Олунньу 15 күнүгэр Москуба куоракка Ил Дархан Егор Борисов РНА социология институтун омуктар икки ардыларыгар сыһыаннаһыыны чинчийэр Киинин салайааччытын, история билимин дуокторын, профессор Леокадия Дробижеваны кытта көрүстэ.
Леокадия Михайловна өр кэмҥэ СӨ омуктар икки ардыларыгар сыһыаннаһыы уонна итэҕэл боппуруостарыгар исписэлиистэри кытта бииргэ алтыһан үлэлиир. Дьокуускай куоракка ыытыллар форумнарга, научнай конференцияларга кыттар, этносоциология, социология, араас омуктары кытта сыһыаннаһыы боппуруостарыгар сэминээрдэри, маастар-кылаастары, төгүрүк остуоллары ыытар. Бу боппуруостарга Саха сирин бастайааннай консультана буолар.
2012 сыллаахха кини чинчийиитинэн “ Идентичность и консолидационный ресурс жителей Республики Саха (Якутия)” диэн кинигэ бэчээттэнэн тахсыбыта.
Былырыын кини эспиэр быһыытынан Москубаҕа Саха сирин күннэрин чэрчитинэн Арассыыйа уонна Саха сирин норуоттарын Ассамблеятын мунньахтарыгар кыттыбыта.
Ил Дархан Леокадия Михайловнаҕа Арассыыйа национальнай бэлиитикэтигэр уонна федеративнай сыһыаннаһыыларыгар киллэрэр сүҥкэн кылаатын иһин махтанна. Түгэнинэн туһанан Егор Афанасьевич Леокадия Михайловнаны үбүлүөйүнэн эҕэрдэлээтэ уонна Саха сиригэр киллэрбит өҥөтүн иһин Грамота туттарда.
Леокадия Дробижева Саха сирэ дойду үрдүнэн норуоттар икки ардыларыгар сыһыан биир бастыҥ холобурдааҕын тоһоҕолоото. Инньэ 90-с сыллартан Саха сиригэр бу хайысхаҕа күүстээх уонна сөптөөх болҕомто ууруллубутун эттэ. Чинчийээччи этэринэн, билиҥҥи кэмҥэ социология ыйытыгын түмүгүнэн саха норуота бэйэтин омук быһыытынан билиниитэ олус күүстээҕин көрдөрбүт. Дробижева ыһыаҕы Арассыыйаҕа эрэ буолбакка аан дойдуга үчүгэйдик билэр буолбуттарын бэлиэтээтэ уонна Егор Борисовка саха норуотун үгэстэрин харыстыырга уонна сайыннарыыга ыытар үлэтин иһин махтанна.