ФИНЛЯНДИЯ
“Сахабыт тыла кэскиллээх дуо?” диэн ыйытыы бүтэһик кэмҥэ үгүс саханы долгутар. Аҕыйах сыл анараа өттүгэр биир эмэ оҕо сахалыы саҥарбат буоллаҕына, билигин үгүс оҕо төрөөбүт тылын билбэт. ЮНЕСКО чинчийиилэрэ этэллэринэн, тыл кэскилэ кини бары эйгэҕэ киэҥник туттулларыттан тутулуктаах. Официальнай эйгэҕэ эрэ туттуллар тыл тыыннаах хаалар кэскиллээх. Ол эбэтэр ити эйгэҕэ тылы туттуу бэрээдэгэ, биллэн турар, судаарыстыба ылыммыт тылга сокуонугар олоҕурар. Холобурга Финляндияны ылыаҕыҥ. Кини 20 провинцияҕа арахсар (олортон биирэ – автономиялаах Аланд арыылара) унитарнай биир ньыгыл судаарыстыба. 2021 с. нэһилиэнньэтэ 5 мөлүйүөн 549 тыһыынча киһи этэ. Онтон 86,5 % – финнэр, 5,2 % – шведтэр (288 тыһыынча киһи), 1,6 % – нууччалар, 0,04 % – олохтоох хотугу норуоттар бэрэстэбиитэллэрэ о.д.а. Көстөрүн курдук, нэһилиэнньэҕэ финнэр лаппа баһыйаллар.
Дойду Төрүт сокуонун 17-с параграбыгар национальнай, ол эбэтэр судаарыстыбаннай тылларынан финн уонна швед тыллара тэҥинэн ааҕыллаллара ыйыллар. Саамилар бэйэлэрин тылларын официальнай эйгэлэргэ туттуохтарын сөбө бигэргэнэр. Финляндияҕа XI үйэттэн саҕалаан 1863 сыллаахха диэри официальнай тыл швед тыла этэ. Биллэрин курдук, 1809 сыллааҕы сэрии түмүгүнэн, Финляндия Арассыыйа чааһа буолбута. Оччолорго шведтэр ахсааннара 15 % тиийэрэ. Онтон финнэр тыллара судаарыстыбаннай туруктаммыта. 1917 сыллаахха Финляндия Араcсыыйаттан арахсыбыта.
Финляндияҕа уопсайа 309 хомууна (муниципальнай тэриллии) баар уонна тыл официальнай туттуллуута хомуунаттан саҕаланар. Хомууналар биир эбэтэр икки тыллаах (финн уонна швед) буолуохтарын сөп. Икки тыллаах хомууналарга биир баһыйар тыл баар буолар. Ол курдук, 10 сыл буола-буола дойду биэрэпиһин түмүгүнэн хомууналар ханнык тылы тутуһуохтаахтарын дойду бырабыыталыстыбата быһаарар. Өскөтүн финнии тыллаах хомуунаҕа 8 %-тан биитэр 3000 киһиттэн элбэх шведтии саҥарар киһи баар буоллаҕына, хомууна икки тыллаах буолуохтаах. Ол гынан баран, онно финн тыла баһыйар. Төттөрүтүн, шведтии саҥалаах хомууна итиччэ финнэммит буоллаҕына, икки тыллаах буолар уонна швед тыла баһыйар. Биэрэпис түмүгүнэн хомууна кыра ахсааннаах омугун ахсаана 3000-тан кыччаатаҕына биитэр өлүүтэ 6 % түстэҕинэ, хомууна биир тылы тутуһар. Ону тэҥэ хомууналар бэйэ-бэйэлэригэр холбоһоору гыннахтарына, шведтии саҥарар хомууна шведтии эрэ саҥарар хомуунаҕа холбонуон сөп. Тус-туспа тыллаах хомууналар сатаан холбоспоттор. Билиҥҥи туругунан, дойдуга 260 финнии, 16 шведтии эрэ тыллаах, 33 икки тыллаах хомууналар бааллар. 18-һыгар финн, 16-тыгар швед тыла баһыйар.
