быста мөлтүүр. Тарыҥнар ууллаллар, бадараан эбиллэр. Сайын да туох үчүгэйдээх буолуой? Табалара кэрийэ сылдьан аһыырын быһыытынан, табаларын Малтаан үрэҕи батыһа, көһө сылдьан, мэччитэллэр.

Дириэктэр э.т. Павел Сивцев суол баарын баттаһа, баччаларга табаһыттар астарын олоччу таһан, тиэрдэн кэбиһэр үгэстээхтэрин, табаҕа анаммыт туус баарын, быйыл 100 куул комбикорм ылбыттарын кэпсээтэ. Хараал, дьиэ туттарар былаан баар.

Ыстаада аайы, ол иһигэр Ылдьааналаахха, кыстыкка анаммыт мас дьиэлээхтэр. Сорохторугар хастыы да сиргэ баар. Барыларыгар харааллаахтар. Онтуларын кээмэйэ араас буолар эбит. 200-300 м, кынаттаах, кыра “кабинка” диэн балаакка оннун саҕа тутуулаах. Онно киллэрэн табаларын ааҕаллар, хаанныыллар, имнииллэр, быһыы биэрэллэр. Аныгы кэмҥэ табаны ыабаттар эбит.

Эрэл – удьуор табаһыттарга

Громовтар ыстаадаларыттан арҕаа диэки бардахха, 7-с нүөмэрдээх П.Е. Громов ыстаадата кэлэр, онно 400-тэн тахса табалаахтар. Онтон кэлэр 8-с ыстаадаҕа В.Н. Кондаков биригэдьиирдиир, 200 табаны көрөллөр. Итинтэн салгыы Сунтаар үрэх диэки 1-кы №-дээх, В.С. Баишев биригээдэтэ 1300 табаны көрөн-истэн олорор. Ол кэнниттэн 2-с нүөмэрдээххэ Неустроевтар дьиэ кэргэн үлэлииллэр. Бу ыстаада уратыта – эдэр, кэскиллээх табаһыт уол Петр Петров салайар. 6-с №-дээх ыстаада тутаах базата Томпо кыраныыссатын чугаһыгар баар. Биригэдьиирдэрэ П.И. Соколов диэн.

ТХУ начаалынньыга Павел Сивцев таба салаата удьуор табаһыттарга эрэ ордук тирэҕирэн үйэтийэр, сайдар кыахтааҕын этэр: “Туораттан кэлэн табаһыттыах диэтэххэ – уустук. Онон аҕа уустарынан, утумнааһыны көҕүлээн, субсидия көрөн, таба этин, муоһун, тыһын олоччу туһаҕа таһааран, аахсар дохуоттарын элбэтэр түгэҥҥэ эрэ табыллыан сөп”.

Ханнык баҕарар омук төрүт дьарыга, төрөөбүт-үөскээбит тыла баарын, туттулларын тухары омук быһыытынан уратытын, ис кэрэтин илдьэ сылдьар, кэскилэ кэҥиир, сайдар кыахтаах. Оттон онуоха бу эбээ Ылдьаана курдук ытык кырдьаҕастар ыйар сулус, угуйар күүс буолаллар. Ханна эбэ баар – онно сиэн тардыһар. Ханна сиэн баар – онно кэскил, эрэл уйаланар.

Татьяна Захарова-ЛО¤УУРА.

Санааҕын суруй