Киир

Киир

Айымньыга, ааҕыыга сыһыаммыт олорор кэммит тэтимиттэн, майгытыттан олус тутулуктаах. Тыл-литература туһугар туруулаһар үлэҕэ ити уратыны, кэм дьайыытын болҕомтоҕо ылар булгуччулаах.

Билигин көрөн ылынар (визуальнай) култуура кэмигэр олоробут. Ол да иһин оҕо-ыччат бэрт түргэнник көмпүүтэр оонньуутунан, интэриниэтинэн үлүһүйэр, инстаграм ситимигэр (Арассыыйаҕа бобулаах), үтүүп ханаалга аралдьытар биэрии олус дэлэйэн турар. Аны киһи сонньуйара диэн дьон сылын аайы кылгастан-кылгас биэриини ааҕарын, көрөрүн ордорор буолан иһэр. 1 мүнүүтэни кыайбат аҕыйах сөкүүндэлээх shorts биэриилэр үксүн солуута суохтар, биллэрэр-иһитиннэрэр сорук туруорбаттар. Итинник бөх-сах үгүс-элбэх информацияттан киһи (ордук кыра оҕо) сөптөөҕүн, туһалааҕын булан ылара дьэ уустук. Ол иһин аныгы кэм оҕотугар – уһун кэмнээх хайааһыны тэһийэн-тулуйан көрбөт, боччума суох, информацияны сүрүннээн көрөн ылынар оҕоҕо – үөрэтии-иитии ньымата эмиэ ураты сэргэх, сонун, чаҕылхай буолуон наада.

Бу көстүү олус маассабай хабааннаннаҕына, социальнай проблемаҕа, уйулҕа да кыһалҕатыгар кубулуйуон сөптөөххө дылы. Ону утарсар бэртээхэй ньыма, биллэн турар, ааҕыы буолар. Маныаха ааҕыы култууратын үрдэтэр сыаллаах бэрт айымньылаахтык үлэлии олорор тэрилтэлэр, “Айар” кинигэ кыһатын уонна «Кэскил» оҕо издательствотын, үлэлэрин бэлиэтиир саамай сөп.

“Кэскил” оҕо кыһата таһаарар «Чуораанчык», «Бэлэм буол» сурунааллара олус аныгылыы моһуоннаахтар, оҕо хараҕа таптыы көрөр уруһуйдаахтар, суруктаахтар-бичиктээхтэр. Редакция үөрэхтээһин, иитии хайысхатыгар улахан болҕомтотун уурара кэрэхсэбиллээх – сурунааллар кэнсиэпсийэлэрин оҥорорго үөрэх салаатын кытта сөбүлэһэн, сүбэлэһэн үлэлииллэр эбит. Холобура, «Бэлэм буол» сурунаал быйылгыттан Саха сирин улуустарын сырдатар бырайыагы саҕалаабытын сэҥээрдим. Ол курдук тохсунньу ыйтан Өймөкөөн, Хаҥалас, Сунтаар, Дьааҥы, Бүлүү, Тааттта, Горнай, Нам, Чурапчы улуустарыгар аналлаах нүөмэрдэр тахсыталаабыттар. Кэлэр нүөмэр Мэҥэ Хаҥалас улууһугар ананыаҕа. Маннык аныгылыы киэбинэн оҥоһуллубут бырайыак төрөөбүт дойду, улуус уратытын дириҥэтэн билиһиннэрэрэ, дойдунан  киэн туттуу иэйиитин күүһүрдэрэ дьэҥкэ. Оҕолорбут барахсаттар биһигини тулалыыр мастары (хатыҥы, тэтиҥи, тиити, бэһи) билбэттэрэ, ол оннугар баобаб, лиана, дуб диэн атын дойду мастарын эндэппэккэ быһаарсаллара эмиэ сонун буолбатах. Онон бу бырайыак бэйэбитин тулалыыр дьон, айылҕа, үгэс уратытын сырдатар, билиһиннэрэр үтүө соруктаах.

Онон сурунаал матырыйаала төрөппүккэ эрэ буолбакка, ордук начаалынай кылаас, саха тылын, литературатын учууталларыгар, оскуола психологар, социальнай педагогка наадалааҕа биллэр. Улаатан эрэр оҕо эгэлгэ дьарыгыттан саҕалаан куһаҕан дьаллык туһунан, доруобуйаны харыстаныы курдук социальнай проблеманы эмиэ таарыйар. Сурунаалларга саха тылыгар аналлаах тирэх табылыыссалар, биллииллээх дьон мэтириэттэрэ, олус тупсаҕай уруһуйдар бааллар. Бу барыта төһө баҕарар кылааска көмө матырыйаал быһыытынан үөрэнэр кабинет истиэнэтин киэркэтэр  кыахтаах.  

