Киир

Киир

Бу дьыл ахсынньы 7–10 күннэригэр, Дьокуускайга, 14–18 саастаах оскуола оҕолоругар “Медиахакатон»” айымньылаах үлэ куонкуруһа буолан ааста. Саха сирин 48 үөрэнээччитэ 12 хамаандаҕа арахсан, үс күн устата медиа-эйгэ исписэлиистэрэ үөрэтэр анал бырагыраамаларын аастылар. Оттон төрдүс күнүгэр бэйэлэрин пилотнай бырайыактарын көмүскээтилэр. Бу – бэрт кылгас кэм иһигэр идиэйэттэн сүмэлээҕин сүүмэрдээн сынаарыйы суруйуу, биидьийэҕэ устуу үтүмэн үлэ.

“Медиахакатон” куонкурус быйыл иккис ыытыллыыта, ол эрээри  хайыы үйэ өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын көхтөөх уонна креативнай толкуйдаах үөрэнээччилэрин ураты болҕомтолорун ылла. Тэрээһини АЛРОСА быһаччы өйөбүлүнэн Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондата, Үүнэр көлүөнэ паарката уонна “Медиашкола” Норуоттар икки ардыларынааҕы креативнай үөрүйэх оскуолата иилээн-саҕалаан ыыталлар. Алмаас хампаанньата быйыл өссө “кейсодатель” быһыытынан эмиэ кытынна. 

“Икки сылынан кыһыннары үлэлиир үөрэтэр пааркабыт тутуута түмүктэниэ. Ол онно толору бэлэмнээх буолар гына, хамаанданы таҥан, оҕолорго туһалаах араас суол тэрээһиннэри ыытабыт. Маннык туоналар чуолаан сымнаҕас уонна кытаанах диэн ааттанар  үөрүйэхтэри сайыннарарга көдьүүстэрэ улахан. Биһиги креативнай индустрия эйгэтигэр ситиһиилэнэр кыахтаах саҥа көлүөнэни иитэн-үөрэтэн, бэлэмнээн таһаарар аналлаахпыт.

Мин санаабар, хамаандалар бары да ылбыт сорудахтарын үчүгэйдик толордулар, оттон уонна, саамай сүрүнэ, сыаната биллибэт сүдү уопуту ыллылар. Ол гынан бара, “Медиахакатон” диэн сорудахтары эрэ толоруу буолбатах, ону тэҥэ саҥа, сонун идиэйэлэри уонна бэйэлэрин курдук креативнай толкуйдаах тэҥ саастыылаахтарын кытта билсиһии. Кинилэрдиин кыттыгас бырайыактары олоххо киллэрэр дьон буолуохтарын сөп”, – диир “Үүнэр көлүөнэ паарката” АНО дириэктэрэ  Вадим Яковлев.

Вадим Яковлев

Кини Паарка дьарыктарын кыттааччылара уонна ону бүтэрбит оҕолор “Креасфераҕа” кэлиэхтэрин уонна бэйэ бырайыагын олоххо киллэрэллэригэр өйөбүлү ылыахтары сөбүн бэлиэтээтэ. Ол курдук, кинилэргэ дьарыктанар туонаны, тэрили уларсар, ментордары (настаабынньыктары) сыһыарар уонна үбүлэһинин боппуруоһун быһаарар кыахтаахтар.

“Креативнай холбоһугу тэрийэбит”

Тэрийээччилэр бу буолан ааспыт “Медиахакатоҥҥа”  оскуола оҕолорун түмэн, куонкурус бииргэ үлэлэһээччилэрин – партнёрдарын –  сорудаҕын толортордулар. Онуоха оҕолор сынаарыйы толороллоругар бэйэлэрин продюсер, эпэрээтэр, биидьийэни таҥааччы, дизайнер, артыыс быһыытынан холонон көрдүлэр. Ити курдук, үөрэхтээһин маннык көрүҥүн көмөтүнэн саҥа биидьийэлэри айан-тутан таһаардылар.

“Биһиги бу маннык тэрээһиннэри ыытан, эрдэҕэс оҕолор уонна ыччат креативнай холбоһугун төрүттүүбүт. Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондата, Үүнэр көлүөнэ паарката, биһиги медиа-оскуолабыт кыттыһан, АЛРОСА өйөбүлүнэн, ол сообщество үлэлиир усулуобуйатын тэрийэбит. Тэрээһин хас биирдии кыттааччыта сонун күүһү-уоҕу, санаа өрөгөйүн билэн, уопутуран,  креативнай үөрүйэҕин салгыы сайыннарар баҕата күүһүрүө дии саныыбын.

Биһиги өрөспүүбүлүкэбит креативнай индустрия эйгэтин каадырдарыгар наадыйар, ол уопсай дьыалаҕа бэйэбит кылааппытын киллэрсэбит”, – диэн “Медиашкола” дириэктэрэ Дмитрий Попов кэпсээтэ.

DSC01194 15

Куонкурус партнёрдарын сорудахтара

АЛРОСА сорудаҕа

Хампаанньа 1 мүнүүтэ уһуннаах промо-ролигы бэлэмниир уонна ону тарҕатар былааны оҥорор сорудаҕы биэрбитэ. Онуоха бу ролик ыччат интэриэһин тардан, АЛРОСА телеграм-ханаалыгар суруйтарыан баҕарарын, кэнэҕэһин хампаанньаҕа үлэлиир киирэрин ситиһэргэ көмөлөһүөхтээх.

“Бастакы күн сынаарыйбытын АЛРОСА бэрэстэбиитэллэрин кытта дьүүллэспиппит, бигэргэтии кэнниттэн үлэҕэ туруммуппут. Үлэ быыһыгар күүтүллүбэтэх өттүттэн түгэннэри көрсүбүппүт. Бастаан тутаах артыыспыт, үһүс күммүтүгэр ыалдьан хаалан, кыайан устуллар кыаҕа суох буолбута. Онон суһал кэм иһинэн атын артыыһы булан, барытын хаттаан устар кыһалҕа тирээбитэ. Сүрүнэ, ол барыта ирдэнэр кэм иһигэр кыаллыбыта.

Бу ролигынан алмаас хампаанньатыгар үлэлиир кэскиллээҕин көрдөрөргө дьулуспуппут. “Хайдах тарҕатабыт?” диэҥҥэ биһиги кэмиэрчэскэй барыйааннары ыйбыппыт – киинэ тыйаатырдарыгар уонна “Саха” НКИХ ханаалын эрэкэлээмэтигэр киллэрэри. Ону таһынан телеграм-ханаалларга уонна “Медиашкола” уонна Үүнэр көлүөнэ пааркатын Вконтакте сирэйдэригэр таһаарарга этии киллэрбиппит”,  – диэтэ хамаанда дизайнера, продюсера Никита Неустроев.

Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондатын сорудаҕа

Пуонда социальнай ситимнэргэ таһаарарга уонна сүрэхтэниилэргэ туттарга анаан, 1 мүнүүтэ уһуннаах Пуонда үлэтин-хамнаһын, мииссийэтин туһунан сырдатар биидьийэ ролигы сакаастаабыта. Аудиториятын сааһа чопчу – 14-тэн 35-тэригэр диэри ыччат дьон.

“Ыччат бу Пуонда туһунан, оонньоон, тугу да билбэт, онон бу кыһалҕаны быһаарарга ол роликпыт көмөлөһүөхтээх диэн сыал турбута.  Итинник быһа быраҕан сыанабыл төһө оруннааҕын бастаан бэрэбиэркэлээн көрөргө быһаарбыппыт. Онтубут, үгүстэр Пуонда туһунан билэллэр, истэллэр, ол гынан баран чопчу тугунан дьарыктанарын этэллэрин ыарырҕаталлар этэ. Ол иһин үлэбитин интервью халыыбыгар оҥорон баран, Пуонда оскуола үөрэнээччилэрин уонна эдэр исписэлиистэри хайдах өйүүрүн туһунан тэттик устуулары кыбытан биэрбиппит. Бэйэбитин эмиэ Пуонда өйүүр”, – тустаах хамаанда продюсера уонна эпэрээтэрэ Вадим Ефремов билиһиннэрдэ.

Куонкурус бирииһин пуондата  – 100 000 солк.

“Медиахакатон” кыттааччыларын санаалара

Айсен Соколов

Айсен Соколов, Дьокуускай, 11-с кылаас үөрэнээччитэ:

– Идэҕэ урутаан бэлэмниир киин (ЦОПП) биидьийэ-ролик бэлэмниир сорудаҕы биэрбитэ. Биһиги “рилс-и” талан, оскуолаҕа үөрэнэрин сэргэ ЦОПП-ка дьарыктанар, ону таһынан өссө үлэлиир оҕо биир күнүн таҥан көрдөрбүппүт. Барытын 2 күн иһинэн бэлэм гыныахтаах буолан, олус ыксаллаах этэ. “Киноманияҕа” курдук эпэрээтэр уонна продюсер үлэтин толорбутум. Куһаҕана диэн, күнүскү өттүгэр эрэ сылдьыбыппыт. Итинник эйгэҕэ суукка толору 24 чааһыгар буолан, атын оҕолору кытта ыкса алтыһыы баара, кыттыгас үлэҕэ улахан болҕомто ууруллара буоллар, олус үчүгэй буолуо этэ.

Уйгун Романов

Уйгун Романов, Мэҥэ Хаҥалас Нуораҕаната, 10-с кылаас үөрэнээч-читэ:

– “КиноМАНиЯ-ҕа” кыттыбытым кэнниттэн манна ыҥырбыттара. Эмиэ биидьийэни таҥааччы  буолбутум. Атына диэн, сорудаҕы икки күн иһигэр толоруохтаах этибит. Чэппиэргэ билсибиппит, “кейсодатели” кытта көрсүспүппүт, ол кэнниттэн сынаарый толкуйдаан, устан, таҥан барбыппыт. Барыта түргэн тэтиминэн оҥоһуллубута. Маннык тэрээһиҥҥэ иккис кыттыым, олус сөбүлээтим. Хас биирдии тэрээһин кэнниттэн киһи бэйэтигэр эрэлэ улаатар. Таҥааччы идэтигэр туттарсыыһыбын дуу диэн толкуйдаан эрэбин.

Дима Крылов

Дима Крылов, Дьокуускай, 11-с кылаас үөрэнээччитэ:

– Бастакы тэттик киинэбин быйыл атырдьах ыйыгар устан, “ГикФест” бэстибээлгэ кыттан бастаабытым. Онтон эрэл ылан, иккис, үһүс киинэбин устан, атын куонкурустарга кыттыбытым. “Медиахакатон” буоларын алҕаска истэн кэлбитим. Эпэрээтэр оруолун толордум. Олус интэриэһинэйдик ааста. Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондатын өссө ханнык эмэ тэрээһинигэр кыттыбыт киһи.

Нелли Корнилова

Нелли Корнилова, Мэҥэ Хаҥалас Майата, 8-с кылаас үөрэнээччитэ:

– Креативнай индустрия эйгэтигэр 2020 сылтан баарбын. Оскуолабытыгар медиа-киинээхпит, онно суруналыыстыканан дьарыктабыт. Ол да иһин бу куонкуруһу сэҥээрбитим. Манна элбэх сонуну, интэриэһинэйи биллим. Суруналыыстыка салаатыгар туттарсан, эпэрээтэр буолуохпун баҕарабын, эмиэ да ыстатыйалары суруйар санаалаахпын. Суруналыыска олус наадалаах үөрүйэх. 

Еремей Матчитов

Еремей Матчитов, Мэҥэ Хаҥалас Өлөчөйө, 8-с кылаас үөрэнээч-читэ:

– Креативнай индустрия хайысхатынан бу сааскыттан интэриэһиргиибин. Маннык тэрээһиҥҥэ аан бастаан кыттыым. Саас бу курдук үлэҕэ доҕотторбор көмөлөспүтүм, биидьийэни таҥар уопуттаахпын. Миигин кинилэр “Медиахакатоҥҥа” кыттарбар сүбэлээбиттэрэ. Элбэх оҕолордуун билистим, үгүс иһитиннэриини биллим. Оттон, саамай сүрүнэ, биидьийэни таҥар ускуустубаҕа элбэх туһалаах үөрүйэҕи ыллым. 

Табылыннаҕына, кэнэҕэһин моушн-дизайнер эбэтэр таҥааччы буолуом дии саныыбын.

Лера Дедюхина

Лера Дедюхина, Дьокуускай, 10-с кылаас үөрэнээччитэ:

– Бу иннинэ Үүнэр көлүөнэ пуондата тэрийэн ыыппыт саахымат турнирын сыыппара уруһуйдарын күрэхтэһиитигэр кыттыбытым. Ол эрээри “Медиахакатон” –  бэйэм аан бастаан кыттыбыт тэрээһиним. Манна, чахчыта да, талааннаах, олус көхтөөх оҕо элбэх. Хамаандабар дизайнер оруолун толорон, сүрэхтэниини бэлэмнээбитим. Планшекка элбэхтик уруһуйдуур буолан, кэнэҕэһин дизайнер буолуохпун баҕарабын. Санкт-Петербург эбэтэр Москуба куорат тустаах идэҕэ бэлэмниир үөрэҕи кыһатыгар туттарсар санаалаахпын.

“Медиахакатон” кыайыылаахтара

Дьэ, оттон куонкурус түмүгүнэн ким бастыҥ, кыайыылаах аатын ылла:
 
Эпэрээтэр бастыҥ үлэтэ – Айсен Соколов, Никита Гребеневич-Воронин.
Бастыҥ дизайнер – Павел Довнар.
Бастыҥ таҥааччы (монтажер) – Айсен Устинов.
Бастыҥ блогер – Тамара Антипина.
Бастыҥ продюсер – Екатерина Егорова.
Көрөөччү биһирэбилэ – «Орион».
I миэстэ – «Медиастар».
II миэстэ – «nineframe».
III миэстэ – «aiQuatro».
P.S. Вадим Яковлев эһиил  Skills Camp, “КиноМАНиЯ”, “Медиахакатон”, сыыппара-худуоһунньуктара куонкурустара ону таһынан араас маастар-кылаастар уо.д.а былааннарын иһитиннэрдэ.  Ол туһунан эһиги Үүнэр көлүөнэ пааркатын parkyakutia.ru саайтыгар уонна и @parkyakutia телеграм-ханаалга киирэн, билсэргитигэр ыҥырда.

Вставить 1

 Андрей ШИЛОВ суруйуутуттан ЛОҺУУРА.