Киир

Киир

Үөрэнээччилэригэр хонтуруолунай үлэ иһин сыананы кытта куоска стикердэрин сыһыарар учуутал туһунан истибиккит буолуо. Интэриниэккэ тус сирэйигэр таһаарбыт устуута куйаар ситимигэр тарҕанан, дойду үрдүнэн биһирэбили ылбыт. Дьокуускай куорат 3-с №-дээх оскуолатын информатика учуутала Аида Сокорутова оҕолорго сыана туруорар ролигын ютубка номнуо 4 мөлүйүөн киһи көрбүт. “Аныгы кэм учуутала хайдах буолар эбитий?” диэн, саҥалыы көрүүлээх, эдэр учууталы кытта билсэн кэпсэтэр санааланным.

Куоска стикердэр

– Аида, бастатан туран, дьон интэриэһин тарпыт куоска стикердэриҥ туһунан кэпсэтиэх. Наклейкаларыҥ, нууччалыы эттэххэ, ажиотаж буоллулар. Маннык идиэйэ хантан киирбитэй?

– Сыана оннугар стикердэри сы­һыарыы уруккуттан баар, ордук алын сүһүөх кылаастарга. Интэриниэккэ биир учуутал биидьийэтин көрөммүн, “арай мин эмиэ оҕолорбор стикердэри сыһыардахпына? Үөрүөхтэрэ этэ” диэммин, Вайлдберистан наһаа күлүүлээх куоскалар наклейкаларын сакаастаабытым. Билигин оҕолор мем куоскалары сөбүлүүллэр. Хонтуруолунай үлэ толорторон баран, ким ханнык сыананы ылбытынан, онно сөп түбэһэр сирэйдээх куоскалары сыһыарбытым: “5” сыанаҕа – үөрбүт, “2” сыанаҕа хомойбут куоскалары. Оҕолор, тэтэрээттэрин арыйаат, соһуйбуттара, онтон күлэн барбыттара, ким хайдах куоскалааҕын ыйытыы, наклейкаларын бэйэ-бэйэлэригэр көрдөрүү сүпсүлгэнэ буолбута. Бары наһаа астыммыттара! Куһаҕан сыананы ылбыт оҕолорум кытта. Оскуола олоҕуттан кыра-кыра биидьийэлэри, рилстэри устарбын сөбүлүүбүн. Ол сиэринэн хонтуруолунай үлэҕэ стикердэри сыһыарар устуубун инстаграм* (Арассыыйаҕа бобуулаах) сирэйбэр уган баран, утуйан хаалбытым. Арай, доҕоор, хара сарсыардаттан билбэт нүөмэрдэрбиттэн төлөпүөнүм оргуйан олордо! Онтум баара, били роликпын хас да мөлүйүөн сурутааччылаах Арассыыйа паблига таһаарбыт, ону атын саайтар иилэ хабан ылбыттар. Телеграмҥа, ютубка, Вконтакте, инстаграмҥа* сэҥээрии, лайк, репост бөҕө! Мин наһаа соһуйдум, биир түүн иһигэр интэриниэт “сулуһа” буолан хаалбыт эбиппин. Бэҕэһээ утуйарбар көннөрү киһи сыттаҕым дии (күлэр). Билиҥҥи туругунан ютубка shorts разделга (тэттик биидьийэлэр) роликпын 4 мөлүйүөнтэн тахсата көрбүттэр. Тута Москубаттан араас пабликтан, олохтоох тэлэбиидэнньэттэн, саайтартан эрийэн барбыттара. Нүөмэрбин билэ охсубуттара да баар ээ! Өссө Москубаттан “Радио России” быһа эпииргэ таһаарбыттара.