Ити хомууналар туох атыннаахтарый? Биир тыллаах хомуунаҕа олохтоох бэйэни салайыныы, судаарыстыба уорганнара, чааһынай сирэйдэр, тэрилтэлэр биир эрэ тылы тутталлар. Докумуон ол эрэ тылынан толоруллар, оскуола ол эрэ тылынан үлэлиир, хомууна иһинээҕи тыл эйгэтэ толору тэриллэр. Судаарыстыба уорганнарын үлэһиттэриттэн ураты дьон икки тылы булгуччу билиэхтээхтэр. Судаарыстыбыннай өҥөлөр ханна олороргуттан тутулуга суох, ханнык тылынан баҕараргынан оҥоһуллуохтаахтар. Онтон икки тыллаах хомуунаҕа икки тыл туттулуохтаах эрээри, биир тыла сүрүн, иккис тыла эбии тыл курдук буолар.
Холобур, финнии саҥарар киһи швед эрэ тыллаах хомуунаҕа сир докумуонун шведтии толорторуохтаах. Финнии докумуону туспа туруорсуохтаах. Оттон икки тыллаах хомуунаҕа ким ханнык тылынан баҕарарынан докумуон оҥорторор. Шведтии биитэр икки тыллаах швед тыла баһыйар хомуунаҕа үрдүкү былаас быһаарыылара, суруктура, ыйаахтара шведтии эрэ буолуохтаахтар.
Көрөргүт курдук, ити дойдуга биэс эрэ бырыһыан өлүүлээх шведтии саҥарар Финляндия олохтоохторо бэйэлэрин тылларынан саҥарар, туттар, умнубат бырааптарын күүскэ өйүүллэр. Бэйэлэрэ шведтии эрэ саҥарар муниципальнай тэриллии тэриниэхтэрин сөп. Ол тэриллиигэ бары өҥө, докумуон шведтии эрэ тылынан оҥоһуллар. Аны судаарыстыба уорганнарын үлэһиттэрэ, ол иһигэр дойду бэрэсидьиэнэ, бырабыыталыстыба, үөрэҕирии шведтии тылы тутуһуохтаахтар.
Финляндия хоту өттүгэр олорор аҕыйах ахсааннаах саамилар үс тус-туһунан тыллаахтар. Хотугу-саами тылынан 2000 кэриҥэ киһи, колтта-саами тылынан 400-чэ киһи саҥарар, инари-саами тылын 400-чэҕэ тиийбэт киһи билэр. Ол иһин саами олорор эрэгийиэннэригэр баар 4 хомууна сүрүн тыла финн эрээри, саами тылларынан киирбит ыйытык булгуччу саами тылынан хоруйданыахтаах. Туспа сокуонунан олохтоммут Саами парламена ити 4 хомуунаҕа саами тылларын өттүлэригэр булгуччулаах быһаарыы таһаарыан сөп. Ити арыыларга швед эрэ тыла туттуллар уонна ол тыл официальнай ыстаатыстаах. Оттон финн тыла официальнай статуһа суох.
Онон, Финляндия судаарыстыбатыгар муниципальнай тэриллии нэһилиэнньэтин састаабыгар олоҕурар дьон төрөөбүт тылларын тутталларын көмүскүүр үлэ киэҥник барар. Шведтии саҥарар дьон бэйэлэрин биир тыллаах хомууналарыгар тирэҕирэннэр, тыллара симэлийэр куттала суох. Тыл бэлиитикэтин түмүгүнэн, Финляндия тутулуга суох буолбута биир үйэ ааспытын кэннэ шведтии саҥарар дьон күөмчүлэммэккэ, тылларын тутта сылдьаллар.
КАНАДА
Канада – 10 “провинцияҕа” уонна 3 “территорияҕа” арахсар федеративнай судаарыстыба.
2021 с. туругунан, нэһилиэнньэтэ – 37 мөл. 992 тыһ. Онтон 15,6 %-на – канадецтар, 14,7 %-на – аангылыйалар, 12,1 %-на – ирландецтар, 12,1 %-на – шотландецтар, 11,0 %-на – французтар уо.д.а. Ол иһигэр, олохтоох төрүт омуктар (индеецтэр уонна эскимостар) 5,0 %-ны ылаллар. Ол эрээри, Канада барыта көһөн кэлбит омуктар судаарыстыбалара буолан, ити биэрэпис дойду дьиҥнээх омугунан хартыынатын ситэ көрдөрбөт. Дьиҥинэн, нэһилиэнньэ 4 сүрүн бөлөххө арахсар диэххэ сөп: төрүт омуктар – 5,0 %, аангылыйалыы тыллаахтар – 58,4 %, француз тыллаахтар – 20,9 % уонна атын тыллаахтар (саҥа эмиграннар) – 15,7 %.
