Киир

Киир

Сайыммыт номнуо түмүктэннэ. Аны аҕыйах хонугунан үлэҕэ, үөрэххэ умса түһүөхпүт. Бу күннэргэ Сэргэлээххэ быйыл саҥардыы устудьуон аатын сүкпүт оҕолор уопсай дьиэ көрдөһөн сүүрэллэр, сайыҥҥы сынньалаҥнарыттан устудьуоннар кэлитэлээн эрэллэр. Оттон быйыл үөрэхтэрин саҥа бүтэрбит, идэни баһылаабыт эдэр исписэлиистэр сайын устата үлэ көрдүүр үөһүгэр сырыттылар. Эдэр дьон ханна үлэлии бараллар эбитий? “Тэбэнэккэ” М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет выпускниктара ыалдьыттыыллар.

“Былдьаһыкка сылдьаҕын”

Николай Васильев, “АЛРОСА-Спецбурение” мас­сыньыыһа:

– Бэйэм Бүлүүттэн сылдьабын. 2017 сыллаахха ХИФУ-га геологоразведочнай факультекка “Технология и техника разведки” диэн үөрэххэ туттарсан киирбитим. Биир сыл “академҥа” олорбут буоламмын, үөрэхпин быйыл биирдэ ситиһиилээхтик бүтэрэн, “горный инженер-буровик” дьупулуомун ыллым.

Васильев Николай

Биһиги иккис куурустан номнуо бырамыысыланнастаах тэрилтэлэргэ быраактыкабытын ааһабыт, онон инники туох-ханнык үлэлээх буоларбытын тута билэн, бэлэмнээх буолабыт. Мин иккис кууруска “Полиметалл” тэрилтэҕэ хайа оробуочайынан үлэлээбитим. Биир сезон устата (ол аата, сайыны быһа) Муома улууһугар геология эрэспиэскэтигэр сылдьыспытым. Үчүгэйэ диэн, онно номнуо хамнас аахсаҕын. Онтон үһүс кууруска “Анаабыр алмаастарыгар” буровой тэрил массыньыыһын быһыытынан быраактыкабын ааспытым.

“Специалитеты” бүтэрдим, ол эбэтэр төгүрүк биэс сыл үөрэнним. Дьупулуоммун ылан баран, тута үлэ көрдүү барбытым. “Үлэ булар уустук” дииллэр да, хата, мин түргэнник буллум, ону ааһан былдьаһыкка сырыттым. Биэс тэрилтэҕэ резюмебын биэрбитим, олортон тута үс тэрилтэ – “Якутгеология”, “Арктик-Капитал” уонна “АЛРОСА-Спецбурение” ыҥырбыттара. Толкуйдаан баран, үлэлииргэ бэртээхэй усулуобуйалаах “АЛРОСАны” талбытым. Билигин Мииринэйгэ кэлэн үлэлээбитим нэдиэлэ буолла. Мииринэй наһаа үчүгэй куорат эбит, дьоно-сэргэтэ да аламаҕайдара! Манна бииргэ үөрэммит табаарыһым Айтал Неустроевы кытары үлэлии кэлбиппит. Уопсайга босхо олохтоотулар, үлэлиир таҥаспытын эҥин барытын толору хааччыйдылар. Хамнаһым сүүсчэ тыһыынча буолуохтаах. Билигин хамнаһы сырсыбаппын, уопутураары ханнык да ыарахантан чаҕыйбакка, барытыгар ылсан иһэбин. Миэхэ настаабынньык сыһыарбыттара, кини сиэтэ сылдьан барытын ыйан-кэрдэн, сүбэлээн-амалаан биэрэр. Үлэбин, үлэлиир тэрилтэбин тута сөбүлээтим. Бырамыысыланнас идэтин баһылаабыппыттан олох кэмсиммэппин, ыччаттарга маннык идэлэри баһылааҥ, бэйэҕит абыраныаххыт диэн сүбэлиэм этэ.

“Билиминэн дьарыктаныам”

Никита Муксунов, Космофизика институтун инженерэ:

– Мин быйыл ХИФУ Физико-тэхиниичэскэй институтун магистратуратын түмүктээтим, бу иннинэ институппар бакалавры бүтэрбитим. Идэм “Теоретическая математическая физика” диэн. Учууталлыахпын, билиминэн дьарыктаныахпын сөп. Устудьуоннуур сылларбыттан билими интэриэһиргээн, чинчийэр хайысхабар бастакы хардыыларбын оҥорбутум. Новосибирскайга, Екатеринбурга Бүтүн Арассыыйатааҕы, норуоттар икки ардыларынааҕы билим кэмпириэнсийэлэригэр итиэннэ манна ыытыллар тэрээһиннэргэ ситиһиилээхтик кыттыбытым. Чинчийэр тиэмэбин судургутук кыайан быһааран биэрбэккин, быһаччы көмпүүтэринэн чинчийии ыытабын диэххэ сөп.

