Киир

Киир

Буолан ааспыт устуоруктар уонна кыраайы үөрэтээччилэр II кэмпириэнсийэлэригэр биир дакылаат ураты болҕомтону тарта. Ол – Мэҥэ Хаҥалас улууһун Матта оскуолатын психолог-учуутала Вероника Александрова-Эрэлкээнэ “Саха омук” уопсастыбаннай түмсүү билиҥҥи кэмҥэ суолтата” диэн үлэтэ.

Биһиги биир үксүн уруккуну үөрэтэргэ “ол  сабыытыйа бачча сыллаахха буолбута, ол киһи бачча сыллаахха төрөөбүтэ” диэн халыып буолбуту хатылыыбыт. Ол устуоруйаҕа интэриэһи көбүппэт, туох да саҥа толкуйу сахпат. Оттон Вероника Александрова-Эрэлкээнэ дакылаата – устуоруйаны атыннык хараҕынан көрөргө, бүгүҥҥү олоххо сыһыаран туһаныахха сөбүн туоһута. Дьэ, онон, учууталтан бу дакылаатыгар туох санааларын түмпүтүн, туох санаалар үөскээбиттэрин, туох түмүккэ кэлбитин туһунан кэпсииригэр көрдөстүбүт.

Устуоруйаны тоҕо үөрэтэбитий?

– Дьиҥинэн, киһи аймах устуоруйатын эргиллэн көрдөххө, бүгүҥҥү алҕастар-сыыһалар онтон силистээх-мутуктаах буолан, эргиллэн, хатылана турар курдуктар. Биһиги төрүттэрбит да ону былыр-былыргыттан өйдүүллэрэ. Оттон учуонай Зигмунд Фрейд чинчийбит “коллективное бессознательное” диэн көстүүтэ син биир айылҕа тулхадыйбат сокуонун быһыытынан үлэлиирин, устуоруйа чахчылара киһи аймах олоҕор-дьаһаҕар дьайалларын мин психолог буоларым быһыытынан, ылынабын. Ол да иһин, “үөрэтэр оҕолорум туох силистээхтэрий-мутуктаахтарый, туохха дьоҕурдаах буолуохтарын сөбүй?” диэн, онтон саҕалаан, устуоруйаны үөрэппитим.

 Матта уратыта

– Матта – былыр-былыргыттан сахалар уутуйан олохсуйбут сирдэрэ. Манна аатырбыт XIV–XVI үйэлэрдээҕи Кулун Атах култууратыгар сыһыаннаах археологическай хаһыылары оҥорбуттара. Дириҥ силистээх, баай устуоруйалаах дойду быһыытынан биллэр. Аны, сэбиэскэй былаас да сылларын ыллахха, Маттаттан элбэх биллэр-көстөр элбэх салайааччылар, үөрэхтээх дьон, Социалистическай Үлэ Дьоруойдара тахсыбыттар. Мин “маннык элбэх дэгиттэр талааннаах, дьоҕурдаах, чаҕылхай дьон үлэлээн-хамсаан ааспыттарын төрүөтэ туохханый?” диэн билиэхпин баҕарбытым.

“Баҕар, норуот тылынан уус-уран айымньыта төрүөт буолаарай?” диэн толкуйдар бастааҥҥыттан бааллара. Аны, биир дьиктитэ, манна эрэпириэссийэ тыына улаханнык биллибэтэх, сэрии сылларын ыллахха да, улахан аччыктааһын тахсыбатах сирэ эбит. Онон уруккуну үөрэтэр, ону билиҥҥини кытта ситимниир санаа итинник саҕаламмыта.

 Олоҥхоһуттар испииһэктэрэ

– Ол сылдьан, 2013 с. тахсыбыт “Олоҥхо тыыннаах Мөҥүрүөҥҥэ” диэн ийэ олоҥхоһуттар тустарынан кинигэттэн “Саха омук” уопсастыбаҕа бу Маттаттан төрүттээх Иван Кычкин диэн киһи суруксуттуу сылдьыбытын билбитим. Бу бэйэтин кэмигэр үөрэх-сырдык тарҕанарыгар сүрдээх элбэҕи оҥорбут, сэбиэскэй былаас туругурарын туһугар инники кэккэҕэ сылдьыбыт киһи эбит. Баҕар,  кини баар буолан эбитэ дуу, аҥаардас ити Мөҥүрүөнтэн (Матта нэһ.) “Саха омук” уопсастыба оҥорбут олоҥхоһуттар анал испииһэктэригэр 16 киһи киирбит эбит! Ону көрөн: “Бай, өссө бу “олоҥхоһуттар реестрдэрэ” диэн оҥоһулла сылдьыбыт эбит, тоҕо бэрдэй!” – диэн дьиктиргии санаабытым. Дьэ, онтон саҕаламмыта, бу чинчийиим.

