Киир

Киир

Биһиги арҕаа Украина бандеровецтарын идеологията Украина төрүт олохтоох нууччаларын өйдөрүн хайдах баһылаата диэн дьиктиргиибит. Донбаска бара сылдьан: “Украина тоҕо Арассыыйаны утары барбытай, “кто не скачет – тот москаль”, “москаляку на гиляку” (москаллары ыйыырга) диэн үөҕүүлэр ыччакка тоҕо киэҥник тэнийбиттэрэй, Украина нууччалара Арассыыйа нууччаларын тоҕо утары турдулар?” – диэн ыйыталаспытым.

WhatsApp Image 2023 07 24 at 11.59.11 1

Идеологияны националистар ылбыттар

Соцситимнэргэ сорох дьон анал байыаннай эпэрээссийэ тоҕо ыытылларын өйдөөбөт курдук суруйаллар. Дьон “Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ хотторбут, 1955 с. ССКП генсэкирэтээрэ Н.С. Хрущев амньыыстыйалаабыт бандеровецтара Украинаҕа барытыгар идеологияларын соҥнооботулар ини” диэн саныыллара көстөр. Арҕааҥҥы НАТО дойдулара, чуолаан англосакстар,  куорҕаллыыр үлэлэрин түмүгэр бэрт кэбэҕэстик Украинаны анти-Арассыыйаҕа кубулуппуттарын итэҕэйбэт курдуктар.

Итиннэ быһаарыы биэриэх иннинэ бастаан Арассыыйа 2021 с. Эмиэрикэттэн, арҕаа дойдулартан “НАТО аны Арассыыйа кыраныыссатыгар кэлбэт, Украинаны састаабыгар ылбат диэн мэктиэ сурукта аҕалыҥ, дуогабардаһыахха” диэн хас да төгүл төхтүрүйэн туруорсубутун анарааҥҥылар сэнээн, эппиэт биэрбэтэхтэрэ. Ол түмүгэр анал байыаннай эпэрээссийэни саҕалыырга күһэллибитин санатыллар.  

Донбаска кэпсэппит дьонум ССРС ыһыллыаҕыттан Украина Үрдүкү Радатыгар идеологияҕа болҕомто ууруллубакка, бандеровецтар кыайбыт 2014 с. майдааннара тахсыбыта дииллэр. Дьэ, ол хайдах оҥоһуллубутуй? Донбастан уонна нууччалар уутуйан олорор илиҥҥи эрэгийиэннэриттэн талыллыбыт дьокутааттар бары Үрдүкү Рада экэниэмикэ, бырамыысыланнас, бүддьүөт, урбаан, тутуу эҥин баай кэмитиэттэрин баһылыырга дьулуһаллар эбит. Оттон Арҕаа Украинаттан төрүттээх, националистыы өйдөөх “западенецтар” идеологияны, ыччат өйүн-санаатын баһылыыр үөрэх, култуура кэмитиэттэрин толору ылан олорбуттар. Үөрэх хайдах буоларын, оҕону туохха үөрэтэри, госпропаганда туох соруктаах буолуохтааҕын, ханнык култуура баһылыахтааҕын, туох ис хоһоонноох кинигэ суруллуохтааҕын барытын кинилэр быһаарбыттар. Ол түмүгэр ССРС ыһыллыаҕыттан 30-ча сылынан Украинаҕа Арассыыйаны, нууччаны абааһы көрөр дьону иитэн таһаарбыттар.

