Киир

Киир

«Лада Нива» уонна «УАЗ» массыыналар Саха сирин балыыһаларыгар кэллилэр. Бу туһунан доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Саҥа массыыналар первичнэй звенону бөдөҥсүтүү федеральнай бырагыраама иитинэн бэрилиннилэр. Бу бырагыраама быйылгыттан саҕаламмыта. "Саҥа масыыналар ыарыһахтары таһыыга, эми-тому аҕалыыга туһаныллыахтара. Мантан инньэ быраастар түргэнник ыарыһахха көмө оҥоро тиийиэхтэрэ", - диэн иһитиннэриигэ суруллар. Министэристибэҕэ бэлиэтээбиттэринэн, сыл саҕаланыаҕыттан Саха сиригэр номнуо 24 массыына кэлбит, сыл бүтүөр дылы федеральнай быраграаманан уопсайа 54 массыына кэлиэхтээх.




Санааҕын суруй