“Саха омук” уопсастыба

– “Саха омук”  уопсастыбаннай түмсүү “култуурунай-сырдатар уопсастыба” диэн ааттанан, маҥнай 1917 сыллаахха тэриллэн баран, 1920 с. үлэтэ тохтообут. Онтон 1922 сыллаахха үлэтэ хат сөргүтүллэн, 1928 с. диэри үлэлээбит. Бу уопсастыба сыалын-соругун култуурунай-сырдатар диэн ааттаабыттара мээнэҕэ буолбатах. Уопсастыба үлэтэ-хамнаһа оччолорго, үөрэҕэ суох нэһилиэнньэлээх Саха сиригэр, олох-дьаһах түргэнник уларыйарыгар биир сүрүн төһүү буолбута. Баара-суоҕа 8 сыл үлэлээбит кэмигэр норуот бэйэтин  билинэригэр, ураты суолун өйдүүрүгэр  уопсастыба сүҥкэн элбэх үлэни ыыппыта: саха литэрэтиирэтэ төрүттэммитэ, сахалыы үөрэнэр оскуолалар арыллыбыттара, саха бэчээтэ үөскээбитэ, саха тылын уонна култууратын үөрэтэр институт олохтоммута. Сүүһүнэн олоҥхо сурукка тиһиллибитэ. “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону туруорууттан саҕалаан, театрализованнай тыйаатырдыы көрдөрүүлэри туруорбуттара, Саха тыйаатырын сайдыыта саҕаламмыта... Киһи санаата да ситэн кыайбат сайдыыта буолбатах дуо?

“Креативнай” уолаттар

– Оччолорго нэһилиэнньэ үксэ үөрэҕэ суоҕун, туох да сибээс тэнийэ илигин санааҥ. Биһиги билигин саҥа тутул идиэйэлэрэ дьоҥҥо тиийэллэрин туһугар хайдахтаах үлэ ирдэммитин кыайан өйдөөбөппүт даҕаны. Өйгө эрэ оҥорон көрүөхпүтүн сөп. Оннооҕор билигин, сибээс, технология сайдан турар кэмигэр, ол соччо-бачча кыаллыбат... Оттон оччолорго буор муосталаах балаҕаннаах, муус түннүктээх, сүөһүтүн ахсаанынан кыстыгы туоруур өйдөөх-санаалаах үөрэҕэ суох саха киһитин “саҥа олоҕу тутар туһугар” уларытар төһөлөөх ыарахан буолуой?! Онуоха сэбиэскэй былааһы турууласпыт, норуот былааһын уһансыбыт чулуу уолаттарбыт хайдах курдук дьорҕоот, хорсун толкуйдаах эбиттэрий диэн, билигин соһуйа да, сөҕө да саныыгын. Чахчы, билиҥҥилии эттэххэ, “креативнай” толкуйдаахтар эбит.

Маркетинг уонна олоҥхо

– Сэбиэскэй тутулу олоххо киллэрээччилэр киэҥ-нэлэмэн сиринэн тайаан сытар Саха сирин барытын кыайан кэрийэн, хабан аҕытаассыйалаабаттара, саҥа олох туһунан кэпсээбэттэрэ биллэр буоллаҕа.

Онуоха кинилэр, билигин этиллэринии, олус табыгастаах “маркетинг” хардыытын оҥорбуттар. “Ол тугуй?” диир буоллахха – кинилэр  алаастарынан-быттыктарынан абына-табына бытанан олорор дьону хайдах мунньабытый, саҥа олох туһунан сонуну кинилэргэ хайдах тиэрдэбитий диэн толкуйдаан, “ол олоҥхоһуттар нөҥүө кыаллар эбит” диэбиттэр.

Олоҥхоһут – “медийнэй” лиичинэс оруола

– Олоҥхоһуттар диэн кимнээҕий? Бу, билиҥҥилии эттэххэ, “медийнэй” лиичинэстэр. Дьон кинилэри эккирэтэ сылдьан истэрэ, “олоҥхоһут кэллэ” диэн буоллаҕына, оҕолуун-уруулуун ыраахтан-чугастан, анаан-минээн хомуллан кэлэн, олоҥхо истээри, мустара. Онон, биһиги бастакы лиидэрдэрбит социализм идиэйэтэ көннөрү дьоҥҥо тиийимтиэ буоларын курдук, олоҥхоһуттары наһаа үчүгэйдик туһаммыттара көстөр дии санаатым. “Саха омук”  ол иһин ити “Олоҥхоһуттар реестрдэрин” оҥорон, бэйэтин диэки тардыбыт диэххэ сөп буолара дуу. Судургутук эттэххэ, биһиги өбүгэлэрбит айымньыларын, фольклордарын нөҥүө саҥа олох идиэйэлэрин дьон-сэргэ киэҥ араҥатыгар тиэрдибиттэр, саҥа олоххо, сайдыыга иэҕэн киллэрбиттэр эбит. Били, “улуу барыта – судургу” дииллэринии буолбут.