Бүтүн федерация үрдүнэн 2 тыл официальнайынан (судаарыстыбаннайынан) ааҕыллар: аангылыйа уонна француз тыллара. Ол эрээри провинциялар бэйэлэрин истэригэр “официальнай тылы” бигэргэтэр бырааптаахтар. Канадаҕа провинциялар элбэх уонна киэҥ боломуочуйалаахтар. Онон хас биирдии провинцияҕа тыл балаһыанньата тус-туспа, оттон “территорияҕа” федерация толору былаастаах курдук эрээри, хас территория аайы эмиэ туһунан бэлиитикэ ыытыллар. Ол курдук, билигин 8 провинцияҕа официальнай тыллара – аангылыйалыы. Сорохтор тыл туһунан сокуоннара букатын да суох, ханнык эрэ тылы уруккуттан олоҕурбут үгэс быһыытынан тутталлар. Квебеккэ – француз тыла, Саҥа Брауншвейг провинцияҕа 2 тыл тэҥинэн официальнай статустаахтар. Ону сэргэ, өссө 3 “территория” эмиэ тэҥинэн икки федеральнай тыллаахтар, 11 төрүт тылы эмиэ “официальнайынан” билиммиттэр. Холобур, Нунавут диэн территорияҕа бастакы тыллара – “иниктитут”, ол эбэтэр эскимос тылын биир түөлбэ барыйаана. Провинциялар уонна территориялар истэригэр тыл туттуута муниципальнай тэриллиилэртэн саҕаланар.
Кыратык устуоруйаны сырдаттахха, Канада – Британия Хотугу Эмиэрикэтээҕи хас да холуонньата холбоспутун түмүгэр 1867 с. үөскээбит дойду. Канада олохтоохторо билигин даҕаны Аангылыйа хоруолун бэйэлэрин хоруолларынан ааҕаллар. Төһө эмэ 1931 сылтан судаарыстыба “тутулуга суох” ааты ылбытын үрдүнэн. Аны, Канада устуоруйатын биир суолталаах түгэнэ: 1763 с. аангылыйалар “Саҥа Франция” диэн ааттаах холуонньаны сэриилээн ылан бэйэлэригэр холбонуулара. Ол түмүгэр дойдуга французтуу тыллаах бэрт элбэх киһи эбиллибит.
1969 с. ылыллыбыт “Сүрүн официальнай тыллар тустарынан” сокуоҥҥа олоҕуран, федеральнай былааска сыһыаннаах хас биирдии өҥө, ханнык баҕар сиргэ, икки тылынан оҥоһуллуохтаах. Суут үлэтэ эмиэ икки тылынан барар. Наадалаах киһи ханнык тылынан өҥө оҥоһулларын бэйэтэ талар. Ол эрээри, дьыала-куолу оҥоруута барыта биир тылынан барар. Оттава тулатыттан, Монреаль куоратттан уонна Нью-Брансуик провинцияттан уратыларга.
Тыл өттүгэр “бастакы нүөмэрдээх” уустук боппуруос: төрүт олохтоох омуктар тылларын тилиннэрии уонна официальнай эйгэҕэ таһаарыы. Тоҕо диэтэххэ, син биир биһиги дойдубутугар курдук, аҕыйах ахсааннаах омуктар тылларын сүтэрэр кутталлара олус улахан. Ол курдук, дойдуга барыта холбоон 3100-тэн тахса араас индеец уонна эскимос омуктарын резервациялара бааллар. Ол эрээри, олорго үгүстэригэр аҕыйах ахсааннаах омуктар тыллара официальнай эйгэҕэ туттуллубаттар. Арай, Квебек сорох резервацияларыгар провинция бэйэтэ эскимос тылын туттары көҥүллээбит. Оттон Саҥа Шотландияҕа микмак индеецтэр тыллара субу соторутааҕыта эрэ “провинция официальнай тыла” диэн статустаммыт.
Иккис сүрүн боппуруос: үксэ аангылыйа тылынан кэпсэтэр дойдуга французтуу саҥарар эйгэни харыстааһын.