Олег Царев 2013 с. сэрэтиитэ

Ити куорҕаллыыр үлэҕэ Эмиэрикэ улахан “үтүөлээх”. 2013 с. АХШ посольствота Украинаҕа аһаҕастык алдьархайы бэлэмнии сылдьарын  сэрэтэн, оччолорго Украина Үрдүкү Радатын дьокутаата, Украина сокуоннай былааһын суулларыы кэннэ саҕаламмыт Новороссияны тэрийии хамсааһынын биир лиидэрэ Олег Царев Радаҕа тыл эппитэ ютубка билигин да сылдьар. Онно кини: “АХШ посольствотын быһаччы кыттыытынан Украинаҕа гражданскай сэриини тэрийэр дьону бэлэмниир “Техкемп” диэн бырайыак ыытылла турар. Бу бырайыак Украина дьонун өйүн-санаатын манипуляциялыыр информационнай сэриини тэрийэр уонна судаарыстыба институттарын баһааҕырдар исписэлиистэри, бырачыастыыр дьайыылары тэрийэр, судаарыстыба былааһын суулларар кыахтаах элбэх революционеры бэлэмниир соруктаах”, – диэбит. Царев Украинаҕа соцситимнэринэн уонна интэриниэт технологияларынан дьоҥҥо бырачыастыыр өйү-санааны соҥнуур, сокуоннай былааһы суулларар радикальнай күүстэри бэлэмнээһин күүскэ ыытылла турарын иһитиннэрэ сатаабыт. Эмиэрикэ инструктордара ити технологияларынан Египеккэ, Туниска, Ливияҕа былааһы суулларбыттарынан киһиргииллэр, холобур оҥостоллор эбит. “Техкемп” үөрэҕин бүтэрбит элбэх киһи, ордук ыччат,  АХШ посольствотын аһаҕас өйөбүлүгэр тирэҕирэн, интэриниэтинэн дойдуга бэрээдэги маассабай кэһиини күөртээн, Украина сокуоннай былааһын суулларыыга кыттыан баҕалаах дьону мунньан ырааппыттарын эппит. Бу этиитин быраабы араҥаччылыыр уорганнар, анал сулууспалар бэрэбиэркэлииллэригэр, былааһы утары дьайыылары тохтоторго ыҥырбыт. Ол эрээри ким да тарбанан көрбөтөх. Эһиилигэр Януковиһы суулларбыт майдаан кэнниттэн туох буолбутун бары билэбит... 

1986 с. идеология дьаатын учуобунньуга

Эмиэрикэ ССРС-һы ыһар биир ньымата ыччат өйүн сытытыы буоларын билэбит. ССРС ыһыллыытыгар жвачка, дисиинсэ, арҕааҥҥы попса муусука уо.д.а. “көҥүл олох бырапагаандата” быһаарыылаах оруолламмытын билигин өйдүүбүт. Ити куорҕаллааһыны утары ССРС салалтата тугу да оҥорботоҕо. Тоҕо оннук буолбутун М.Горбачевка Нобель бириэмийэтин биэрбиттэриттэн сэрэйиэххэ сөп.

WhatsApp Image 2023 07 24 at 11.59.11 2

Соторутааҕыта Эмиэрикэ пуондалара өссө сэбиэскэй кэмҥэ Украина ыччатын өйүн бутуйар үлэни ыыта сыппыттарын туоһута көһүннэ. ЛНР Старобельскай куоратын биир оскуолатыгар 1986 с. тахсыбыт “Украина устуоруйата. Кылгас быһаарыы” диэн кыра кылаастарга аналлаах 50-ча сирэйдээх, 125 тыһ. тирээһинэн тахсыбыт учуобунньугу булбуттар. 

Телеграм-ханаалларга бу кинигэни РНА Соҕурууҥҥу билимин киинин ыстаарсай научнай үлэһитэ, этнолингвист Т.А. Власкина ырытыыта таҕыста. Татьяна Юрьевна: “Бу омос көрдөххө, чап-чараас кинигэ да буоллар, манна бүгүҥҥү Украинаны баһылаабыт националистическай кэнсиэпсийэ сүрүн өрүттэрэ киирбиттэр. Украина информационнай эйгэтин, дьон өйүн-санаатын өр кэмҥэ баһылыахтаах идеология сүмэтэ киирбит.