Олоҥхо уларытыыны түргэтэппит

– Билигин үөрэтэн көрдөххө даҕаны, олоҥхоһуттар баар сирдэригэр сэбиэскэй былаас түргэнник киирбитэ көстөр. Ол курдук, холобур, биһиги нэһилиэкпитигэр, улууска  биллэр олоҥхоһут Михаил Васильевич Свинобоев-Ырыа Ыкыыча диэн киһи олорон ааспыт. Кини бастакы хомуньуус олоҥхоһут эбит. Уолаттара эмиэ олоҥхоһут, ону кытта саҥа олоҕу тутааччы актыбыыс эбиттэр. Холобур, кини уола Уйбаан Свинобоев “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону испэктээк гынан туруорбутунан биллэр. Ити Маттаҕа өссө Гаврил Семенович Кычкин олоҥхону туруора сылдьыбыт. Бу маннык декорациялаан эҥин, кэрийэ сылдьан олоҥхо киэһэлэрин тэрийбиттэрин кэннэ дьоҥҥо саҥа олох туһунан кэпсииллэрэ диэн ахтыллар. Оттон ол бэйэтэ аҕытаассыйа-бырапагаанда буоллаҕа. Олоҥхо истэ кэлбит дьоҥҥо бухатыырдар аллараа дойду абааһыларын кыайан, дьоҥҥо-сэргэҕэ сырдыгы, дьоллоох олоҕу төннөрөллөрө социализм сырдык идиэйэлэрин кытта дьүөрэлэһэр курдуга. Баҕар, ол да иһин, сэбиэскэй тутул, социализм идиэйэлэрэ дьон өйүгэр-санаатыгар кэбэҕэстик уонна түргэнник киирэн, уларыйыы түргэтээбит быһыылаах диэн сабаҕалыыгын. Онон, биһиги бастакы салайааччыларбыт, бэйэлэрэ норуоттан тахсыбыт эдэркээн уолаттар, дьон сайдар кэскилин уһансарга, батталтан босхолонорго, олоҥхону табыгастаах ньыма быһыытынан тобулан туһаммыттар эбит.

Күүс-уох хантан кэлэрэ

– Сэбиэскэй тутул баһылаан, социализм идиэйэлэрэ киирэн, дьон үөрэхтэнэн, үлэ-хамнас күөстүү оргуйбут. Сахалыы үөрэх, тыл, култуура күүскэ сайдан барбыт. Ол кэмҥэ Иркутскай уобалаһынан көмүс бириискэлээх сирдэрин торумнааһын саҕаламмыт. Биһиги салайааччыларбыт, хостонор баай, саатар, 5%-нын хаалларарга диэн туруорса сатаабыттар. Ол эрээри, саҥа тутул атаҕар тура сатыыр, кытаанах киирсии бара турар кэмигэр ким эмэ аһара чорбойон барара наадата суоҕа. Үөһэ олорооччулар да күүс-уох хантан кэлэрин өйдөөтөхтөрө. Ол иһин, туох баар чулуу дьону, ону сэргэ олоҥхоһуттары, ойууннары, өйдөөх-кыахтаах, талааннаах дьоммутун сойуолаһыы саҕаламмыта. Эрэпириэссийэ үс төгүл түһүмэҕинэн кэлэн ааспыта, адьырҕа кыыл курдук, хаһан да ааспат улахан кутталы иҥэрэн хаалларбыта.

Ол эрээри, дьиктитэ баар, сорох сирдэргэ оччолооҕу истэ-билэ сылдьан, талааннаах, олоҥхоһут-ойуун дьоннорун “кистээн кэбиспиттэр” эбит. Холобур, Мөҥүрүөҥҥэ Гаврил Семенович Кычкин диэн ырыаһыт уол “Дьулуруйар Ньургун Боотуру” туруоран чугас эргин кэрийэн ыллыы сырыттахтарына, “дьону аралдьытаҕыт” диэн ааттаан, бобон, хата, туохха да түбэспэтэхтэр. Ол кэннэ ыһыаҕы “хомуньуустуу идеологияҕа” сөп түбэһэр гына уларытан ыһар буолбуттар, ырыаны-тойугу аныгылыы ханалытан, син биир оһуокайдаабыттарын курдук оһуокайдыы, үгэстэри умнубакка тутан хаалбыттара бу билиҥҥэ диэри тиийэн кэллэҕэ. Биир саамай сүрүнэ, “Саха омук” уопсастыба көмөтүнэн, олоҥхо сурукка тиһиллэн хаалбыта буолар.