 «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» бырайыак чэрчитинэн 1 кылаастан саҕалаан 11 кылаас үөрэнээччилэригэр уонна орто анал үөрэх устудьуоннарыгар анаан сыл устата элбэх биэрии бэлэмнэнэн тахсыбыт. Онно сахалыы матырыйаал киирэн биэрбитэ олус кэрэхсэбиллээх. Холобура, алтынньы ыйга «Өксөкүлээх үөрэҕэ» үһүс биэриитэ таҕыста. Манна уруокка туттуллар көмө матырыйаалга бэлэм сценарий, презентация, видео, интерактив киирэ сылдьаллар. Табыгастааҕа диэн учуутал бу матырыйаалы кыһа сайтыттан уонна «Саас» мобильнай сэмсэтиттэн эмиэ булар.

Мин төрөппүт, литератураны чинчийэр учуонай, учуутал быһыытынан көрүүм – ааҕыы дьиэттэн саҕаланыахтаах. Өскөтүн дьиэ иһигэр ааҕар ийэ-аҕа, эһэ-эбэ үтүө холобура көстөр, ааҕар үгэс тутуһуллар, буоллаҕына, оҕо эмиэ ааҕар. Саха истэр, анаарар сатабыллаах омук. Үс түүннээх күн олоҥхону истэр үөрүйэх биһиги омук хааммытыгар баар. Онон уһун айымньыны истии, айымньыны дириҥэтэн анаарыы сатабылын оҕолорбутугар уһугуннарыахха, дьиэ кэргэнинэн ааҕыахха, ааҕыы култууратын көҕүлүөххэ. Олус көхтөөхтүк, дьаныардаахтык үлэлии олорор тэрилтэлэр үлэлэрин болҕойуохха, сэҥээриэххэ, туһаныахха.

2022 сыллаахха Ийэ тыл, сурук-бичик күнүн көрсө «Айар» кинигэ кыһата «Айарбук» («Ayarbook») диэн ааҕыыга аналлаах саҥа мобильнай сыһыарыы таһаарбыт.

WhatsApp Image 2023 10 11 at 10.42.34 1

Фролова-Янцен Ольга, "Айар" национальнай кинигэ кыһатын уус-уран таһаарыы редакциятын салайааччыта, Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ:

«Айарбук» («Ayarbook») сыһыарыыны «Айар» национальнай кинигэ кыһатын генеральнай директора Егоров А.В. быһаччы көҕүлээһининэн, «Квантум» IT компания көмөтүнэн «Айар» кыһа бэйэтин суотугар оҥотторбута. Бу Россияҕа бастакы региональнай таһымнаах сыһыарыы буолар.

2010 сылтан «Айар» кинигэ кыһата электроннай үөрэх кинигэлэрин, сыһыарыылары (холобур, «Остуоруйалар») оҥорор уопуттаах буолан, бу электроннай уонна аудиокинигэлэр киирбит сыһыарыыларын оҥорору ситиспиппит. Бу сыһыарыыга сахалыы, нууччалыы, хотугу норуоттар тылларынан уопсайа 700-тэн тахса (633 электроннай уонна 70-тан тахса аудио форматтаах) кинигэ киирдэ. Кинигэ көрүҥэ араас: оҕоҕо, төрөппүккэ анаммыт, уус-уран айымньы, прикладной, сынньалаҥ, ас-үөл.

Сыһыарыыга сурутан бэйэҕэ туһааннаах, табыгастаах тарыыбы талан туох да хааччаҕа суох библиотеканы барытын да ааҕыахха сөп этэ. Ол эрэн, хомойуох иһин, сыһыарыы саҥа үлэлээн иһэн, санкция кэнниттэн төлөбүр тутар кыаҕа тохтообута. Ол да  буоллар, кинигэ кыһата бырайыакка анаабыт сыратын өйдөөн-санаан туран босхо кинигэлэри таһаара турар. Билиҥҥи туругунан «Айарбук» сыһыарыыга 710 кинигэ баарыттан ааҕааччы 300 тахса кинигэни буор босхо ааҕыан-истиэн, туһаныан сөп.

AppStore нөҥүө «Айарбук» 2,3 тыһыынчата, GooglePlay нөҥүө биир тыһыынчаттан тахсата хачайдаммыт. Сыһыарыыга 960 көхтөөх ааҕааччы баара бэлиэтэнэр. Бу өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн олус аҕыйах көрдөрүү. Онон бу сыһыарыыны эдэрдиин-эмэнниин туһанаргытыгар, тарҕатаргытыгар ыҥырабыт!

