Киир

Киир

Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Илдьитигэр “сыл аайы 5 мөл. аҕыйаҕа суох ыал олорор усулуобуйата тупсарыллыахтаах” диэн бэлиэтээтэ.

Дойду бэрэсидьиэнэ: «2017 сылга Арассыыйа үрдүнэн 3 мөл. ыал дьиэтин усулуобуйата, туруга тупсарылынна. Аны маннык болдьоххо сыл ахсын 5 мөл. ыал олоҕун тупсарар таһымҥа тахсыахтаахпыт. Ол туһугар сылга дьиэ тутуутун 120 мөл. кв. м тиийэ улаатыннарыахтаахпыт. 1950-70 сс. дьиэ тутуута 60 мөл., онтон 80-с сс. 70 мөл. тиийбит буоллаҕына, билигин 5 мөл. ыалы хааччыйар сыалы ситиһэргэ 120 мөл. кв. м тутуллуохтаах», – диэн соругу туруорда.

Онтон, 2017 сыл түмүгүнэн, Саха сирэ Уһук Илин эрэгийиэннэригэр дьиэ тутуутугар бастыҥ көрдөрүүлээх буолла. Ол курдук, иллэрээ сыллааҕы түмүктэри аһара баран, 634 тыһыынча кв. м тиийбит. Ааспыт сылга 2012 сыллаахтан үлэлиир “Хаарбах туруктаах дьиэлэртэн босхолонуу” бырайыак үлэтин тохтотто. 5 сыллаах бырайыак түмүгэр 11726 ахсааннаах, уопсайа 491580 кв. м иэннээх дьиэттэн 30309 киһи көһөрүлүннэ, бу былааҥҥа 30 млрд харчынан көрүллүбүтэ.

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 1436 хаарбах туруктаах, толору хааччыллыыта суох дьиэттэн олохтоохтору көһөрдүлэр. 415,52 тыһыынча кв. м иэннээх, бары өттүнэн хааччыллыылаах  дьиэ үлэҕэ киирдэ. Ол иһигэр, 267 (75) % таас, 53 (15%) мас, 36 (10%) түргэнник тутуллан киирэр дьиэ тутулунна. Инньэ гынан, көһөрүллүбүт дьон бары: уу, сылаас, канализация өттүнэн толору хааччыллыылаах, саҥа дьиэлэри ыллылар.

 

Бүтэһик сонуннар