Киир

Киир

Сэтинньи 6 күнүгэр Олоҥхо тыйаатырын көҕүлээһининэн Саха академическай уонна Нуучча судаарыстыбаннай академическай дыраама тыйаатырын эдэр артыыстарын кытта ХИФУ устудьуоннара кыттыылаах Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар анаммыт "Ойуунускайы ааҕабыт" ("Читаем Ойунского") күрэх тэрээһинэ бэрт сэргэхтик ааста.

Режиссер Александр Захаров, Щепкин аатынан училищены быйыл бүтэрбит эдэр артыыс, айар куттаах, көхтөөх эдэр ыччаты түмэ тардан, улуу суруйааччыбыт айар эйгэтигэр, уран тыл абылаҥар умсугута оонньотто. Бу тэрээһин биир уратытынан Саха сиригэр Кытайтан кэлэн үөрэнэ сылдьар филологическай факультет устудьуоннара кыттыбыттара буолар. Университет эдэр ыччата Ойуунускай хомуһуннаах тыллаах тыыннаах поэзиятын идэлээх артыыстартан итэҕэһэ суох таһымнаахтык сахалыы, нууччалыы, кытайдыы ааҕан, ыллаан, дьүһүйэн көрдөрдүлэр. 

image 08 11 23 09 22

image 08 11 23 09 22 3

image 08 11 23 09 22 4

image 08 11 23 09 22 5

image 08 11 23 09 23 1

Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа, Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Айаал Аммосов салайааччылаах дьүүллүүр сүбэ дьоһуннаах үлэ ыытыллыбытын бэлиэтээн туран, ыччат айар үлэтин үрдүктүк сыаналаата уонна тыйаатыр куруһуога, дьарыга тэриллиэн сөбүн туһунан санаатын эттэ. Күрэххэ тоҕус паара кыттыбытыттан түмүгэр үс кыайыылаах паара аата ааттанна. Рокачева Дарья (Нуучча тыйаатыра), Акимова Надежда (3 куурус устудьуона) “Кырыым” хоһоону ураты иэйиилээхтик ааҕан I миэстэни ыллылар. Иванова Анастасия (Саха тыйаатыра), Пильникова Анастасия (ХИФУ магистрана) “Татыйык ыллыыра” хоһоону флейта доҕуһуоллаах толорон II миэстэ буоллулар. Тумусова Дайаана (Олоҥхо тыйаатыра), Хань Инин (Кытай устудьуона) “Таатта үрэх үрдүгэр” ырыаны сахалыы, кытайдыы толорон III миэстэни ыллылар. Дьүүллүүр сүбэ бирииһэ “Доҕорбор Сүөкүччэҕэ” хоһоону итэҕэтиилээхтик ааҕан дьүһүйбүт Золотуев Евгенийга (Нуучча тыйаатыра), Давыдова Дайаанаҕа (4 куурус устудьуона) ананна.

Олоҥхо тыйаатырын артыыһа Лена Маркова кыттааччылары бэлэмнээн, сүбэ-соргу буолан тэрийээччилэри улаханнык өйөөтө. Саха тыйаатырын худуоһунньуга Дария Дмитриева сыана киэргэтиитин, кыттааччылар таҥастарын тэрийэн көмөлөстө.  Ону таһынан, тэрээһини “Сандалҕан” бөлөх ырыата-тойуга киэргэттэ.

uolattar

Бу киэһэ эдэр ыччат үөрэнэр кыһатыгар, Сэргэлээххэ, ытык киһибит Былатыан Ойуунускай умайар уот тыыннаах поэзията үс омук тылынан ааҕылынна. ураты истиҥник, сонуннук иһилиннэ. Кытай устудьуона "Ийээ, бырастыы!.." диэбит тылларын бары да долгуйа, чуумпура таалан иһиттибит. Хас биирдии кыттааччы, көрөөччү бэйэтин Ойуунускайын кытта билистэҕэ буоллун!  Улуу киһибит Ойуунускай үйэлэри уҥуордаан 21 үйэ ыччатын кытары быстыбат ситимэ олохтонноҕо буоллун! Айар тыл уоттаннын! Тыл илбиһэ төлөннөннүн!

image 08 11 23 09 23

Мария Кириллина, тыл билимин хандьыдаата.