Киир

Киир

Саха түөлбэ тылын иҥэн-тоҥон чинчийбит Михаил Спиридонович Воронкин ааспыт 2023 сыл сэтинньи 21 күнүгэр лоп курдук 100 сылын туолбута. Онон быйылгы Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн чэрчитинэн ыытыллар билим кэмпириэнсийэтин сүнньүнэн кини үлэтин-хамнаһын, олоҕун сырдатар соруктаах ыытыллар.

М.С. Воронкин олоҕун кэпсээнин бэйэтэ бэрт сиһилии суруйан хаалларбыта. Төрдүн-ууһун, үөрэммитин, билим эйгэтигэр киирбитин, о.д.а. барытын. Ааптар быһыытынан бэйэтин кэмигэр, этэргэ дылы, хаһыат-сурунаал сирэйиттэн түспэт эбит. Биллэн турар, үлэтин-хамнаһын, о.э. саха тылын, түөлбэлии уратыларын туһунан сырдатара. Кини туһунан үөлээннээхтэрэ, эмиэ тыл үөрэхтээхтэрэ Н.К. Антонов, С.А. Иванов, П.А. Слепцов, М.П. Алексеев-Дапсы уо.д.а. эмиэ суруйбуттарын «Кыым», Саха сирэ», «Сахаада», о.д.а. сахалыы хаһыаттар саһарбыт страницалара туоһулууллар. Өрөспүүбүлүкэбит сүрүн ааҕар алаһатын электроннай бибилэтиэкэтин матырыйаалларыгар олоҕуран, М.С. Воронкин хаһыакка, сурунаалга суруйбут ыстатыйаларын уонна кини туһунан тугу суруйбуттарын сылларынан сэгэтэн көрүөм.

Олунньу 15 күнүгэр ыытыллар «ЯЗЫКИ И ДИАЛЕКТЫ НАРОДОВ РОССИИ» Арассыыйа таһымнаах билим кэмпириэнсийэтэ М.С. Воронкин 100 уонна түөлбэ тылын чинчийбит С.А. Иванов 95, тыл баайын үөрэппит П.С. Афанасьев 95 сылларыгар ананыаҕа. Ыытыллар сирэ – Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар кыһалҕаларын института (сигэтэ: https://igi.ysn.ru/?page_id=16567)

1940-с сыллар. «Таб. Воронкин – обороннай-массовай үлэ активиһа. ОСО членэ Воронкин Михаил Спиридонович Тойоку т/с орто школатыгар военругунан үлэлиир. Воронкин школаҕа 28 членнэрдээх ОСОавиахим б/сөһүөх тэрилтэтин олохтообута. (…) Таб. Воронкин ааспыт сыллааҕы комсомольскай профсоюзнай кросска 67 киһи активнай кыттыыны ылалларын хааччыйбыта. (…) Район школаларын военруктара Воронкин курдук үлэлиэх тустаахтар», – диэн «Үөһээ Бүлүү большевига» хаһыакка 1944 сыллаахха кылгас заметка тахсыбыт [Михайлов, 1944, с. 2]. Бу, арааһа, М.С. Воронкин туһунан биир бастакы суруйуу буолуон сөп.

1970-с сыллар. Бу кэмҥэ М.С. Воронкин түөлбэ тылы зоналарынан тыыран, наардаан саҕалаабыт кэмэ этэ. Холобур, «Хотугу сулус» сурунаалга маннык суруйар: «Говордар түөрт бөлөхтөрүн бэйэ-бэйэлэригэр тэҥнээн көрдөххө, интэриэһинэй хартыына тахсар. Төрүт формалар ордук хотугулуу-apҕaa зонаҕа сөҥө сыталлара көстөр. Олор Бүлүү сүнньүгэр балай да уларыйбыттара бэлиэтэнэр. Киин зонаҕа үгүс фонетическай уларыйыылар тахсыбыттара харахха быраҕыллар. Ол сабыдыала хотугулуу-илин зонаҕа араастаан охсуллан тиийэр. Ол эрээри бу зона ордук ыpaax yhyгap (Халымаҕа) төрүт формалар чаастатык эмиэ көстөллөр. Саха тылын түөлбэлэринэи арахсыытын таба наардааһын инники турар соруктартан биирдэстэринэн буолар. Бу соругу ситиһиилээхтик толорор наадаҕа говордары өссө дириҥник үөрэтии (монографическай былаанынан чинчийии, атлаһы оҥоруу) биһигиттэн эрэйиллэр» [Воронкин, 1977, с. 100].