Никита Муксунов

Бэйэм Нам улууһун 1-кы Хомустааҕыттан сылдьабын, Өрөспүүбүлүкэ лиссиэйин бүтэрбитим. Тэхиниичэскэй хайысхалаах кылааска үөрэммит буоламмын, үөрэхпэр толору бэлэмнээх этим, ыарырҕаппатаҕым.

Биһигини космофизика биридимиэтигэр үөрэппит уһуйааччыбар “эһиэхэ үлэ баар дуо?” диэн тиийбитим. Миигин үөрэппит буолан, эрэнэн, дириэктэри кытары кэпсэтэн иккис категориялаах инженеринэн үлэҕэ ылларбыта. Билиҥҥитэ научнай үлэһиттэр чинчийиилэригэр көмөлөһөбүн, араас эспэримиэни эҥин ыыталларыгар бэлэмнэһэбин, билим ыстатыйаларын суруйабын. Киһи өлөр-быстар үлэтэ буолбатах, үлэлииргэ усулуобуйа баар, олус интэриэһинэй. Хамнас бакаа кыра, ол эрээри манна карьераны оҥостуохха сөп, ол иһин сылдьабын. Билигин аспирантураҕа туттарса сылдьабын, уопсайынан, салгыы билим өттүгэр үлэлиир былааннаахпын.

“Биллибэккэ ааһыа”

Ньургуйаана Васильева, стоматолог:

– Ньурба улуу­һун Маа­лыкайыттан сылдьабын. 10–11-с кылаастарга Өрөспүүбү­лүкэ лиссиэй-интэринээтигэр биолого-химическэй хайысхалаах кылааска үөрэммитим. Биологияны уонна химияны оҕо эрдэхпиттэн сөбүлүүр буоламмын уонна быраас буолар баҕам баһыйан, ХИФУ мэдиссиинэ институтугар “Лечебное дело” диэҥҥэ туттарсан киирбитим. Биэс сыл умсугуйан үөрэнэн, быйыл “Стоматолог общей практики” диэн идэҕэ дьупулуом ыллым. Стоматологтар биэс сыл үөрэнэбит, баҕалаахтар салгыы икки сыл ординатураҕа үөрэниэхтэрин сөп. Биһигиттэн сорохтор ординатураҕа бардылар.

Ньургуйаана Васильева

Үөрэххэ туттарсарбар Бүлүү улууһун киин балыыһатын кытары тус сыаллаах дуогабарга илии баттаспытым. Дуогабарым быһыытынан Бүлүүгэ хайаан даҕаны 3 сыл үлэлиэхтээхпин. Бу балаҕан ыйыттан үлэлии барыахтаахпын. Билбэт сирбэр тиийэрбиттэн, биллэн турар, долгуйабын. Бүлүүнү дойдубар кэлэ-бара сылдьан, ааһан эрэ иһэн көрбүтүм. Чугастык билэр дьонум эҥин суохтар. “Киһи кэпсэтэн, ынах маҥыраһан” билсэр, онон сыыйа-баайа билсэн, үөрэнэн иһэр инибин диэн уоскутунабын. Ханна эрэ түҥ тыаҕа, дьоно-сэргэтэ суох сиргэ барбат буоллаҕым дии. Бүлүү дойдубуттан уонна куораттан да чугас, суоллаах-иистээх, эдэр киһи тэһийэн олороругар сөптөөх куорат.

Билиҥҥитэ ханна олорорбун, төһө хамнастаахпын, туох усулуобуйа баарын билбэппин, “кэллэххинэ быһаарыахпыт” диэн эппиттэрэ. Биһиги, тиис быраастара, быйыл 30 буолан бүтэрдибит, бастакы кууруска отуттан тахса этибит. Бииргэ үөрэммит оҕолорум бары үлэ булан үлэлии сылдьаллар, тыаҕа аҕыйах оҕо барда, үксүлэрэ Дьокуускайга хааллылар.

Мин дуогабарбын кэһэр түгэммэр ыстараап төлүөхтээх­пин уонна үөрэммит сылбын барытын харчынан толуйуохтаахпын. Үс сыл диэн кыра, саҥа үлэлээн эрэр киһиэхэ бэрт түргэнник, биллибэккэ ааһан хаалыа дии саныыбын.

