Киир

Киир

Урут быраастан, учууталтан, суоппартан атын идэ суоҕун курдук өйдөбүл баар эбит буоллаҕына, билиҥҥи үйэ киһини үөйбэтэх-ахтыбатах идэлэринэн соһутар. Кэм уларыйан истэҕин ахсын ханнык эрэ идэ симэлийэр, ону тэҥэ саҥа, сонун идэлэр күөрэйэллэр. Кэлин “ситим биисинэһэ” (сетевой биисинэс), “инбэстииссийэ” диэн тыллары дьон үгүстүк туттар буолла. Дьиктитэ диэн, бу эйгэҕэ саастаах дьон, чуолаан биэнсийэҕэ олорооччулар, ылсан үлэлииллэр. Оттон сорохтор ити тыллартан уокка оҕустарардыы куттаналлар, угаайы курдук ылыналлар. Онон бу суруйууга ситим биисинэһин туһунан кэпсэтиэҕиҥ.

Устуоруйаны өҥөйдөххө

Ситим маркетинын (сетевой маркетинг) устуоруйатыттан билиһиннэрдэххэ, биисинэс бу көрүҥэ 1945 сыллаахха саҕаламмыта. Ли Майтингер уонна Уильям Кассельберри диэн Эмиэрикэ урбаанньыттара “Нутрилайт Продакшн” диэн хампаанньаҕа ситим маркетинын киллэрэн, быраактыкалара киэҥник тарҕаммыта. 50-с сыллар бүтүүлэригэр Эмиэрикэҕэ “Шакли” уонна “Амвей” диэн ситим маркетинын тутуһар хампаанньалар экэниэмикэҕэ улахан хардыыны оҥорбуттара. Бу биисинэс саамай муҥутаан сайдыбыт кэмэ – 80-90-с сыллар. 90-с сыллар ортолоругар ситим хампаанньалара кэсмиэтикэттэн, ис таҥастан саҕалаан, массыына көлүөһэтигэр, көмпүүтэргэ, куораттар икки ардыларынааҕы сибээскэ тиийэ атыы өҥөтүн оҥорор буолбуттара.

Арассыыйаҕа ситим бии­синэһэ 90-с сыллар саҥала­рыгар саҕаламмыта. Онуоха дойду социальнай-экэнэмиичэскэй балаһыанньата уларыйыыта улаханнык сабыдыаллаабыта. Ити сыллар бастакы аҥаардарыгар дойдуга омук сиригэр оҥоһуллубут араас эбииликтэр (БАД), кэсмиэтикэ ситим атыытынан күүскэ барбыттара. 90-с сыллар иккис аҥаардарыгар Арассыыйаҕа бэйэ оҥоһугун атыылыыр ситим хампаанньалара баар буолбуттара. Ол кэмтэн ситим биисинэһэ күүскэ сайдан, билигин хас иккис киһи бу эйгэҕэ тумсун угар.

Ситим биисинэһин утарааччылар  санаалара

сетьь

 

Мария, 61 саастаах:

– Мин санаабар, бу биисинэс – албыннааһын, угаайы биир көрүҥэ. Дьон харчытын үктэтэн ылан, үлэлэтэн, кө­лө­һүннээн, бэйэ дохуотун үрдэтии. “Пирамида” диэн саамай сөпкө ааттыыллар. Биисинэс тирэҕэр, саҕаланыытыгар эрэ турааччылар сыта байаллар. Оттон байбыт киһи хаһан даҕаны атыттар тустарынан толкуйдаабат. Манныкка баҕа өттүлэринэн киирэр дьону, бырастыы гыныҥ, далай акаарыларынан ааҕабын. Итинник дьикти үлэнэн дуу, балыйыынан дуу дьарыгырыах кэриэтин идэтийбит үлэҕэ эрэллээхтик, чиэһинэйдик үлэлээбит ордук.