 «Билигин саха тылын грамматикатын, диалектологиятын секторын былааныгар киирбит биир үлэнэн Бүлүү сүнньүнээҕи оройуоннар олохтоохторун саҥаларын диалектнай уратытын үөрэтии буолар. Бу кэмҥэ матырыйаалы хомуйуу үлэтэ ыытылынна. Онно Бүлүү өрүһүн баһынааҕы сахалартан – Иркутскай уобалаһыгар киирэр Катангскай оройуонтан саҕалаан, Мирнэй, Сунтаар, Ленинскэй, Үөһээ Бүлүү оройуоннара хабылыннылар. Хомуллубут матырыйаалы сыымайдааһын үлэтэ барар. Анаан чинчийэн үөрэтии илик. Куйабыл, кэҕэ кулгааҕа курдук тыллар эргэрбиттэр, кырдьаҕастар эрэ билэллэр. Куйабыл диэн сугуну охсор туос иһит, аны оҥоһуллубат буолан, аата да мэлийдэҕэ. Эдэр өттө кэҕэ кулгааҕа диэбэт, ньургуһун эрэ диэн аатынан ити сибэккини билэр», – диэн «Аргыс» диэн «Кыым» хаһыат баскыһыанньатааҕы кулуубун балаһатыгар суруйбут [Воронкин, 1978, с. 4]. Манна диэн эттэххэ, куйаабыл билигин хаттаан эргиллэн кэллэ, туттуллар, ааттанар. Оттон кэҕэ кулгааҕа, кырдьык, уус-уран литератураҕа эрэ киирбит буолан онуоха-маныаха диэри умнулла илик.

 «Тылдьыт тыл үөрэхтээхтэригэр эрэ буолбакка, киэҥ ааҕааччыга (учууталларга, этнографтарга, историктарга, бэчээт үлэһиттэригэр, суруйааччыларга, саха тылын бары кэрэхсээччилэргэ) анаммыт. Итини тэҥэ бу тылдьытынан советскай да, омук да тюркологтара, монголистара уонна тунгус-маньчжур тылларын үөрэтээччилэр туһаныахтарын баҕарыахтара турдаҕа. … тылдьыт саха диалектологиятыгар урукку өттүгэр оҥоһуллубатах баай, сонун матырыйааллардаах, бүгүҥҥү туругунан хомуйуллубут диалектнай лексиканы ордорбокко чинчийээччилэр остуолларыгар чөмчөччү ууран биэрбит үлэнэн ааҕыллыахтаах. Онон тылдьыт уонна оҥорбут дьон иннилэригэр туруоруллубут сорук ситиһиилээхтик туолбут. Тылдьыт саха диалектологтарын уһун кэмнээх хомуйар, мунньар үлэлэрин дьоһуннаах түмүгүнэн сыаналаныахтаах», – диэн баар-суох этимологпыт Г.В. Попов суруйан турар. Итиннэ кини аҥаардастыы хайгыыр эрэ буолбатах: «Ол эрээри саха тылын говордарын бөлөхтөрүн наардыырга (классификациялыырга) төрүт буолуохтаах биллэр фонетическай уратылаһыылар тылдьыкка тоҕо киллэриллибэтэхтэрэ өйдөммөт. Тылдьыкка үгүс диалектнай тыллар киирбэккэ хаалбыттар. Холобурдар: култуук, сыр харчы, кэстэрии, дьобдуур сүгэ, о.д.а. Атын бөлөх говордар представителлэрин, холобур, А.А. Иванов-Күндэ, А.Г. Кудрин-Абаҕыыныскай айымньылара көрүллүбүттэрэ буоллар дии саныыгын» [Попов, 1979, с. 124].

