Бу саас биһиги Тус сыаллаах үүнэр көлүөнэ пуондата АЛРОСА хампаанньаны кытта оҕолору эбии үөрэхтээһин чэрчитинэн, креативнай индустрия эйгэтигэр кэккэ тэрээһиннэри уонна бырайыактары олоххо киллэрэрин сырдатан турабыт. Маннык бииргэ үлэлэһии түмүгэр Саха сирин үөрэнээччилэрэ айар-тутар идэлэргэ буор босхо үөрэнэр кыахтаммыттара. Соторутааҕыта биһиги Үүнэр көлүөнэ пааркатыттан бу ааспыт сыл аҥаарыгар туох үлэ барбытын, туох сонуннаахтарын ыйыталаһарга быһаардыбыт.
Билигин АЛРОСА үбүн суотугар Дьокуускайга тутулла турар Үүнэр көлүөнэ паарката (мантан салгыы – Паарка, Л.) сылы эргиччи үлэлиир, уопсастыбаннай паарка уонна үөрэтэр киин быһыытынан тэҥинэн туһалыыр, оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо урбааны, креативнай үөрүйэҕи биэрэр куорат туоната буолуохтаах. Манна эбии үөрэхтээһин кииннэрин кластера түстэниэхтээх. Тустаах киин хайыы үйэ педагогтары, араас эйгэ идэлээхтэрин уонна айар-тутар кыахтаах ыччат дьону түмэн, үлэтин олох эрдэттэн саҕалаабыта. Күн бүгүн бу кииҥҥэ сүүһүнэн үөрэнээччи Паарка араас тэрээһиннэригэр дьарыктанна. Оттон бэрт аҕыйах сылынан кинилэр ситиһиилээх исписэлиис, үлэһит үтүөтэ буолан, бэйэлэрэ Саха сиригэр креативнай индустрияны сайыннарааччы буолуохтара. Билигин Паарка үлэ халыыбын таба тайанан, биир тэҥинэн аныгы үөрүйэхтэри, хаачыстыбалаах үөрэтиини биэрэр уонна ыччат идэни таларыгар көмөлөһөр диэн, бэлиэр бигэтик этиэххэ сөп.
«Креативнай индустрия лиидэрдэрин иитэбит»
Үүнэр көлүөнэ паарката ханнык тэрээһиннэри ыытарын туһунан уонна дойду экэниэмикэтигэр тоҕо креативнай индустрия наадатын уонна өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн креативнай ис кыаҕы хайдах биэрэр, сайыннарар туһунан бүгүн биһиэхэ Паарка дириэктэрэ Вадим Яковлев кэпсиэҕэ.
«Быйыл ыам ыйыгар “Креасфера” үөрэтэр кииҥҥэ “Архитектура”, “Фильммейкинг” уонна “2D-графика” хайысхаларга Дьокуускай үөрэнээччилэригэр анаан маастар-кылаастар ыытыллыбыттара. Биһиги онно креативнай индустрия бары хайысхаларын туһунан уопсай, кэлим өйдөбүлү биэрэргэ, идиэйэлэри уонна айар-тутар бырайыактары хайдах саҕарга, саҕалыырга үөрэппиппит. Бу тэрээһиҥҥэ 39 үөрэнээччи кыттыбыта.
Оттон ыам ыйын бүтүүтэ “СтикерПАРК” воркшоп диэни ыыппыппыт Стикердэр киһи тугу толкуйдуурун өйдүүргэ көмөлөһөллөр. Аныгы оҕолор да, ыччат дьон да ону күүскэ туһаналлар. Ону таһынан дьону кытта көннөрү уонна дьыалабыай да алтыһыыга стикердэр көмөлөөхтөр», – диир Вадим Яковлев.
Ону таһынан Паарка бу дьыл от ыйын 10 күнүттэн саҕалаан, атырдьах ыйын 25 күнүгэр диэри кэмҥэ «Лето в Креасфере» үөрэтэр-сынньатар бырагырааманан дьарыктыыр күнүскү үс симиэнэни үлэлэттэ. Итиннэ уопсайа 57 оҕо кытынна.
Стикер диэн – киһи туох эрэ иэйиитин уонна уругун тиэрдэргэ көмөлөһөр кыра хартыыІкалар ааттаналлар. Социальнай ситимнэргэ уонна мессенджердэргэ үгүстүк туттуллаллар. Стикердэр дьон алтыґыытын сэргэхситэргэ анаммыттар биирдиилээн тылы, ону тэІэ бэл, бүтүн этиини да холкутук солбуйар кыахтаахтар.