Стикердэрим бүппүттэрин кэннэ, Вайлдберистан эбии сакаастыах буолбутум, пахай, куоскаларым быдан үйэҕэ бүппүттэр этэ. Табаар артикулун көрдүүллэрин аанньа биэрэн иһэр этим, онтубун начаас үлүгэр былдьаһа-тарыһа атыылаһан кэбиспиттэр. Итинник буолуо дии санаабатах буоллаҕым. Сурутааччыларым биир учуутал рилсин ыыппыттара, “Саха сирин учууталыттан идиэйэ ылбытым” дии-дии, оруобуна мин куоскаларбын сыһыара сылдьар этэ. Кимиэхэ эрэ буор босхо угуйук оҥорон биэрбиппин уонна бэйэм биир да стикерэ суох хаалбыппын (күлэр). Сотору хонтуруолунай үлэлэр саҕаланыахтара, үөрэнээччилэрим эрэҥкэдийэллэрэ буолуо. Онон “наклейкалары бэйэм оҥорорум дуу” дии сылдьабын.

PHOTO 2023 12 08 17 19 02 2

PHOTO 2023 12 08 17 19 02 1

PHOTO 2023 12 08 17 19 02

Учуутал идэтэ

– Оннук, оҕолоруҥ стикер ылаары эрэллээх сырыттахтара. Аны учуутал идэтигэр ханна үөрэн­ниҥ, ону кэпсээ. 3-с №-дээх оскуолаҕа ха­һааҥҥыттан үлэ­лии­гин?

– М.К Аммосов аатынан ХИФУ математика уонна информатика институтун 2021 сыллаахха бүтэрбитим. Дьиҥэ, учуутал буолар ыра санаам суоҕа. Бэйэм Өлүө­хүмэ улууһун II Нөөрүк­тээйи нэһилиэгиттэн сылдьабын. Кыра эрдэхпиттэн математиканы сөбүлүүбүн, техническэй кылааска үөрэммитим. Үрдүкү сүһүөххэ Өлүө­хүмэ гимназиятыгар киирбитим, интэринээккэ олорбутум. 11-с кылааска тахсан бараммын, айар кутум уһуктан, “АГИКИ туттарсар эбиппин” диэн, гуманитарнай кылааска көһөн хаалбытым. Уопсастыбаны, нуучча тылын уонна литэрэтиирэни туттарыахтаах этим. Кэлин тиһэҕэр булкуллан-тэккиллэн, литэрэтиирэ оннугар профильнай математиканы талбытым. Ити үс биридимиэт эксээмэнинэн учуутал идэтигэр ханна баҕарар туттарсыахха сөп этэ. Мин алын сүһүөх кылаас учууталыгар, математика, информатика хайысхаларыгар докумуоммун биэрбитим уонна информатикаҕа киирэн хаалбытым. Санаабар алҕас курдук этэ эрээри, Дьылҕам оннук салайдаҕа. Үөрэхпин бүтэрэн баран, оскуолаҕа учуутал миэстэтэ тута көстүбэтэҕэ, уопуттаах дьону көрдүүллэрэ. Биир сыл атын эйгэҕэ үлэлээбитим. Дьокуускай куорат 3-с №-дээх оскуолатыгар былырыын киирбитим, 5-11-с кылаастары үөрэтэбин. Оҕолору кытта үлэлиирбин сөбүлүүбүн. Бастаан саҕалыырбар уустук соҕус этэ, онтон билсэн-көрсөн, тугун, ханныгын быһаарыстаҕым дии.

– Оччоҕо Сүрүн судаарыстыбаннай (ОГЭ), кэлим эксээмэннэри (ЕГЭ) туттарар үөрэнээччилэрдээх буоллаҕыҥ?