Багдарыын Сүлбэ Бүлүү педучилищетыгар дириэктэрдиирин саҕана, 1968 с. «Названия рек и озер Якутии» диэн тиэмэнэн Клавдия Федосеевна Гриценко диссертация көмүскээбитэ. Ол кэмҥэ М.С. Воронкин «Үс күөл туһунан» диэн ыстатыйаны «Кыым» хаһыакка таһаартарбыта. Сир-дойду аатын үөрэтии муҥутаан турдаҕына, сэрэйдэххэ, онтон сылтаан, Муоҕан, Маарыт, Сэйэкэ диэн үс күөл аатын ырыппыта мээнэҕэ буолбатах: «… сирдэр сахалыы ааттаныахтарын иннинээҕи кэмигэр үөскээбит, эвенкилии ааттар араҥаларыгар сыһыаннаахтар. Олор күөл айылҕатын, отун-маһын, сирин-уотун бэлиэтинэн ааттаммыттара биир үйэҕэ биир омук тылынан үөскээбиттэрин көрдөрөр», – диэн быһаарбыта [Воронкин, 1970, с. 4].

1980-с сыллар. 1980 сыллаахха М.С. Воронкин «Саха диалектологиятын очерката. Фонетика уонна морфология» тахсыбыта. Ол туһунан Н.К. Антонов, С.А. Иванов «Дьоһуннаах үлэ» диэн «Кыым» хаһыакка бэлиэтээн суруйбуттара: «… соторутааҕыта филологическай наука кандидата М.С. Воронкин «Саха диалектологиятын очерката» диэн монографията сахалыы бэчээттэнэн таҕыста. Кинигэ 1000 ахсааннаах, полиграфическай өттүнэн тупсаҕай оҥоһуулаах. Автор бу үлэ иннинэ П.С. Афанасьевы, М.П. Алексеевы кытта үлэлээн «Саха тылын диалектологическай тылдьытын» Москваҕа таһаарсыбыта. Кинигэ сүнньүнэн киирииттэн, дорҕооннор говордарынан аралдьыһыыларын сиһилии түмэн биэрэр чаастан, грамматикаҕа, ордук морфологияҕа көстүтэлиир атыннаһыылары кэпсиир салааттан турар. Итини таһынан түмүк, говордары барыллаан наардааһын уонна Таймыр долганнарын итиэннэ Дьэһиэй, киин, хотугулуу илин оройуоннар сахаларын тылларыттан суруллубут диалектологический өттүнэн кэрэхсэбиллээх текстэр сүүмэрдэнэн киирбиттэр. Монография биир кэрэхсэтэр өттүнэн говордары барыллаан наардааһын буолар. 30 оройуон сахаларын олохтоох говордарыгар көстүтүтэлиир фонетическай вариациялар ордук чаҕылхайдарын бэрийэн оҥоһуллубут буолан, бу наардааһын уруккулардааҕар ылыннарыылаах курдук. «Очерк» сахалыы тахсыбыта киэҥ ааҕааччы сэҥээриитин ылыан сөп. Саха тыла наука араас салааларыгар сахалыы литература сурулларыгар табыгастаах буолуоҕун М.С. Воронкин бу үлэтэ көрдөрөр. Методист учууталлар оскуола оҕолорун диалектнай алҕастарын сэрэтэр аналлаах үлэлэригэр көмөлөһүннэриэхтэрэ. Иккиһинэн, автор, 30 оройуон сахаларын тылларын бэрийэн баран, сыччах 12 эрэ оройуону талан очеркатыгар киллэрэргэ анаан бастааҥҥыттан тутах былааннаан кэбиспитэ биир суол көтүтүү курдук көстөр» [Антонов, Иванов, 1980, с. 4].

«Хоотуҥкалаабыт үһү», – диэни омос иһиттэххэ, ким эрэ Хоотуҥка диэн сиргэ бардаҕа диэн саныы биэриэххэ сөп. Аллараа Тунгуска өрүһү олохтоохтор Хоотуҥка диэн ааттыыллар», -- ити уонна да атын тыллары ырытан, Үөһээ Бүлүү уонна Бүлүү оройуоннарын олохтоохторун тыллара-өстөрө биир төрүттээхтэрин, чахчы маарыннаһалларын норуокка иһитиннэрэр-биллэрэр соруктаах ыстатыйаны таһаартарбыта [Воронкин, 1981, с. 4].