Паарка дириэктэрэ бэлиэтээбитин курдук, өрөспүүбүлүкэҕэ креативнай индустрияны сайыннарыы тосхоло уонна эко-тиһик оҥоһулунна. Мантан салгыы каадыр бэлэмигэр ылсыахтара.
«Креативнай хайысхаҕа үрдүк ситиһии өрөспүүбүлүкэҕэ олорор олоххо дьулуурдаах уонна ураты, креативнай дьон көмөтүнэн ситиһиллэр. Кинилэр бары Саха сирин араас оройуоннарыттан тахсыбыт дьон, ол иһигэр биһиги киэҥ нэлэмэн Сахабыт сирин кырыы, уһук сирдэриттэн төрүттээхтэр эмиэ бааллар. Биһиги талааннаах оҕолору таба тайанан, кинилэри айар-тутар идэлэргэ сыһыарарга, интэриэстииргэ дьулуһабыт.
Креативнай индустрия биһиги өрөспүүбүлүкэбит сырьёта суох экэниэмикэтэ сайдарыгар төһүү күүс буолуох тустаах. Онон бу хайысханы сайыннарыы хаһааҥҥытааҕар да сытыытык турар. АЛРОСА хампаанньа көмөтүнэн, биһиги оҕо дьон уонна ыччат айар-тутар ис кыаҕын сайыннарар гына, туох баар күүспүтүн ууран үлэлиэх кэриҥнээхпит», – диэн этэр Вадим Яковлев.
Хамаанда ыра санаата
Оҕо аймаҕы кытта үлэ Үүнэр көлүөнэ паарката үлэлэһэр биир соҕотох хайысхата буолбатах. Паарка хамаандата педагогтары кытта эмиэ ыкса үлэлэһэр. Ол курдук, бэс ыйын саҕаланыыта эбии үөрэхтээһин педагогтарыгар, баһаатайдарга уонна кинилэр көмөлөһөөччүлэригэр анаан, «Анимация» бырагырааматыгар кылаастарын үрдэтэр куурустары ыыппыттар.
«Педагогтарга уонна баһаатайдарга анаммыт куурустары ыытарбытыгар бэйэбит бырайыактарбытыгар сыһыараары биһиги кинилэри кэтээн көрөбүт. Ол курдук, бу сайын Билим дьоҕус академиятыгар ыытыллыбыт «Skills Camp 2023. Animation» үөрэтэр-бырайыактыыр симиэнэттэн түөрт педагогу, сэттэ баһаатайы уонна сэттэ көмөлөһөөччүнү талан, сыһыарбыппыт. Кинилэр салалталарынан өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан кэлбит 85 эрдэҕэс оҕону тоҕус күн устата каадыры арааран таҥыыга, режиссураҕа, 2D- уонна 3D-анимацияҕа, биидьийэни таҥыы төрүттэригэр, сценарий суруйар маастарыстыбаҕа уо.д.а. аниматор идэтин сатабылыгар үөрэппиппит», – диэн кэпсээтэ Үүнэр көлүөнэ пааркатын дириэктэрэ.
Үүнэр көлүөнэ пааркатын биир чааһа буолаары...
Амма Абаҕатыттан сылдьар Богдан Васильев оҕо эрдэҕиттэн айар үлэ абылаҥар ылларбыт, тыйаатыр куруһуогар сылдьыбыт, норуот үҥкүүлэринэн уонна киинэ устуутунан дьарыктаммыт. Ол сылдьан, 2020 сыллахха оройуон тэрийэн ыыппыт оҕо киинэтин куонкуруһугар Гран-при буолбут. Оттон 2021 сылга тиийэн, «Ийээ, мин эйигин таптыыбын!» диэн оройуон иккис төгүлүн тэрийэн ыыппыт куонкуруһугар кыттан, эмиэ кыайыы кынаттаммыт. Оттон соторутааҕыта кини Үүнэр көлүөнэ паарката СӨ Билим дьоҕус акадьыамыйатын кытта «КиноМАНиЯ» диэн симиэнэни кыттыһан тэрийэллэрин истибит. Төрөппүттэрин кытта сүбэлэһэн баран, кыттарга сайаапка түһэрэргэ быһаарыммыт.
«Мин манна хапсыбыппыттан үөрбүтүм. Кэлбиппэр режиссёрдар бөлөхтөрүгэр киллэрбиттэрэ, ол кэмтэн саҕалаан Үүнэр көлүөнэ паарката ыытар үлэтин-хамнаһын билсэн барбытым. Ол курдук, Үүнэр көлүөнэ пуондата баарын, АЛРОСА хампаанньа өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар сүҥкэн кылааттааҕын билбитим. Симиэнэ да кэнниттэн Паарка ыытар тэрээһиннэригэр салгыы кыттан испитим. Доҕотторбун кытта «Медиахакатоҥҥа» кыттан, үһүс миэстэлэммиппит. Салгыы «Архетон» диэн архитектура куонкуруһугар кыттыбыппыт. Оттон бу «Skills Camp» лааҕырга алын (младщай) баһаатай буолбутум. Ону тэҥэ «Креасфераҕа» волонтёрдуубун», – диэн, Богдан кэпсиир.
Абаҕа орто оскуолатын бүтэриэхтээх Богдан Паарка тэрээһиннэригэр, араас бырайыактарыгар сылдьан, бэйэтин күүһүгэр эрэллээх буолбутун бэлиэтиир. Оскуола кэнниттэн АГИКИ-га киинэ режиссёрун үөрэҕэр туттарсан киириэҕин баҕарарын этэр.
Оттон Влада Иванова Дьокуускай куорат лиссиэйигэр 6-с кылааска үөрэнэр. Кини Дьоуускайга буолбут «Лето в Креасфере» сайыҥҥы үөрэтэр-сыньатар лааҕыр бастакы симиэнэтигэр дьарыктаммыт. Онно сылдьан, үүнэр-сайдар интэриэстээх оҕолору кыта билсиһэн, кинилэрдиин артыыс ускуустубатын, дизайн уонна анимация маастар-кылаастарыгар сылдьыбыт.
«Анимация маастар-кылаастарыгар биһиги көмпүүтэргэ уруһуйдуур, пластилинынан араас уобараһы бэлэмниир этибит. Ол биһиэхэ туһалаах уопуту биэрбитэ, кэнэҕэһин ити үөрүйэхтэниим тус бэйэбэр туһалыа, көмөлөһүө дии саныыбын. Кэнэҕэһин бэйэм модельер буолуоҕум диэн былаанныыбын эбэтэр ханнык эмэ арааһы айар, толкуйдуур, уруһуйдуур кыаҕы биэрэр айар-тутар идэҕэ бэйэбин аныам», – диэн, Влада бүөм санаатын баарынан үллэһиннэ.
Үүнэр көлүөнэ пааркатын тэрээһиннэрин ис иһиттэн сөбүлээн, сэргээн, кыысчаан Билим дьоҕус акадьыамыйатыгар тэриллибит «Skills Camp 2023» лааҕырга хапсар туһугар кыаллары барытын оҥорбут. Кини билигин Паарка волонтёра, кэлэр да өттүгэр араас куонкуруска уонна лааҕырга көхтөөхтүк кыттан тэйэр санаалаах.
Дьиҥ олох көрдөрөрүнэн, креативнай индустрия сайдыыта уонна ситиһиитэ хас да суолтан – сонун идеяны, туох эрэ айылла-тутулла илиги толкуйдаан, айан-тутан таһаарарга бэлэм дьон төһө көхтөөхтөрүүттэн, көҕүлүүр кыахтаахтарыттан, ону былаас уонна уопсай интэриэстээх биисинэс өттүттэн төһө өйөбүл оҥоһулларыттан – улахан тутулуктаах.
Биһиги бу ыстатыйаҕа АЛРОСА хампаанньа уонна Тус сыаллаах Үүнэр көлүөнэ пуондата бииргэ үлэлэһиилэрин түмүгэр оҕолор хайдах курдук айар-тутар баҕалара сайдарын, толкуйдуур, сонуну айар баҕалара уһуктарын кылгастык билиһиннэрдибит. Сотору кэминэн тустаах Пуонда төһүү күүс, флагман бырайыага – Саха сирин экэниэмикэтигэр, кэскилигэр сүүнэ, быһаарар оруоллаах креативнай индустрияны сайыннарар сыаллаах Дьокуускайдааҕы Үүнэр көлүөнэ паарката – айар-тутар ыччат тардыһар туонатыгар, килбэйэр киинигэр кубулуйуохтаах.
Оттон бу манна дьарыктаммыт оҕолортон хайалара эмэ идэтийбит, талааннаах архитектор, дизайнер эбэтэр дьон киэҥ биһирэбилин ылар режиссёр буола үүнэн-сайдан тахсыаҕа.
Матырыйаалы ЛОҺУУРА тылбаастаата.