Александр, 48 саастаах:

– Сүрэҕэ суохтар дьарыктара дии саныыбын. Сахаҕа барсыбат. Хаһан даҕаны саха саханы байытар, барҕардар туһугар хамсаныа суоҕа. Бэйэбит эрэ туспутунан саныыр майгылаах омук буоларбытын мэлдьэспэт инибит? Аҕыйах сыллааҕыта укпут харчыбын хас эмэ төгүл үрдэтэр биисинэскэ киирэн баран, ыт кутуругун туппутум. Хомойуу бөҕөтүн хомойон, кэлэйии бөҕөтүн кэлэйэн, хаарыан харчыбын харыһыйан, мэктиэтигэр, кэргэмминиин икки аҥыы бара сыспыппыт. Этэллэрин курдук, “босхо сыыр кутуйах сохсотугар эрэ баар”. Онон бэйэбэр тиксибит ирээтинэн, дьылҕам суолунан сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри харым күүһүнэн үлэлээн, судургутук олорбутум ордук.

Розалия, 59 саастаах:

– Кыыһым үрдүк үөрэхтээх учуутал идэлээҕэ. Биир күн ыраатыахтаах идэтиттэн – үчүгэйкээн үлэтиттэн – уурайан, кэсмиэтикэ атыылыыр биисинэскэ көспүтэ. Мин халлааным хараҥаран ылбыта. “Хотуой, ол хас дьахтар киэргэнэрин дуу, киэргэммэтин дуу кэтээн, олоххун оннук моҥуугун дуо? Оҕолоргун хайдах иитэҕин?” – эрэ диэн хаалбытым. Билигин улахан хамнастаах аатырар, массыыналаммыта, баҕатын хоту элбэхтик айанныыр эрээри, биир бэйэм испэр адьас киллэрбэппин, үлэтин өйдөө­бөппүн. “Ийээ, бу – аныгы үйэ идэтэ. Талбыккынан үлэ­лиигин, хамнастанаҕын”, – диир даҕаны, дьиҥнээх тэ­рилтэҕэ үлэлээн, кэмигэр үр­дээн, сөбүгэр хамнастанан, на­ҕа­раадаланан, дьон махталын ылар үлэ ордук этэ диэн, иннибин биэрбэппин. Бу кыыс сааһырдаҕына, хайа тэрилтэҕэ сыстарый? Хантан биэнсийэлэнэрий? Онон ити этэр биисинэстэрин киһи мэйиитин эргитэр, өйүн бутуйар эйгэнэн ааҕабын.

Утарар санааны үксүн тэрилтэҕэ үлэлээн, судаарыстыба өйөбүлүн ылбыт, олохторугар, үлэлэригэр уларыйыыны баҕарбат дьон тутуһаллар. Санаа хас да аҥыы хайдыбытын да иһин, ситим биисинэһэ билиҥҥи үйэҕэ баар, баар да буолар чинчилээх.

Таба тайаммыппыттан үөрэбин

Наталья эбии аһылык бородууксуйатын атыылыыр хампаанньаҕа үлэлиир. Тас көрүҥнүүн, туттардыын-хаптардыын астык, билиитэ-көрүүтэ киэҥинэн сөхтөрөр.

– Сааһым тухары чуораантан чуорааҥҥа диэри устуоруйа учууталынан үлэлээбит киһибин. Хас үөрэх дьылын аайы биир бырагырааманан биири үөрэтэртэн хал буолан, үлэбэр аатыгар эрэ барарым. Сааһыран эрэр киһи аптыакаттан эмп, битэмиин атыылаһан иһэрим. Биирдэ дьүөгэм дьиэтигэр бэрт дьикти кэпсээннээх, бородууксуйалаах дьахтар кэлэн олорорун эппитэ, кинини истэрбитигэр ыҥырбыта. Ыалдьыт кэпсээнин сэҥээрэн, бородууксуйаттан тута атыыласпытым уонна туттан барбытым. Соһуйуом иһин, бэрт кылгас кэм иһигэр доруобуйабар тупсуу биллибитэ. Онон кыралаан атыылаан, бэйэбэр дохуот киллэрэн, бородууксуйанан босхо туһанарга быһаарыммытым. Онтон устунан киһи куһаҕана суохтук хамнастаныан сөбүн билбитим. Хамаанда хомуйан барбытым.