Кинигэни олус үчүгэйдик толкуйдаабыттар. Төһө да кыратын иһин, хас биирдии тыла суолталаах, ордук хос тыл суох. Кинигэ тас ойуутугар бүгүн Украинаны баһылаабыт сиимбэллэр бааллара дьиктиргэтэр. Трезуб – былаас сиимбэлэ, бөнүөк уонна “Слава героям” диэн бандеровецтары уруйдааһын аҥаара баар. Бу ким оҥорбут кинигэтэ буоларын, туох ис хоһооннооҕун ис өттүгэр “бу кинигэ РУХ (Украина националистарын тэрилтэтэ) Украина оскуолаларын оҕолоругар бэлэҕэ” диэн суруллубутуттан көстөр. Тахсыбыт дааннайдарыгар кинигэ 1986 с. Эмиэрикэ Кэнгириэһин үөрэххэ сэбиэтин эмиграцияламмыт украинецтарга аналлаах кэмитиэтин (U.S.S.A)  үбүгэр бэчээттэммитэ ыйыллыбыт.

Кинигэҕэ В.Черновол диэн сэбиэскэй тутулу, хомуньуустары утаран 15 сыл хаайыыга олорбут, Арҕаа Украина биир биллэр националист лиидэрэ учууталлары “Украина инникитин оҥорооччуларгыт” диэбит анабыл суругун факсимилета туруоруллубут. Черновол Саха сиригэр 1980-83 сс. Ньурбаҕа сыылкаҕа олоро сылдьыбыта диэн биллэр. Өссө ким эрэ “Ньурбаҕа оҕолоох үһү” диэн суруйбут этэ, кырдьыгын-сымыйатын ким билиэй.

Учуобунньук хара маҥнайгыттан Украина дьиҥнээх устуоруйатын токурутууттан саҕаланар. Онно: “Украина норуота Хара муораттан Карпакка, Полесьеҕа диэри киэҥ сиргэ тэнийэн олорор. Былыргы төрүттэрбит Черниговка, Галичинаҕа, Волынҥҥа үөскээн олорбуттара. Ити кэмҥэ Хара муора кытылын диэки сирдэр иччитэх этилэр, олорго киирэр дьиикэй омуктары украинецтар сэриинэн кыайан,  былаастарын,  дьиэлэрин муора кытыытыгар диэри туппуттара”, – диэн суруллубут. Ол аата, Новороссия сирин оччоттон төрүт Украина сирэ этэ диэн былдьаһар быраабы киллэрбиттэр. Учуобунньук үс: Кинээс былааһа, Хаһаактар былаастара уонна саҥа, билиҥҥи былаас диэн түһүмэхтэртэн турар. Бастакы түһүмэххэ Киев диэн киин куораттаах Киевская Русь судаарыстыбаны украинецтар тэрийбиттэрэ диэбиттэр. Онон “былыргы устуоруйа барыта Украина киэнэ этэ, нууччалар, белорустар туспа устуоруйалара суоҕа” дэммит.

Онтон Украинаттан хоту баар ойуур, бадараан сирдэр былыр эмиэ Киев сирэ этилэр. Онно бастаан вятичтар, мордвиннар, муромнар уо.д.а. түҥкэтэх дьон олорбуттара. Олор булкуспуттарыттан московиттар (билиҥҥи нууччалар) үөскээбиттэрэ диэн этэллэр. Ол сирдэри Владимир Мономах сыдьааннара баһылаан баран,  улуу Украина кинээстэриттэн төрүттээхтэрин умнан, бэйэлэрин үрдүктүк сананан, урукку дойдуларыгар өстөөхтүү сыһыаннаһан, Украинаны урусхаллыыр санааламмыттара дэммит.

Учуобунньук биллибэт ааптардара оҕолорго Европаны илиҥҥи дьиикэй татаар-монгуол сэриилэриттэн украинецтар быыһаабыттара диэн санааны соҥнууллар. Украинаны кытта сэриигэ татаар-монгуоллар элбэх күүстэрин сүтэрэн, Европаҕа барбатахтар үһү. Онон өссө Европаҕа туһаайан, “Европа, эн, Украина норуотун иннигэр быыһаммыт иэстээххин умнума” диэн суруйбуттар.

Учуобунньук кылгас кэпсээннэрэ оҕолорго боростуой, өйдөнүмтүө тылларынан суруллубут. Манна улуу Украина норуота хоту олорор ымсыы, куһаҕан ыалларыттан мэлдьи өстөөхтүү, батталлаах сыһыаны көрсөн кэлбитэ диэбиттэр.