1986 сыллаахха «Кыым» хаһыакка Амматтан П. Неустроев суруга киирбитэ: «Мин, Саха АССР территориятын тас өртүгэр, ханнык уобаластарга, кыраайдарга сахалар, эбэтэр сахалыы тыллаах норуоттар олороллоруй, диэн ыйытыахпын баҕарабын», – диэн. Ити ыйытыыга хардаран М.С. Воронкин Ю.И. Васильевтыын «Бодойбо сахалара» диэн балаһа аҥаара ыстатыйаны таһаарбыттара: «Бодойбо оройуонун сахаларын тыллара-өстөрө бүлүүлүү хабааннааҕа көһүннэ. Оройуон сайдыыта партия XVII съеһин историческай уураахтарын олоххо киллэрии суолунан барар» [Воронкин, Васильев, 1986, с. 4].

Воронкин киһи быһыытынан уратытын, майгытын-сигилитин туһунан бэрт сиһилии Дапсы 1989 с. «Кыым» хаһыакка суруйбута. Онтон быһа тардан аҕаллахха маннык: «М.С. Воронкин туохха барытыгар туппутун ыһыктыбат. Саҕалаабытын, былааннаммытын ситэрбэккэ, ситиспэккэ эрэ тохтуо диэн саараама. Ол бэтэрээ өртүнэ, хата, хайдахтаах да ымсыылаахха, ыксаллаахха аралдьыйбат, улдьаарбат бэрт кытаанах дьиссипилиинэлээх киһи. Кини оннук кэһиллибэт үгэстээҕин билэр бороҥ урааҥхай киһи киниэхэ эрдэттэн болдьоспокко эрэ кэлэн баран сыбыытаабата ордук» [Алексеев-Дапсы, 1989, с. 2].

1990-с сыллар. 1999 с. М.С. Воронкин «Диалектная система языка саха: образование, взаимодействие с литературным языком и характеристика» монографията бэчээттэммитэ. Ол туһунан «Советская тюркология» сурунаалга 1990 с. Кенесбай Мусаевич Мусаев маннык сыанабылы биэрбитэ: «Это первое монографическое исследование, в котором исследованию подвергнута, в ее историческом развитии, вся диалектная система якутского языка. Ввиду того, что последний относится к числу малоисследованных тюркских языков, такой широкий подход к языковым явлениям представляется закономерным. В работе показаны специфические условия образования диалектной системы якутского языка и существующих местных говоров, классифицирована и детально исследована структура диалектной системы, путем экспериментального анализа выявлены интонационные особенности говоров. Эти новые наблюдения над диалектными особенностями фонетики, лексики, несомненно, будут полезны для разработки проблем сравнительной и сравнительно-исторической грамматики тюркских языков, для этимологических изысканий тюркологов. Кроме того, этот труд явится добротным учебным пособием по якутской диалектологии» [Мусаев, 1990, с. 34-35].

Саха учуонайдара урукку кэмҥэ бэйэ-бэйэлэрин өйөһөн-убаһан, ситиһиилэрин бэлиэтээн хаһыакка суруйар үгэстээхтэрэ. Ол сиэринэн, 1994 с. П.А. Слепцов С.А. Ивановтуун «Түөлбэ тылы үөрэтии түһүлгэтигэр» диэн ыстатыйаны «Саха сирэ» хаһыакка таһаарбыттара. Ыстатыйа М.С. Воронкин 80 сааһыгар анаммыта: «Ученай иккис дьоһуннаах үлэтинэн 1980 сыллаахха сахалыы тылынан бэчээттэнэн тахсыбыт «Саха диалектологиятын очерката» диэн түөлбэ тылын үөрэтиини түмүктүүр курдук хайысхалаах монографията буолар. Манна отучча оройуон олохтоох сахаларын тылларын көрдөрүүлэрин бэрийэн, кинилэр туспатыйар сүрүн фонетическай, грамматическай бэлиэлэрин наардаан ыйбыта, олорго киэҥ лингвистическэй быһаарыылары биэртэлээбитэ уонна саха тылын говордарын, олор үөскээбит, сайдыбыт социальнай-историческай усулуобуйаларын, географическай эйгэлэрин аахсан туран, сиэрдээх научнай наардааһыны оҥорбута, кэнники саха тылын бары говордарын бөлөҕүн сиһилии үөрэтэн суруллубут улахан үлэлэр ити наардааһын таба оҥоһуллубутун бигэргэппиттэрэ. «Очерк» саха тылыгар идэтийэргэ үөрэнэр студеннарга диалектология предметигэр туһанарга күн бүгүҥҥэ диэри үөрэх кинигэтин быһыытынан туггулла сылдьар. (…) 1972-75 сыллардаахха М.С. Воронкин саха тылын хотугулуу-арҕаа, 1975-1980 сыллардаахха Бүлүү сүнньүтээҕи говордар бөлөхтөрүн чинчийэн икки улахан монографияны суруйталаабыта. Онтон бастакыта 1984 сыллаахха «Саха тылын хотугулуу-арҕаа говордарын бөлөҕө» диэн ааттанан нууччалыы бэчээттэнэн тахсыбыта. Кини манна республика иһигэр олорор Анаабыр, Булуҥ, Өлөөн, Эдьигээн сахаларын түөлбэ тылларын сиһилии үөрэппитэ, туспатыйар бэлиэлэрин чуолкайдаабыта уонна бу бэйэтэ туспа сайдан кэлбит историялаах диалектнай зона буоларын олохтоохтук быһаарбыта. Ол сыаната биллибэт дьикти матырыйаал икки диалектологическай тылдьыкка дьоһуннаах миэстэни ылбыта, бу тылдьыттар таҥыллан оҥоһуллууларыгар, редакциялааһыныгар М.С. Воронкин биир сүрүн үлэбит быһыытынан, П.С. Афанасьевы, М.П. Алексеевы (Дапсыны) уонна бөдөҥ компаративист ученай (тюрк, монгол, тоҥус-маньчжур тылларын историческайдык тэҥнээн чинчийээччи) В.М. Наделяевы кытта ордук табыллан, таһаарыылаахтык үлэлээбитэ» [Иванов, Слепцов, 1994, с. 3].

1993 с. Далан «Тыгын Дархан» романа, 1995 с. «Тыгын Дархан» көстүүнэй дьиэтэ аһыллыбыта. Онон да ситимнээн буолуо, учуонайдар эмиэ бэйэлэрин тылларын иһитиннэрэр, санааларын биллэрэр соруктаах Г.В. Поповтуун кыттыһан «Сахаадаҕа» обургу ыстатыйаны бэчээттэппиттэрэ. Ол саҕана саха омук кэпсэтэр биир сүрүн түһүлгэтэ саамай элбэх тиражтаах сахалыы хаһыат «Сахаада» этэ. Ыстатыйа түмүгэр «… бэйэтин кэмигэр саха норуотун түмэ сатаабыт улуу кырдьаҕаспыт аатын-суолун булкуйбакка биир халыыбынан ааттыаҕыҥ. Тыгын диэн вариант төрүт көрүҥэр (Тэгин) ордук чугаһынан уонна лаппа баһыйа тарҕаммытынан уларыйбакка хаалара сөптөөх. Ону билигин уларыта сатыыр дьоһуннаах төрүөт суох» диэн ылыннарыылаахтык быһааран кэбиспиттэрэ [Воронкин, Попов, 1997, с. 5].

М. Воронкин туһунан ол саҕана тахса сылдьыбыт нууччалыы «Советы Якутии» хаһыакка бүтүн биир балаһа «Киевский вальс» диэн матырыйаал тахсыбыта [Титова, 1991, с. 9]. Биир балаһаҕа учуонай олоҕун кэпсээнин дьып-дьап курдук батаран кэбиспиттэрэ сөхтөрөр.

1995 сыллаахха «Түөлбэ тылын иккис тылдьыта күн сирин көрдө» диэн тэттик интервью тахсыбыта. «Новосибирскай куоракка «Наука» издательствотыгар таһаартардыбыт. Билиҥҥи рынок дьалхааннаах кэмигэр, аҕалыыта кыаллыбакка, атыыга суох. Саҥа дьыл саҕана кэлэр ини диэн кэтэһэбит», – диэн М.С. Воронкин санаатын эппит эбит [Васильева, 1995, с. 4].

2000-с сыллар. Саҥа үйэ кирбиитигэр олох-дьаһах түргэнник уларыйан барбыта. 20-с үйэҕэ сүһүөхтэрин үрдүгэр сылдьан үлэлээбит учуонайдар урукку үлэлэрин, айаннарын сырдатар суруйуулар тахсыбыттара. Холобур, «Дьэһиэй сахаларын фольклора» диэн 2002 с. тахсыбыт кинигэҕэ М.С. Воронкин ыстатыйата киирбитэ: «Биһиги үлэбитигэр 500 кэриҥэ түөлбэ тыл бэлиэтэммитэ. Үксүн олохтоох саха тылыттан төрүттээхтэр (500-тэн 300-кэтэ). Эбэҥки тылыттан төрүттээх – 160, нууччаттан – 44. Үгүс түбэлтэҕэ аһаҕас дорҕоон уһатыллар (дааҕаны, маайгы, хаалган). Дифтонг кылгыыр (һырга/сыарҕа, онуга/онуоха). Бүтэй дорҕооннор аралдьыһыылара: тыл кэннинээҕи тылчаан бүтэй (увулярнай) дорҕооннорун кытта: к=х (холорук=колорук), г=ҕ (алҕас=алгас). Тыл иннинээҕи быыһылыыр с бэлэм (фарингальнай) һ дорҕоонунан чаастатык солбуллар (сүбэ=һүбэ, сүрэх=һүрэх), о.д.а.» [Воронкин, 2002, с. 24].

2004 с. түөлбэ тылын аатылаһын 1-гы чааһын С.А. Иванов көрөн-истэн таһаарбыта. Иккис чааһа 2010 с. күн сирин көрбүтэ. Аатыластар тахсыахтарын иннинэ М.С. Воронкин «Саха сирэ» хаһыакка «Тылы хаартанан көрдөрөн үөрэтии» диэн улахан матырыйаалы таһаарбыта: «Хаарталааһын диалектары балачча үөрэппит кэннэ, туһааннаах тыл диалектарын туһунан чуолкай өйдөбүл үөскээбитин кэннэ олоххо киирэр кыахтаах. Ол аата инники кэлимник чинчийии — экиспэдииссийэ сылдьыбыт, олохтоох диалект кэм суруллубут, тылдьыта да оҥоһуллубут, тиэмэлэринэн да чопчу тутан туспа үлэлэр суруллубут – ыытыллыбыт буолуохтаах. Маннык бэлэмэ суох хаарталааһын табыллыбат. Биир тылынан эттэххэ, хаартаҕа түөлбэ тылын эҥин дьэрэкээн дэгэтэ, араас кустук өҥө-талата арылыччы көстөн кэлиэхтээх. Бу туох баары дьиҥнээҕинэн (объективнайдык) көрдөрөр ньыма буолар. Тыл хаартата олус бэйэтэ өссө дьиҥнээх чинчийии буолбатах, араас өрүттээх чинчийиилэргэ научнай төрүт (база) эрэ буолар. Хаарталааһын тыл, ону ааһан норуот историятын, диалектар литературнай тылы, бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннарын үөрэтэргэ, тылы түөлбэлэринэн таба бөлөхтүүргэ о.д.а. тыл боппуруостарын быһаарарга дьоһуннаах тирэҕинэн буолар. Тиһэххэ биири бэлиэтиэҕиҥ. Бу 4 суонаҕа оҥоһуллубут хаарталар институкка ханнык да бэчээттэнэн көрө иликтэр. Быыл сиэн эрэр. Бэчээттэтэр түбэлтэҕэ эбии бириэмэни, экиспэдииссилэри көрөр наада. Билигин үлэлиир кырдьаҕас кэлэктиип уурайдаҕына, кэлэр саҥа хаадыр бу үлэни баһылыы охсон, атаҕар туруоран бэчээттэрэ уон көс. Барыта үп суоҕар сигэнэбит дуо?» [Воронкин, 2000, с. 13].

М.С. Воронкин уопсастыба олоҕуттан туора турбакка, санаатын этэр, хаһыакка суруйар үгэстээҕэ. Холобур, С.А. Иванову, Н.З. Копырины кытта кыттыһан «Бар дьон баҕатын аахсыахха» диэн оччолорго СӨ Бэрэсидьиэнигэр турбут М.Е. Николаевы өйөөн ыстатыйа таһаарбыттара [Копырин, Воронкин, Иванов, 2001, с. 2].

1988 с. «Социалистическая Якутия» хаһыакка Ю.И. Васильев, Т. Михайлова уонна М. Воронкин кыттыһан «Два языка – два крыла» диэн ыстатыйаны бэчээттэппиттэрэ. Ити ыстатыйаҕа сигэнэн 2009 с. «Кыым» хаһыакка «Биир соһуччу сонун» диэн кыра ыстатыйаны таһаарбыта [Воронкин, 2009, с. 33]. Онно Барылааман сахатыйан эрэриттэн, дьэ, муус хамсаата диэн сэргээбитин биллэрбитэ.

М. Воронкин дойдутун туһугар ыалдьар, патриот быһыытынан араас кыһалҕаны көтөҕөн туруорсар суруктарын хойукка диэри таһаара олорбута. Холобур, Үөһээ Бүлүү улууһун Дириҥ Уулаах диэн күөлүн көмүскээн [Воронкин, 2005, с. 6], Дьэһиэй сахаларын кыһалҕаларыгар болҕомтону уурар туһунан [Воронкин, 2010, с. 40], биир дойдулааҕа, суруйааччы, суруналыыс Степан Дадаскинов туһунан [Воронкин, 2011, 16], профессор Г.П. Башарин 95 сылыгар анаан К. Платонова «Георгий Башарин» диэн кинигэтин ырытан [Воронкин, 2004, с. 4], саха омук үөскээһинин туһунан араас саарбах санаалары утарсан, бэйэтин санаатын тиэрдибитэ: «Г.К. Ксенофонтов, А.П. Окладников, Г.П. Башарин курдук улуу учуонайдары бириэмэ бэйэтэ “төрөтөн” таһаарбыта. Кинилэр курдуктар иккистээн “төрөөн” тахсалларын кэтэһэн, уопсастыба “быар куустан”, “даллаһан” олорон хаалар эмиэ табыллыбат. Ким төһө кыахтааҕынан, толллубакка, сомоҕолоһон биир дьыалаҕа түмсэн үлэлэһэрэ наада буолла» [Воронкин, 2004, с. 12] диэн билиҥҥи саха учуонайдарыгар биир сүрүн тосхолу ыйан, чопчулаан биэрбитэ.

Ыстатыйабын М.П. Алексеев-Дапсы «Убайым Мыкаа» (80 сааһыгар анаан суруйбут) диэн суруйуутуттан быһа тардан түмүктүүм:

«Норуот дьылҕатыгар сабыдыаллаах боппуруостартан туора туттубата, дьалты хаампат санаалааҕа – уруккута уруккутунан. Булкуур кэмҥэ улахан суолталаахха саҥата суох хаалымаары мэлдьи бэлэм: били ыксаллаах күҥҥэ-дьылга саха тылын судаарыстыбаннаһын эрдээхтик турууласпыт сытыы бөрүөлээх уруучукатын кылбаа маҥан лиискэ тирээн олорор!» [Алексеев-Дапсы, 2003, с. 3].

Михаил Спиридонович Воронкин сахалыы хаһыакка сырдаппыт саха тылын билимин ситиһиилэрэ, кыһалҕалара билигин даҕаны суолтатын сүтэрбэттэр, төттөрүтүн, күнтэн күн сытыырхайан, уохтанан-кылыстанан иһэллэр.

Бэлэмнээтэ Егор Николаев,
ГЧИ саха тылын салаатын үлэһитэ.