“Бэйэбит киэнэ” өтөн тахсар

– “Саха кэпсээбэт кистэлэҥэ” диэн  баар. Биһиги улуу дьоммут туох иһин олохторун толук уурбуттарай? – Ол кэпсэммэт кистэлэҥи тиэрдээри. Ол – олоҥхоҕо баар итэҕэл. Оттон итэҕэл – сайдыы суола, ол аата, онно сайдар ньымалар бааллар. Холобур, арҕааҥҥы сайдыы (“Позитивная психология”) кинигэлэрин көрдөххө, ол барыта итэҕэлгэ тирэҕирэр.  Биллэн турар, онно кинилэр бэйэлэрин итэҕэллэрин киллэрэллэр.

Оттон биһиэхэ бэйэбит киэнэ 90-с сылларга, ол аата, ыһыллыы-тоҕуллуу, бэйэни көрдөнө, сааһылана, сайдыы суолларын тобула сатыыр быыһык кэммитигэр өтөн тахсыбыта. Билигин ол эмиэ күүскэ бэйэтин биллэрэ сатыыр. Ол эрээри, биһиги ону аҥаардас “религия” дуу, “эзотерика” дуу быһыытынан көрбөккө, уйулҕа/психология ньыматын/мэтиэдьикэтин быһыытынан көрөн, туттуохпутун сөп. Ону оскуолаҕа, уһуйааҥҥа туох да үгүс саҥата-иҥэтэ суох, мэтиэдьикэ быһыытынан киллэриэххэ сөп.

 Уйулҕа мэтиэдьикэтэ

– Холобур, Тэрис оҥорбут Айыы үөрэҕэ – уйулҕаҕа туһаныллар бэлэм мэтиэдьикэ. Ону сахалыы хайысхалаах оскуолаҕа психолог чааһыгар, бырагырааматыгар хайа баҕарар киллэриэххэ сөп. Биһиги оскуолабытыгар Тоҕус Айыылар тустарынан үөрэҕи интеграциялаан, “итэҕэл” эҥин диэбэккэ, “Сферы жизни” диэн салааҕа төрөппүттэри кытта үлэҕэ туһана олоробут. Ону “Программа профилактики деструктивного поведения среди подростков” диэн (аныгылыы) ааттаан бырагыраама оҥорбутум Аан дойдутааҕы “Безопасная психологическая среда” диэн Казань академията акадьыамыйата ыыппыт куонкуруһугар III миэстэ буолбута, учуонайдар сэҥээриилэрин ылбыта.

Ол хас да бырагыраамаҕа киирэн биэриэн, ону солбуйуон да сөп эбит дии санаатым. Холобур, мин “Ыра санаа тиһигин оҥостуу” диэн онлайн-кууруспар улуустартан араас дьон киирэн үөрэнэн, сэҥээрдэ. Ону кытта, “Дьахтар дьоло” диэн чуо бааччы дьахталларга аналлаах үөрэххэ кыра оҕолоох, солото суох дьахталлар киирэн, аа-дьуо уһуллубут видеоны истэллэр, үөрэнэллэр. Онон бу өбүгэлэрбит үгэстэрин ылан, ыччакка, дьоҥҥо тиийимтиэ гына аныгылыы технологияҕа киллэрэн туһаннахха, ол эмиэ сайдар суол буолуо дуу дии саныыбын.

***

Эрэлкээнэ кэпсээниттэн үгүс санаа үөскүүр. Сэбиэскэй Сойуус сууллубута 30 сылтан орто. Ол тухары, бачча үлүгэр сибээс ситимэ сайдыбыт кэмигэр Арассыыйаҕа барыбытын биир ситимниир национальнай идеология тоҕо эрэ кыайан үөскээбэтэ, өнүйбэтэ. Оттон 100 сыл анараа өттүгэр биһиги бастыҥ дьоммут, ити кэпсэммитин курдук, бэртээхэй “маркетинг хардыытын” толкуйдаан, кылгас кэм иһигэр саҥа олоҕу туппут эбит буоллахтарына, билиҥҥи кэмҥэ оннугу тобулан олоххо киллэрии тоҕо эрэ сатаммат. Үлүгэрдээх үбү-харчыны онно куталлар да... Араас инновация “креативнай” кииннэрэ, ол-бу структуралар тугу дьарыктанан бу 30 сыл тухары кураанах тэпсэҥнээһин буола турарый? – диэн ыйытыы үөскүүр...

 Нина ГЕРАСИМОВА

 бэлэмнээтэ.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар