Киир

Киир

Наука дьоҕус академиятын эдэр академиктара дьиҥнээх чилиэн-кэрэспэдьиэн дастыбырыанньатын туттулар. Ол курдук, Саха сирин 29 оройуонун 117  орто оскуолатыттан барыта 200 үөрэнээччи үрдүк ааты ылла.

Оҕолорго дастабырыанньалары туттарыы үөрүүлээх тэрээһинэ муус устар 28 күнүгэр «Кэскиллээх лидердэр” пуорумнарын чэрчитинэн буолбута. «Сириус» диэн үөрэтэр киин халыыбынан Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн тэриллибит, өрөспүүбүлүкэ талааннаах оҕолорун өйүүр уонна таһаарар эрэгийиэннээҕи киин базатыгар саҥа ааттар билиннилэр. Кинилэр номнуо эрэгийиэн научнай сайдыытыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэрэ сылдьаллар.

fd148159 9092 4b66 ade9 b752b91a

«Биһиги сыл ахсын аһаҕас куонкурус түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэ 200 бастыҥ үөрэнээччитин талабыт. 100 бастыҥ үөрэнээччи Наука дьоҕус академиятын чилиэннэрин аатын сүгэллэр, өссө 100 үөрэнээччи чилиэн-кэрэспэдьиэн дастабырыанньатын туталлар. Быйыл аһаҕас куонкуруска 490 сайаапка киирбитэ. Оҕолорго саастарынан хааччах диэн суох, онон сайаапканы 1-11 кылааска диэри үөрэнэр оҕо ыытар бырааптаах. Кинилэр бары эрэгийиэннээҕи, Бүтүн Арассыыйатааҕы, норуоттар икки ардыларынааҕы научнай-чинчийэр куонкурустар, кэмпириэнсийэлэр, олимпиадалар кыайыылаахтара, призердара буолаллар. Бу куонкурус өрөспүүбүлүкэҕэ научнай-технологическай элитэни тэрийэргэ улахан суолталаах», - диэн СӨ Наука дьоҕус академиятын ректора Василий Павлов бэлиэтээтэ.

Кыра саастарыттан научнай-чинчийэр үлэнэн үлүһүйэр талааннаах оҕолорго көмөлөһөр уонна кинилэри өйүүр хайаан да наада. Бу оҕолор инникитин олохторун науканан, аныгы технологиянан дьарыктаныыга аныахтарын сөп диэн итэҕэйэр СӨ Наука Академиятын вице-бэрэсидьиэнэ Сергей Попов.

«Бастатан туран, оҕолор Наука дьоҕус академиятын дьиҥнээх чилиэнэ буолар дастыбырыанньаны тутуулара олус суолталаах, улахан кэскиллээх. Иккиһинэн, маннык улахан ааты ылыы үөрэнээччигэ инники идэтин таларыгар, ону сэргэ саастыылаахтарыгар, бииргэ үөрэнэр оҕолоругар холобур буолар кыахтанар. Мин санаабар, төһө элбэх эдэр академик баарынан оҕолор үөрэнэр оскуолаларын үөрэтэр таһымын сыаналыахха сөп», - диэн кини санаатын үллэһиннэ.

16eeb51c 5e44 4ecc b056 bef7c8e1

Н.К. Макаров  аатынан Чурапчытааҕы гимназия 11 кылааһын үөрэнээччитэ Николай Хомподоев бүгүн Наука дьоҕус академиятын чилиэнин дастабырыанньатын тутта.

«Мин былырыын Наука дьоҕус академиятын чилиэн-кэрэспэдьиэнин дастабырыанньатын туппутум, оттон быйыл дьиҥнээх чилиэн дастабырыанньатын туттум. «Меня оценят в ХХIII веке» диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы научнай-чинчийэр уонна айар үлэлэрдээх  куонкуруска кыайыылаах тахсыбытым. Гимназиябын үөрэнэн бүтэрдэхпинэ ХИФУ мэдиссиинэ институтугар туттарсар уонна тиит мас структуратын үөрэтэр научнай үлэбин салҕыыр санаалаахпын».

Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт 11 кылааһын үөрэнээччитэ Артем Овчинников астрономияҕа бүтүн Арассыыйатааҕы предметнэй олимпиада кыттыылааҕа, кини инники идэтин астрономия наукатын кытта ситимниир санаалаах:

“Быйыл мин математика, физика олимпиадаларыгар кытынным, ону сэргэ астрономияҕа Ломоносов турнирыгар эмиэ кытынным. «Кэскиллээх лидердэр» пуорумнарыгар кыттан олус сөбүлээтим. Манна күн ахсын олус интэриэһинэй тэрээһиннэр, трениннэр ыытыллаллар. Холобур, бэҕэһээ Сайдыы институтун салайааччыларын, миниистирдэри кытта 2030 сылга диэри Саха сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын туһунан кэпсэппиппит. Мин үөрэххэ туттарсарбар хас даҕаны үрдүк үөрэх кыһатын талбытым, ол эрээри бастакы миэстэҕэ Москубатааҕы судаарыстыбаннай университет Астрономияҕа факультета турар, тоҕо диэтэххэ, астрономия миигин олус күүскэ угуйар”, - диэтэ.

2f46d561 61eb 490b 9c47 833d908d

Өрөспүүбүлүкэ бастыҥ үөрэнээччилэригэр дьиҥнээх чилиэн үрдүк аатын сүкпүт оҕолорго ый ахсын 3 тыһ. солкуобай кээмэйдээх истипиэндьийэ көрүллэр буолуоҕа. Бу истипиэндьийэ сыл устата төлөнүөҕэ. Оттон чилиэн-кэрэспэдьиэн аатын сүкпүт үөрэнээччилэргэ ый ахсын 2 тыһ. солкуобай көрүллүөҕэ.

Николаев-Киин пресс-сулууспата.