Оннук үлэлээн-хамсаан, оскуола аанын саппытым биэс сыл буолла. Билигин миэхэ хотун-тойон диэн суох. Ол оннугар сирдиир, үөрэтэр дьонноохпун. Бэйэбин истэр, ытыктыыр хамаандалаахпын. Эбиэккэ диэри астына, дуоһуйа утуйабын. Ханна да ыксаабаппын. Үлэм чааһа хаһан саҕаланарын, хаска бүтэрин бэйэм эрэ быһаарабын. Интэриниэт үөрэҕинэн элбэҕи билэбин-көрөбүн. Сылга иккитэ сылаас дойдуга сынньанан кэлэбин. Бородууксуйаны атыылыыр, хамаандабыттан бырыһыаннанан киирэр харчыбыттан уурунабын. Төһө эрэ сууманы инбэстииссийэҕэ уган, хас эмэ төгүл үлүннэрэбин. Онон оҕолорбор, сиэннэрбэр көмөлөһөбүн.

Биллэн турар, киһи тугу баҕарарын талар бырааптаах. Эйгэ эрэ барыта хас киһиэхэ барытыгар аһаҕас буолбат. Биир бэйэм баҕарар хайысхабар таба тайаммыппыттан олус үөрэбин. Ситим биисинэһэ туһата, биэрэр кыаҕа элбэх.

Күүстээхтэн күүстээхтэр эйгэлэрэ

Георгий ситим биисинэ­һигэр үлэлээбитэ ыраатта. Бу эйгэҕэ “ыты сиэбит” киһи буолан кэпсиир:

– Ситим биисинэһигэр туһанааччы уонна дистрибьютор быһыытынан үлэлиэххэ сөп. Ол эбэтэр атыыланар бородууксуйаны көннөрү ту­һа­нааччы уонна биисинэс оҥостон, хамнастанааччы. Киһи барыта көҥүлү сөбүлүүр. Ситим биисинэһэ эмиэ бэйэтэ туһу­нан быраабылалаах, ирдэбиллээх эрээри, тэрилтэҕэ үлэлиирдээҕэр быдан сынньалаҥ. Ону тэҥэ биир кэбиниэтинэн хааччахтаммакка, Сир саарын хайа баҕарар муннугар үлэлиир кыаҕы биэрэр. Холобур, тэрилтэ хамнаһы акылаатынан биэрэр, хайдах даҕаны үлэлээтэххинэ, кээмэйэ уларыйбат буоллаҕына, ситимҥэ хайдах үлэлииргинэн сыраҥ сыаналанар. Нууччалыы эттэххэ, мотивацията, ол эбэтэр өрө тардара, сирдиирэ, сыаллыыра үчүгэй.

Аны туран, куурустарга, вебинардарга кыттан, билиигин хаҥатынаргар, таһымҥын сайыннараргар, ис күүскүн, дьоҕургун арыйаргар кыаҕы биэрэр. Биир тылынан, киһи бэйэтин киһи курдук сананарыгар толору усулуобуйа баар.

Көннөрү маҕаһыыҥҥа хамнастаах атыылааччылар табаары дьаныһан туран атыылаабаттар, сырдатарга кы­һал­лыбаттар. Оттон ситим бии­синэһигэр атыылааччы табаар сыаннаһын, анал усулуобуйа тэрийэн туран кэпсиир. “Он­нооҕор төбөнү быһааччы икки көмөлөһөөччүлээх” дииллэрин курдук, хас биирдии киһи килийиэннэрдээх базалаах. Ол эбэтэр киниттэн атыылаһар дьонноох. Онон атыыттан дохуот киллэринэр кыахтаах.

Биллэн турар, ситим эйгэтэ хара ааныттан кыайыыны тосхойбот. Хайа баҕарар хайысхаҕа курдук, кини эмиэ тургутуулары ыытар. Күүс­тээх­тэн күүстээхтэр, кытаанах, истириэһи уйумтуо, саҥаны билэртэн куттаммат, сэргэх көрүүлээх дьон хаалаллар.