“Үөрэҕи-үлэни өрө тутуохпут”

Уйгулаана Николаева, ВГТРК кэрэспэдьиэнэ:

– Быйыл РФ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын инс­титутун саха салаатын филолог идэлээх бакалавры бүтэр­дим уонна салгыы “Языки народов РФ” диэн бырагырааманан магистратураҕа киирдим.

Өссө устудьуоннуу сылдьан, сэтинньиттэн “iR RADIO” онлайн араадьыйаҕа ыытааччынан киирэн холоммутум. Кыра эрдэхпиттэн саҥара-иҥэрэ үөрүйэхпин, хаамыра иннигэр үлэлииргэ эмиэ балай эмэ уопуттаахпын. Оҕо эрдэхпиттэн тэлэбиидэнньэ эйгэтин сэҥээрэбин. Хайаан да бу эйгэҕэ үлэлиэм диэн сыаллаах-соруктаах саха салаатыгар анаан-минээн туттарсан киирбитим.

Уйгулаана Николаева

Быйыл муус устарга ВГТРК-ҕа “мин эһиэхэ үлэлиэхпин баҕарабын” диэн тиийбитим. Ким даҕаны “онно үлэ миэстэтэ баар” диэн ыйан-кэрдэн биэрбэтэҕэ, хорсуммун киллэрэн баран, тиийэн кэлбитим. Соһуйуом иһин, миигин тута үлэҕэ ылбыттара. Бэйэбэр эрэллээх уонна эрдэттэн сыаллаах-соруктаах, баҕалаах буоламмын, туохтан да чаҕыйбакка, иҥнибэккэ ылсан испитим. Билигин үлэм ис куукунатын үчүгэйдик иҥэн-тоҥон үөрэтэ сылдьабын. Дьону кытары үлэлиир наһаа үчүгэй. Барыта саҥа, сонун, онон үлэбэр күн аайы үөрэ-көтө кэлэбин. Өссө да барыта иннибэр, үөрэнэн, уопутуран иһиэм. Кэлэктииппин сөбүлээтим, хамнас да өттүнэн куһаҕана суох. Саҥа саҕалыыр киһиэхэ бары усулуобуйа баар.

Билиҥҥитэ саамай ыарыр­ҕатарым – тиэмэ булуута. Интэ­риэһинэй тиэмэҕэ сюжет устар олус умсугутуулаах, туохпун барытын ууран туран утаппыттыы устабын. Үлэҥ түмүгэ тута тахсар буолан, киһи сыыһатын-халтытын көрөн, салгыы сайыннарарга кыах бэриллэр.

Бэйэм Чурапчы сэлиэнньэтиттэн сылдьабын, төрөөбүт тылбын оҕо эрдэхпиттэн сэҥээрэр буолан, тыл баайын иҥэн-тоҥон үөрэтэрбэр олус интэриэһинэй.

Быйыл бакалавры уон буолан бүтэрдибит, түөрт кыыс салгыы үөрэхпитин магис­тратураҕа салгыыбыт, оттон атыттар үлэ көрдөнөллөр. Ма­гистратураҕа үлэлии-үлэлии үөрэнэргэ усулуобуйа тэриллэр. Мантан күһүн күн иллэҥэ суох, үөрэҕи, үлэни өрө тутан сылдьыахпыт.

***

Сыллата Арассыыйа хоту­гулуу-илиҥҥи өттүн саамай бөдөҥ үөрэҕин кыһатын –
ХИФУ-ну – 3 тыһ. кэриҥэ выпускник бүтэрэр. Былырыын университеты бүтэрээччи 57%-на үлэ булбут, 32% выпускник үөрэхтэрин салҕаа­быттар (магистратураҕа, аспирантураҕа, ординату­раҕа киирбиттэр), 6% выпускник ытык иэстэрин төлүү аар­мыйаҕа барбыттар, 3% оҕолонон олорбуттар.

общее фото2

Быйыл ХИФУ-ну 3100 выпускник бүтэрбит, олортон 283 выпускник – тус сыаллаах дуогабарынан. Дуогабарынан үөрэммит выпускниктар бары кэриэтэ улуустарга үлэлии барбыттар. Маны таһынан эдэр исписэлиистэр “Земскэй дуоктар”, “Земскэй учуутал” бырагырааманан дуогабар түһэрсэн өрөспүүбүлүкэ араас муннугар үлэлии барбыттар. Эдэр исписэлиистэргэ таһаарыылаах үлэни, үчүгэй хамнаһы, умнуллубат түгэннэри баҕарабыт!

Дмитрий ИВАНОВ.