– Былырыын саҥа кэлбит буоламмын, эксээмэннээх кылаастары биэрбэтэхтэрэ. Быйыл 9-тар бааллар, 11-гэ гуманитарнай кылаас буолан, инфор­матиканы ким да туттарбат. Билигин технология сайдан турар кэмигэр информатика биридимиэтин олус элбэх оҕо талар. Чуолаан 9-с кылааһы бүтэрээччилэр, холобур, былырыын 75 оҕо туттарбыта. Биһиги оскуолаҕа үс информатика учуутала баар, биир кылааһы иккиэ буолан үллэстэбит, онон бөлөхпөр элбээбитэ 15-тии үөрэнээччилээхпин. Оҕолор тиэмэни дөбөҥнүк ылыналлар, түргэнник өйдүүллэр. Информатика бастакы чааһыгар боруобалаан көрүү (пробники) үлэтин толордубут, оҕолор көрдөрүүлэрэ үчүгэй. Улаханнык долгуйа иликтэр. 9-с кылаас эксээмэнэ, дьиҥэ, чэпчэки уонна алын кирбиитэ кыра – 5 балл. Үксүн “кирбиини ааһыахпыт” диэн талаллар быһыылаах. Онтон, дьэ, 11 кылаас СКЭ сорудахтара ыарахаттар. Киһи эрэ барыта кыайбат. Былырыын 7–8 эрэ оҕо информатиканы талбыта.

– Куорат оскуолатыттан саллааччылар ээ, эйиэхэ оннук санаа суоҕа дуо? Кэлэктиип, оҕолор хайдах ылыммыттарай? Үөрэнээччилэр эдэр диэн сэнии көрбөтөхтөрө дуо?

– Суох, мин бэйэм хара маҥнайгыт­тан куорат оскуолатыгар үлэлиэхпин баҕарбытым. Кэлэктиип наһаа үчү­гэйдик көрсүбүтэ, оттон оҕолор ... миигин саҥа үөрэнээччи кэлбит дии санаабыттар этэ. Кырдьыга, оҕо курдук көрүҥнээхпин быһыылаах. “17 саастаах курдуккун” диэн билиммиттэрэ, сааспын билиэхтэрин олус баҕараллар да, эппэппин (күлэр). Эдэр диэн сэнээһин эҥин суоҕа, истибиттэрэ. Оскуола оло­ҕор көх­төөх­түк кыттабын, үөрэ­нээччилэргэ патриоттуу са­нааны иҥэ­­рии, ду­хуо­бунай өттүнэн иитии, сайыннарыы чаа­һыгар дириэктэр сүбэһитэ уонна эдэр педагогтар бэрэссэдээтэллэрэ буолабын. Эдэр учууталлар 10-тан тахсабыт. Араас тэрээһини ыытабыт, Саҥа дьыллааҕы бэлэмнэниибит саҕаламмыта. Эдэр исписэлиистэргэ уопуттаах учууталлары сыһыарбыттара, элбэх саҥаны биллибит, хардарыта олус табыллан үлэлии сылдьабыт, онон быйылгы Учуутал уонна Уһуйааччы сыла бэрт сэргэхтик ааһан эрэр.  

– Бүгүҥҥү үөрэнээччи учууталтан хайдах сыһыаны эрэйэрий? Арааһынай мэтиэдьикэни туһанар эбиккин.

– Хас биирдии оҕоҕо тус туһунан сыһыан олохтонор. Ким эрэ үөрэҕэр наһаа кыһаллар, ким эрэ төлөпүөнүн хаһа-хаһа олоруон баҕарар. Мин бастаан утаа, оҕолору кытта үчүгэйдик билсэ иликпинэ, уруоктарбын көннөрү ыытан көрбүтүм – кылааска интэриэс суох этэ. Ол иһин туох эрэ ураты мэтиэдьикэни көрдөөбүтүм. Үөрэнээччилэрбин кытта биир долгуҥҥа буолаары, билиҥҥи оҕолор тугу сөбүлүүллэрин, болҕомтолорун тугунан тардыахпын сөбүн үөрэтэн барбытым. Интэриэстээх тиэмэлэрин таарыйдахпына, тиллэ, сэҥээрэ түһэллэр. Анаалыстаан бараммын, уруоктарбын оонньуу былаастаах ыытабын, айар дьоҕур ньымаларын туһанабын. Холобур, кыра хоруопка иһигэр сиэркилэ уган бараммын, "манна сөбүлүүр хаартыскабын уктум, кэлэн көрүҥ" диибин, онуоха оҕолор сиэркилэҕэ бэйэлэрин көрөннөр мүчүк гыналлар. Төлөпүөҥҥэ анал сыһыарыыга үс тэҥ смайлик түбэстэҕинэ, пицца сакаастыыбын. Наһаа астыналлар. Бириэмэ ордон хааллаҕына ити курдук оонньуулары ыытабын, интэриэһиргиир тиэмэлэрин ырытабыт, кэпсэтэбит. Оҕолорум "информатика – саамай сөбүлүүр уруогум", "Аида Константиновна, мин эйигин наһаа сөбүлүүбүн" диэн тылларыттан олус сылаанньыйабын. Миэхэ онтон ордук хайҕабыл, биһирэбил наадата суох.