«Айарбук» биир ураты бырайыага – Ил Дархантан истэр кинигэ. Бу ааҕааччы киэҥ араҥатыгар, чуолаан оскуола оҕолоругар, устудьуоннарга анаммыт бырайыакка 134 Саха сирин классик суруйааччыларын айымньыта киирбитэ. Саха тыйаатырын биллэр артыыстарын толорууларыгар саха литературатын чулуу айымньыларын истэн,  оҕолорго сахабыт тыыннаах тылын, сүөгэйин-сүмэтин тиэрдиэххэ, дорҕоонноохтук ааҕа үөрэтиэххэ сөп. Ол эрээри, хомойуох иһин, маннык туһалаах бырайыак баарын ааҕааччы билбэт. Оскуолалары, атын да үөрэх тэрилтэлэрин кытта үлэбит күүһүрүөн наада курдук. Ону таһынан, бу бырайыагы салгыы сайыннарарга  үп көрүллүөн наада.

 «Айар» кыһа биир дьоһун айымньыта, аныгы олоххо туһааннаах, туһалаах таһаарыыта киэҥ эйгэҕэ тарҕанан, ааҕааччыга биллэн-көстөн, туһалаан иһиэ диэн эрэнэбит.

Мария Афанасьевна Кириллина, тыл билимин хандьытаата, “ХИФУ илдьитэ” научнай сурунаал эрэдээктэрин солбуйааччы, «Ааҕар Саха сирэ” түмсүү көҕүлээччитэ:

Саха литературата уран, намчы айылгытынан аныгы үйэ күөн күрэһин уйар кыахтаах, эдэр көлүөнэ ааҕааччылаах буоларын туһугар «Айар» национальнай кинигэ кыһата туруулаһан туран айымньылаахтык, далааһыннаахтык үлэлиир.

Аныгы үйэ түргэн тэтимигэр, бириэмэ былдьаһык, ыгым кэмигэр төлөпүөн сыһыарыыта дьон сөбүлээн туттар ньымата буолла. Ааҕааччы айымньы алыптаах эйгэтигэр умсан, күннээҕи түбүктэн сынньана, уоскуйа  саха суруйааччыларын айымньыларын умсугуйа ааҕыан,  билсиэн сөп.  Ыал ийэтэ, устудьуон, айанньыт, саастаах дьон эбэтэр көрөрүгэр кыһалҕалаах дьон сиэптэригэр бүтүн библиотеканы укта сылдьан (аудио) кинигэни истиэхтэрин, оҕолоругар иһитиннэриэхтэрин сөп. Бу барыта «Айарбук» («Ayarbook»)  сыһыарыыга баар.

Тыйаатыр көрөөччүлээҕин курдук, айымньы, суруйааччы ааҕааччылаах буолуохтаах. Бу литература искусство көрүҥүн быһыытынан тулхадыйбат сокуона. Инникитин саха литературата ааҕааччылаах (ол эбэтэр кэскиллээх) буолара учууталтан эбэтэр литератураҕа сыһыаннаах дьонтон эрэ буолбакка, төрөппүттэн улахан тутулуктаах. Билиҥҥитэ классик-суруйааччыларбыт айымньылара, тыллара-өстөрө дьоҥҥо-сэргэҕэ, ыччакка ситэри тиийэ илик, хайдах суруллубутунан, баарынан сыаналана илик. Өксөкүлээх, Ойуунускай, Алампа, Ньостуруойап, Суорун Омоллоон, Амма Аччыгыйа, Иван Гоголев, Сэмэн, Соппуруон Даниловтар, о.д.а. талааннаах суруйааччыларбыт тыыннаах тылларын ыччакка тиэрдии – бу аныгы кэм төрөппүтүн ытык иэһэ буолар. Учууталлар, төрөппүттэр биир сүрүн сорукпут – ХХI үйэ ааҕааччытын иитии, дьиэ кэргэҥҥэ ааҕыы үгэһин тэрийии, уус уран литература, кинигэ суолтатын (престиж) үрдэтии буолар.

Саха литературата ааҕааччылаах буолуо дуо? Ол бэйэбититтэн тутулуктаах. Саха литературатын ааҕааччытын иитиэххэ, үүннэриэххэ, онно бииргэ үлэлэһиэххэ!

Саргылана Ноева, тылы билимин хандьытаата,
РНА СС ГЧуоХААНПИ үрдүкү билим үлэһитэ.