Украина сайдыытын нуучча норуота дьиикэй аҥаардааҕыттан саҕалаан, империалистическай Арассыыйа буолуор диэри буомурдубут үһү. Украина националистарын идеологияларынан оҕо өйүн куорҕаллыыр учуобунньугу АХШ Кэнгириэһин үлэһиттэрэ оҥорбуттар. Ол аата, бу санааны күөртээччи АХШ буолар диэн кэпсээбит.

Арассыыйаны Московия диэн ааттыы сатыыллар

Дьиҥэр, Украина националистарын тэрилтэтэ, ОУН-УПА (сэрии кэнниттэн РУХ) хаһан да Украина гражданнарын уопсай хамсааһына буолбатаҕа, сүрүннээн, Арҕаа Украинаҕа баара. Бандеровецтар хотторон баран, “биһиги хомуньуустары күүспүтүнэн кыайыа суохпут, онон баартыйаларын тиһигэр киирэн, иһиттэн кэбирэтэн сыалбытын ситиһиэхпит” диэбиттэрин Сойуус ыһыллыытыгар сүрүн оруолу оонньообут, Украина бастакы бэрэсидьиэнэ, оҕо сылдьан бандеровецтарга ас таспыт Леонид Кравчук Уларыта тутуу кэмигэр Украина компартиятын бастакы сэкирэтээрэ буолбута бигэргэтэр.

Биһиги санаабытыгар сэбиэскэй кэмҥэ, бэл, Горбачев кэмигэр, устуоруйаны  итинник токурутар учуобунньук хайдах да тахсыан сөбө суох курдук. Оттон бандеровецтар Уларыта тутууну Украинаттан Арассыыйаны утары националистыы идеологиялаах судаарыстыба оҥорор кэм кэллэ диэн, куорҕаллыыр үлэлэрин ити оҕо өйүн булкуйар үлэттэн саҕалаабыттар.

Ол түмүгэр нуучча нэһилиэнньэлээх Илиҥҥи Украина эрэгийиэннэрин дьонун өйдөрүн-санааларын Арассыыйа нууччаларын утары туруорбуттар. Улаханнык биллэр “Азов” националистическай батальон нууччалар олорор Мариуполь куораттарыгар,  “Донбасс” батальон Брежнев дойдутугар Днепропетровскайга 2014 с. тэриллэллэр. Майдааны салайбыт, Янукович былааһын суулларыыга сүрүн оруолу ылбыт “Уҥа сектор” салайааччыта Д.Ярош Днепропетровскай уобаластан төрүттээх.

Ити учуобунньукка суруллубутун курдук, Украинаҕа билигин Московия уонна кини олохтоохторо урут Украина түҥкэтэх кырыы сирэ этилэр, кинилэргэ култуураны, тылы уонна суругу-бичиги украинецтар биэрбиттэрэ диэн итэҕэйэллэр.  Московиттар диэн дьон финно-угорскай омуктар татаар-монгуоллары кытта булкуспуттарыттан үөскээбиттэр. Билиҥҥи нуучча тыла финно-угорскай уонна түүр тыллара буортулаабыт Украина тылын диалега буолар диэн санаалаахтар.

Украинаҕа итинник ииригирии дьону итэҕэппитин бэрэсидьиэннэрэ Зеленскэй быйыл саас премьер-миниистир Д.Шмыгальга норуот туруорсуутунан “Арассыыйаны Московиянан, Арассыыйа Федерациятын Московия федерациятынан, нуучча (русский) омугу Московский диэн уларытан ааттыыр боппуруоһу кичэйэн үөрэтэригэр” сорудахтаабыт.

***

Ити курдук, Украина холобуругар Эмиэрикэ “бытааннык тоҕо тэбэр” идеологическай сэриитин сэбэ аныгы информация технологияларын көмөтүнэн хайдахтаах идэмэрдэнэн тахсара үчүгэйдик көстөр.

Владимир Степанов.