PHOTO 2023 12 08 17 19 01 1

Медиа-устуудьуйа

– Оскуолаҥ иһинэн медиа-устуудьуйаны салайар эбиккин, тугу гынаҕытый, хас оҕо сылдьарый?

– Устуудьуйаны былырыыҥҥыттан үлэлэтэбин. 7–10-с кылаас оҕолоро сылдьаллар. Күнтэн күн баҕалаах элбээн иһэр, билигин 20-чэлэр. Фотоаппараттаахпыт, петличка микрофоннардаахпыт, уоттаахпыт. Оскуолабытыгар буолар тэрээһиннэри барытын сырдатабыт, сонуннары устабыт, учууталлартан, оҕолортон интервьюлары ылабыт уонна матырыйаалларбытын оскуолабыт ютуб ханаалыгар, ВК уган иһэбит. Хаартыскаҕа да түһэрэбит, биидьийэҕэ да устабыт, оҕолор бэйэлэрэ наһаа үчүгэйдик таҥаллар, усталларын, уһуллалларын даҕаны олус сөбүлүүллэр. Ыйытыыларын бэйэм толкуйдуубун, оҕолор идиэйэлэрин этэллэр, онтон сиэттэрэн, бииргэ сүбэлэһэн, интэриэһинэй контены устан таһаарабыт.

Таро

– Эн өссө Таро хаартынан таа­йар дьарыктаах эбиккин, бу туһунан кэпсээ эрэ.

– Оҕо эрдэхпиттэн гороскопка, тым­тыктанан көрүүгэ интэриэстээхпин. «Биһигини туох күүтэрэ буолуой?», «мин хайдах киһи­биний?», «миэхэ туох барсарый?» диэн ыйытыылар үөскээччилэр. Былырыын интэриниэтинэн Таро хаартынан таайарга үөрэммитим. Киһи төрөөбүт күнүнэн, сылынан хайдах быһыылааҕын, майгытын, ханнык идэ, хайысха барсыан сөбүн ааҕан-суоттаан, көрөн биэрэбин. Төһө дьиҥнээхтик таайар эбит диэн, бастаан бэйэбиттэн саҕалаабытым: киһи соһуйуох, барыта сөп түбэспитэ. Онтон боруобалаан дьүөгэлэрбин, аймахтарбын көрбүтүм. Үлүһүйэн туран дьарыктаммаппын, бэйэм интэриэстээх эрэ буоламмын, биирдэ эмэ хаарты быраҕабын.

– Аида, бэрт сэргэх, саҥалыы көрүүлээх, олоххо көхтөөх аныгы кэм учуутала буоларгын, чахчы, итэҕэйдим. Талан ылбыт идэ­ҕэр си­тиһиилэри баҕарабын, үөрэ­нээч­чилэриҥ эксээмэннэригэр үрдүк баллы ыланнар, эйигин, төрөп­пүттэрин үөртүннэр!

Айаана Ларионова.

Бүтэһик сонуннар