Холобур, Саҥа Брауншвейг провинцияҕа 776 тыһ. киһи олороруттан, нэһилиэнньэ 65,0 %-на – аангылыйалыы, 31,8 %-на французтуу тыллаах. 2002 с. ылыллыбыт официальнай тыллар тустарынан сокуон аактатыгар олоҕуран, аангылыйа уонна француз тыллара тэҥҥэ официальнайынан ааҕыллаллар. Ол эрээри, ити сокуон 35, 36 пууннарыгар ыйыллыбытынан, муниципальнай тэриллиилэр биир биитэр икки тыллаах буолуохтарын сөп. Провинция бары куораттара икки тыллаахтар уонна онно туох баар докумуон, өҥө барыта икки тылынан тылбаастанар. Оттон тыа сиригэр баар муниципальнай тэриллиилэргэ 2-с тылынан саҥарар дьон нэһилиэнньэ 20 %-нын куоһарар эрэ буоллахтарына тэриллии 2 официальнай тылланар. Ол иһин, аангылыйалыы саҥарар киһи төһө да баһыйарын үрдүнэн, провинция хоту уонна илин өттүгэр француз эрэ тыллаах муниципальнай тэриллиилэр бааллар. Холобур, Мадаваска. Ити муниципальнай тэриллиилэри кытта провинция уонна дойду былааһын уорганнара, дуоһунастаах сирэйдэрэ французтуу эрэ быһаарсыахтаахтар, докумуон оҥоруохтаахтар. Ити курдук, провинцияҕа французтуу тыллаах нэһилиэнньэ бырааба харыстанар.
Квебек провинциятыгар олорор 8503 тыһ. киһиттэн 78,1 %-на – французтуу, 13,5 %-на аангылыйалыы тыллаахтар. Француз тылын 1977 сыллааҕы хартиятынан, бу провинцияҕа соҕотох официальнай тылынан француз тыла эрэ ааҕыллар, ол иһигэр, федеральнай уорганнарга эмиэ. Аангылыйа тыла суукка, парламеҥҥа туһаныллар, оскуолаларга үөрэнээччи 50-тан тахса бырыһыана аангылыйалыы тыллаах буоллаҕына – аангылыйа тылынан үөрэниэххэ сөп. Саҥа көһөн кэлээччи эмиграннар французтуу эрэ үөрэтэр оскуолаҕа оҕолорун киллэриэхтэрин сөп. Аангылыйалыы тыллаах дьон сорох өҥөнү аангылыйа тылынан ылыахтарын сөп эрээри, 5 куоракка (холобура, Уэстмаунт), төһө да аангылыйалыы саҥарар киһи баһыйар бырыһыаны ылбытын иһин, туох баар официальнай өҥө барыта французтуу эрэ тылынан оҥоһуллар.
Онтарио провинцияҕа 14224 тыһ. киһи олороруттан, нэһилиэнньэ 69,5 %-на – аангылыйалыы, 4,6 эрэ %-на французтуу тыллаах. Бу провинция 1986 с. ылыммыт сокуонунан, 26 муниципальнай тэриллиилэргэ французтуу саҥарар дьон 5 тыһ. тахса уонна нэһилиэнньэ 10 %-нын куоһарар буоллахтарына, судаарыстыбыннай уонна олохтоох бэйэни салайыныы уорганнара үлэни-өҥөнү француз тылынан оҥоруохтарын сөп. Муниципальнай тэриллиилэр икки тыллаах буолбатахтар эрээри, французтуу тыллаах дьон бырааптара эмиэ күөмчүлэммэт.
Онон, Канадаҕа тыл бэлиитикэтэ – олус уустук уонна мунаах ис хоһоонноох систиэмэ. Манна, бастатан туран, икки официальнай тыл федерация таһымыгар толору туттуллаллар, французтуу тыллаах дьон бырааптара күөмчүлэммэт. Төттөрүтүн, биир провинцияҕа (Квебек) оннооҕор баһылыыр-көһүлүүр аангылыйа тыла кыра “ыгыыны” көрсөр. Ол барыта французтуу саҥарар эйгэ кэһиллибэтин туһугар оҥоһуллар. Онно эбии, кэлиҥҥи кэмҥэ аҕыйах ахсааннаах олохтоох омуктар тыллара сүппэтин-симэлийбэтин туһугар, провинция, территория эбэтэр муниципальнай тэриллии таһымыгар ити тыллары өйүүр үлэ күүһүрбүт. Канадаҕа, уопсайынан, тыл туттуллуута муниципальнай тэриллии нэһилиэнньэтин састаабыгар олоҕурар, наадата-туһата суохха икки тылы туттууну киллэрэ сатаабаттар, оттон наадалаах дьыалаҕа – киһилии орто сиэри тутуһаллар.