Киир

Киир

АХШ биллэр политолога, урут Рональд Рейган бэрэсидьиэҥҥэ анал сүбэһитинэн үлэлии сылдьыбыт Дуг Бэндоу “арҕааҥҥы дойдулар Арассыыйаны утары тымныы сэриигэ киирэллэрэ сыыһа, Арассыыйа билигин куттала суох, кимиэхэ да суоһаабат. Ол курдук, билигин Москуба уонна Вашингтон икки ардыларыгар идеология өттүнэн ханнык да утарыта турсуу суох.

 

РФ бэрэсидьиэнэ В.Путин хас хардыытын барытын ааҕан, суоттаан оҥорор, улахан прагматик киһи. Төттөрүтүн, АХШ салалтата бу кэнники буолан ааспыт Афганистан, Ирак сэриилэриттэн туох да туһалаах уруогу ылбата. Билиҥҥи Арассыыйа урукку импиэрийэтин төнүннэрэр былаана суох, бэйэтин кыраныыссатын көмүскэнэр уонна экэниэмикэ сибээстэрэ күүһүрэллэригэр эрэ интэриэстээх. Бу кэнники сылларга олоҕурбут балаһыанньаны көрдөххө, Арассыыйа наар бэйэтин көмүскэнэн эрэ кэллэ. Кини Украина, Грузия НАТОҕа киириэхтэрин баҕарбата, Сирия көмөтүнэн Аан Илиҥҥэ бэйэтин сабыдыалын олохтуу сатыыра – ол барыта кини тус интэриэһэ. Билиҥҥи АХШ салалтата былыргы идеология догмаларын тохтотон, сүрүн болҕомтотун аан дойду бэлиитикэтин барытын төрдүттэн түөрэ уларытыан сөптөөх, күүһүрбүт Кытайга уурара уолдьаста” диэн улахан ыстатыйата таҕыста.

Биллэн турар, бу Дуг Бэндоу АХШ улахан бэлиитикэтин дьаһайа олорор киһи буолбатах. Кини этиитин истээччи эрэ истэрэ буолуо. Таарыйа, муус устар 2 күнүгэр Путин уонна Трамп төлөпүөнүнэн кэпсэтэ сырыттылар. Онно Трамп Путины АХШка ыалдьыттыы кэлэригэр ыҥырда.

Санааҕын суруй