Ситим биисинэһигэр салайааччы үлэһити кытта курдук буолбакка, партнёрдуу сыһыан баар. Тэрилтэҕэ курдук, үрдүкү турааччыга ньылаҥнаһыы суох. Дьон бары тэҥнэр. Онон аныгы олох хаамыытыгар олус сөп түбэһэр биисинэс.

Ньүдьү-балай дьоҥҥо сөбө суох

Арианы саҥа үйэ биир чаҕылхай ыччатын быһыы­тынан сыаналыыбын. Кини сүбэтэ сыыска-буорга хаалбатыгар саарбахтаабаппын.

– Инбэстииссийэ – сайдыы таһыма. Актыыбынай дохуоту ылар туһугар хайа баҕарар үлэҕэ күүскэ үлэлиэххин, бэриниилээх буолуоххун наада. Оттон пассивнай дохуот, ол эбэтэр инбэстииссийэ, улахан тулууру уонна дьулууру ирдиир. Бу – чахчы харчы эйгэтэ. Харчы бэйэтэ бэйэтин оҥорор, баай баайы төрөтөр таһымыгар тахсыы. Бэйэтигэр ытыктабылы эрэйэр. Харчы ис хоһоонун, баай-дуол диэн тугун сөпкө өйдүүр таһымҥа тахсыбыт киһи инбэстииссийэҕэ ситиһиилэнэр.

Инвестор буоларга аһара иэйии (эмоция) мэһэй­дээх. Тоҕо диэтэххэ, бу эйгэ тү­һүү­­лээх-тахсыылаах. Онон киэҥ-холку буолуохха, ырааҕы көрүөххэ наада. Сааска хаач­чахтааһын суох эрээри, кэмигэр сыыһаны-халтыны көннө­рүнэргэ бириэмэ наада. Биир үксүн киһи иитиититтэн, билиититтэн, олоххо бэлэмиттэн тутулуктаах. Тугу да билэ сатаабат, нүдьү-балай, иҥсэлээх дьоҥҥо инбэстииссийэ эйгэтэ табыгаһа суох. Оннук дьон хара үлэҕэ барсаллар. Толкуйа оруннаах да буолан буолуо, инбэстииссийэҕэ эр киһи ордук табыллан үлэлиир. Өйдөһөр кэргэннии дьоҥҥо олус таһаарыылаах буолуон сөп.

Инбэстииссийэ көрүҥнэ­ринэн олус улахан, улахан, орто, кыра кутталлаах диэҥҥэ арахсар. Үгүс дьон кылгас кэмҥэ улахан харчыны “охсон” ыларга дьулуһар. “Олус улахан кутталлаах” бырайыактарга баар харчыны барытын угар кутталлаах. Тоҕо диэтэххэ, итинник бырайыактар хаһан үлэлээн бүтэллэрин ким даҕаны билбэт. Ол да иһин инбэстииссийэ саамай сүрүн өйдөбүлэ – укпут харчыгын хаһан баҕарар сүтэрэргэ бэлэм буолуохтааххын. Бүтэһик харчыны угар наадата суох. Бу мантан иккис сүрүн өйдөбүл тахсар – сымыыты наар биир иһиккэ укпатыҥ курдук, үбү-харчыны хас да хайысханан үлэлэтиэххэ наада. Ол эбэтэр аахсыйаны, валютаны, криптовалютаны, көмүһү, хамсаабат баайы атыылаһан, хапытаалга угуохха сөп. Биир тылынан, элбэх сиргэ актыыптаах буолуохха наада уонна ону уһун болдьоххо торумнаан, аттаран үлэлэтии ирдэнэр. Ол эбэтэр инбэстииссийэ – харчыга сыһыаннаах, саҥа ньымалары үөрэтэр, ылынар киһи эйгэтэ.

Түмүктээн эттэххэ, ситим биисинэһэ биһиги олох­путугар бигэтик киирдэ. Билиҥҥи кэм киһитэ тэрилтэ усулуобуйатынан му­ҥур­даммакка, акылаакка хаайтарбакка, аныгы кэм үстүрүмүөннэрин туһанан, арҕаа дойду ааттаахтарын кытта аргыстаһар, соҕуруу дойду чулууларын кытта туруулаһар.

Оксана ЖИРКОВА.