Киир

Киир

Муус устар ый ортотугар кыыһым кылааһын кытта (Чирээйэптэр ааттарынан Дьокуускайдааҕы национальнай гимназия) Казань куоракка оҕо бэстибээлигэр баран кытынныбыт, норуот ырыатын ыллаан үһүс миэстэ буоллубут. Итиччэ тоҕоос көстүбүтүгэр, татаар тылынан үөрэтии хайдаҕын билсэр соруктаах барбытым. Дьэ, тугу билэн-көрөн кэллим?

Оҕолорбутун кытта татаар тылынан үөрэтэр гимназияҕа ыалдьыттаатыбыт. Үлэ бөҕөнү торумнаан наһаа үчүгэйдик көрүстүлэр. Гимназияларыгар түмэл бөҕөлөөхтөр. Маастар-кылаастара диэн, дакылааттара диэн, үҥкүүлэрэ-ырыалара диэн, астара минньигэһэ диэн. Оҕолорбут татаар култууратын кытта билистилэр, ийэлэр, эбэлэр гимназия төрөппүттэрин кытта үлэтин көрдүбүт-иһиттибит. Элбэҕи кэпсээтилэр эрээри, тылга сыһыаннааҕы соччо таарыйбатылар. Бэйэм дириэктэри эккирэтэ сылдьан ыйыталаһа сатаатым – оҕолор гимназияҕа олорор дьиэ аадырыһынан киирэр буолбуттарын кэннэ, араас омук үөрэнэр буолан, толору татаар тылынан үөрэппэттэр эбит. ​

35216450 4c97 4a32 8c67 5cee74f3

Салгыы дьоммуттан ойдон, Татарстаан Өрөспүүбүлүкэтин наукатын академиятын Тыл, култуура уонна ускуустуба институтун национальнай үөрэҕириитин салаатын үлэһиттэрин – татаар тылын учуобунньугун оҥорор мэтэдьиис-учуонайдары кытта көрсөн кэпсэттим. Оскуолаҕа өр кэм үлэлээбит, ону таһынан үрдүк үөрэх кыһатыгар тылы үөрэтэр методиканы чинчийбит, үөрэппит 4 исписэлиистээх салаа 2016 сыллаахтан үлэлиир эбит.

e471c867 c904 41b5 a3d7 3f387d86

Саха тылын учуобунньуга омук тылын үөрэтэр учуобунньуктар курдук буолуохтаахтар диэн иккитэ мунньахха этэ сылдьыбытым да, “оннук буолуо суохтаах” диэн улахан дьон саҥарбытыгар ол санаабын тохтоппутум. Омук тылын учуобунньуга хайдаҕый? Сүрүнэ диэн – оҕону саҥарда, кэпсэтэ үөрэтэр соруктаах. Оҕо тылы үөрэтэр көҕүн үрдэтэр ньымалары туттан, араас быһыылаах эрчиллиилэрдээх, дьэрэкээн өҥнөөх, элбэх көмө матырыйааллаах. Маннык учуобунньуктары татаардар оҥорбуттар. 1 кылаастан 11-кэ диэри биир кэлим бырагыраама оҥоһуллубут. Бары кылааска учуобунньук 3 модульга (тиэмэлэргэ) арахсыбыт: “Мин”, “Мин тулам”, “Дойдум”, “Татаар эйгэтэ”. Бу тиэмэлэр сылтан сыл аайы байытыллан иһэллэр. Хас биирдии уруок (омук тылын үөрэтэр учуобунньуктарыгар курдук) лиэксикэттэн саҕаланар, онтон истии, ааҕыы, дьэ ол кэннэ сурук киирэр, манна грамматика сыстар. Хас биирдии хайысха араас эрчиллииттэн турар. Кыра кылаастарга кинигэттэн кинигэҕэ көһө сылдьар дьоруойдардаах. Учуобунньуктар көмө сыһыарыылаахтар. Электириэн барыйааннара куйаар ситимигэр баар. Биир уратыта диэн – биир учуобунньук араас таһымнаах оҕолорго анаммыт. Мөлтөхтүк саҥарар оҕолор аҕыйах, чэпчэки матырыйаалы бараллар, оттон таһымнара үрдүктэр – эбии халлаан күөҕүнэн бэлиэтэммит эрчиллиилэри оҥороллор.

f31b985a 1c9a 41e6 b64b 3aaf1ae8

Ол кэннэ үлдьү эмиэ бу Академия Шигабутдин Марджани аатынан История институтугар тиийдим. Манна эмиэ Национальнай үөрэх салаата диэн баар эбит. Ол аата Татарстан устуоруйатын үөрэтии мэтэдьиистэрэ үлэлииллэр. Дьэ, бу сөҕүмэр. Кинилэр эмиэ 1 кылаастан 11-кэ диэри Татарстан устуоруйатын үөрэтэр учуобунньуктарын татаар да, нуучча да тылынан (буолаары буолан, хас да лииньийэлээх) оҥорбуттар. Биллэн турар, Орто үйэлэр историялара кинилэргэ элбэхтик суруллубут.

516e426f aaab 487a b185 0a3eb060

Биһиэхэ быйыл СӨ Билимин академиятын иһинэн Төрүт тыл киинэ аһылынна. Онон, бу кииҥҥэ татаардартан хаалсыбат учуобунньуктары оҥоруохтара диэн эрэнэбит.

Хомойуох иһин, кылгаһа бэрт кэмҥэ барбыт уонна өрөбүллэргэ түбэспит буолан, “Адымнар” (полилингвальнай) оскуолаларыгар сатаан сылдьыбатым.

Төннөн иһэн, Москубаҕа эмиэ дьону көрүстүм. Бу кыһын РФ Тыл бэлиитикэтин кэнсиэпсийэтэ оҥоһуллар диэн хамсааһын баара. Кэнсиэпсийэ сыала – нуучча тылын күүһүрдүү диэн. Икки араас институт оҥоро сылдьар диэн буолбута. Хайдах докумуон бигэргэнэрэ биллибэт этэ. Иккис ылыныллыахтаах докумуон тиэкиһин кистииллэрэ ордук долгутара. Кэнники чуумпурбутун иһин билсэ барбытым, билигин “тохтоон турар” диэтилэр. Ол эрэн хаһан ойон тахсыа эмиэ биллибэт...

Вилюяна Никитина,
“Ийэ тыл кэскилэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһын салайааччыта.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар