Олунньу 21 күнүгэр Төрүт тыллар аан дойдутааҕы күннэрэ бэлиэтэнэр. Биһиги Уһук Илиҥҥэ олорор аҕыйах ахсааннаах норуоттар тылларын туругун билээри, төрүт омуктар Ассоциацияларыгар тахса сырыттыбыт. Саба быраҕан, “бу олус ыарахан туруктаах тыллар” диэн билэбит.
Хабаровскай кыраайга
Манна 8 аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох норуот, уопсайа 23 тыһ. киһи олорор. Эбээннэр, эбэҥкилэр, нанаайдар тылларын туһунан син билэр буоллахпытына, негидаллар, нивхтэр, орочтар, удэгелар, ульчалар диэн омуктар тылларын туруга хайдаҕа буолуой? Интэриниэккэ баар биэрэпис дааннайынан киһини үөрдүбэт сыыппаралар тахсаллар.
Ульча ахсаана 2,5 тыһ. киһи. 154 эрэ киһи тылын билэр.
Удэге ахсаана 1325, (Хабаровскайга – 609), уопсайа 103 киһи саҥарар.
Ороч ахсаана 527 (Хабаровскайга – 441), тылын 21 киһи билэр.
Негидал ахсаана 600 (Хабаровскайга – 482), 74 киһи тылын билэр.
Нивхтэр 3842 киһи (Хабаровскайга – 2034), 198 киһи тылын билэр.
Көстөрүн курдук, бу тыллар бары даҕаны сүтэн-симэлийэн эрэллэр.
* * *
Любовь Александровна Одзял, Хабаровскай кыраай Төрүт олохтоох омуктарын ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ, “үлэ тохтоло суох барар” диэн кэпсиир. Ол курдук, “төрүт тыллары үөрэтэр учууталлар таһымнарын үрдэтии куурустара ыытыллар, тылы уонна төрүт култуураны үөрэтэр уонна ыйынньык (справочнай) литэрэтиирэни оҥорууга, таһаарыыга, хос таһаарыыга үлэ барар, кыраайга төрүт тыллар олимпиадалара, “Бастыҥ учуутал” куонкурус ыытыллар, учууталлар Бүтүн Сойуустааҕы төрүт тылларга аналлаах маастар-кылаастарга кытталлар”, – диэн кэпсиирэ отчуоту санатар.
Оттон ол кэннигэр туох ситиһии баарый?
Оскуолаҕа
Барыта 10 муниципальнай оройуоҥҥа 28 оскуола баар, онно 1671 оҕо төрөөбүт тылын биридимиэт курдук эбэтэр факультативтарга үөрэтэр эбит (ол нанаай, негидал, нивх, удэге, ульча, эбэҥки, эбээн тыллара). “Хабаровскай Үөрэҕин министиэристибэтэ педагогическай каадыры, мэтэдьиичэскэй кэмпилиэги бэлэмнииргэ былааннаах үлэни ыытар” диир. Оттон Ассоциация оскуола оҕолоро тыл күнүгэр анаан ыытар тэрээһиннэригэр кыттар, педагогтар онлайн-сэминээрдэрин кыттааччыларыгар айан төлөбүрүн оҥорон көмөлөһөр эбит.
Арай, ФГОС киирэн, төрүт тыллар учуобунньуктарын оҥорууга ыарахан түгэн баарын эттэ. “Бүгүн нанаай тылын 5–9 кыл. үөрэтиигэ 10 саҥа үөрэтэр босуобуйа илиинэн суруллан бэлэмнэммит, итэҕэстэрэ көрүллэ сылдьар, онтон мэтэдьиичэскэй эспэртиисэ барыаҕа” диэтэ.
Смартфон-сыһыарыылар
Баҕар, электроннай технологиялар көмө буолуохтара диэн, смартфон сыһыарыылары оҥорбуттар: “Орочида” диэн ороч тылын электроннай тылдьытын, “Негида” негидал тылын тылдьытын, “Хэсэку” диэн нанаай тылын тылдьытын, “Удиэ” диэн удэгэ тылын электроннай тылдьытын уонна кэпсэтинньигин. Ити сыһыарыылары Хабаровскай кыраай Аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктарын ассоциациятын көҕүлээһининэн, “Полиметалл” АУо үбүлээн оҥорторбут.
* * *
Л.А. Одзял, били, биһиги суруйбут В.Харитонов диэн учуутал уолбутун хайгыыр. “Электроннай сыһыарыыны оҥорууга үлэлэспитэ, кини мэтиэдьикэтинэн тылы үөрэтэр оҕолор саҥаран бараллар, улахан ситиһиилэри көрдөрөллөр”, – диир. “Сыл аайы төрөөбүт тылынан саҥарааччы аҕыйаан иһэрин үрдүнэн, оҕолор төрөөбүт тылларын оскуолаҕа үөрэтэллэр, онон төрүт тыллары сөргүтэргэ эрэл баар”, – диэн эрэх-турах санаалаах. Хомойуох иһин, В.Харитонов тылы сөргүтүүгэ үлэни итэҕэс диэбитэ, “туһата суоҕа, көрүнньүгэ элбэх” диэн санаалааҕа...
Кинигэни таһаарыы
Ассоциация салайааччыта Л.Одзял итини таһынан бэйэтэ төрүт олохтоох омуктар кинигэлэрин таһаарыынан дьарыктанар үһү. Кини тахсыахтаах литэрэтиирэ испииһэгин оҥорор, таһаарааччылары кытта кэпсэтиини ыытар эбит. Иван Бельды диэн элбэх таһаарыы ааптара уонна эрэдээктэрэ үлэлэһэр. 2023 с. ыам ыйыгар Хабаровскай кыраай Төрүт норуоттарын ассоциацията кинигэ VII дьаарбаҥкатыгар кыттыбыт, кинигэлэрин сүрэхтээбит. 2020–2023 сс. Ассоциация нанаай ааптардарын 14 кинигэтин таһаарбыт. Ахсаанын, атыыга төһө барарын, кимнээх ааҕалларын эҥин ыйыппатым. Бу кинигэлэр “Полиметалл” уонна “Русская медная компания” АУолар үбүлээннэр тахсыбыт. Хабаровскай кыраай Ассоциацията кинилэри кытта бииргэ үлэлэһэр туһунан сөбүлэҥнээх эбит. Истиэххэ үчүгэй. Атыҥҥа көмөлөһөллөрө дуу? Онон хабаровскайдар син тугу эрэ үлэлииллэр эбит да, биһиги далааһыммытыгар ситэтэ суоҕа өтө көстө сылдьар. Аҕыйах аата аҕыйах, күүс-кыах кэмчитэ буолуо.
Магадааҥҥа
Магадаан уобалаһын Аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын Лилия Семёновна Щербакова салайар. Кини бэйэтэ омугунан эбээн, кэргэнэ коряк эбит. Лилия Семёновна, кыраайы үөрэтэр түмэл дириэктэрэ, Ольскай оройуон киинигэр, Ола диэн бөһүөлэккэ олорор.
Магадаан уобалаһыгар эмиэ араас омук, олор истэригэр коряктар – 900, камчадааллар – 280, ительменнэр – 613, чукчалар – 285, чуваннар – 57, эбээннэр – 2635, дьүкээгирдэр – 71, о.д.а. олороллор.
Манна тыллар туһунан сокуон ылыллыбыта да, ол үлэлээбэт эбит. Камчадааллар уонна ительменнэр тылларынан биир да киһи саҥарбат буолбут. Коряк уонна эбээн тыллара арыый амалар, олорор сирдэригэр оскуолаҕа төрөөбүт тылы 2 чаас курдук үөрэтэллэр эрээри, ол олох итэҕэс, ким да саҥарбат. Онно эбии учууталлар кэбиниэттэрэ суох, биир кэбиниэккэ эбээн уонна коряк тыла ыаллаһаллар диир.
Учуутал тиийбэт буолан иһэр, саҥа каадыры бэлэмнииргэ үлэ барбат, ол тылы үөрэтиигэ, сөргүтүүгэ кыһалҕа буолбут. Биир кыыс оскуола кэнниттэн Герцеҥҥэ тус сыаллаах үөрэнэ барбыта да, устуоруйа учууталыгар үһү. “Урут учууталлары Магадааннааҕы пединститут бэлэмниирэ, билигин преподавателлэрбит суох буоллулар. Онон учууталлары эһиэхэ, Дьокуускайга, ыытан үөрэттэриэхпитин баҕарабыт”, – диир. Ити эбээн тылын этэр.
Уопсай үлэ, араас тэрээһин ыытылларын туһунан кэпсиир. Ыччат пуорума, этнодиктант эҥин диэн ыытыллар эбит. Бэл, мультиктарга ылсыбыттар эбэтэр ылсаары сылдьаллар дуу үһү. Оҕолор коряктыы ыллыыллар эҥин эбит, учууталлар таһымнарын үрдэтэр институт кафедрата эмиэ үлэ ыытар эбит. Дьэ, ол эрээри тыыннаах тылы билэр, илдьэ сылдьыбыт кырдьаҕастара утуу-субуу баран эрэллэр үһү. Оттон эдэрдэр ийэ тылларын билбэттэр...
Ола бөһүөлэгэ 5 тыһ. кэриҥэ нэһилиэнньэлээх, оройуон киинэ, манна таба иитиитэ, балыктааһын, булт, сир аһын хомуйуу дьарыктаах коряктар уонна эбээннэр олороллор. “Ол эрээри төрөөбүт тылбытын туттубат буолан иһэбит” диэн этэр. “Коряк уонна эбээн тыла олох атын атыттар. Коряктар син биир чукчалар курдук, палеоазиаттар, муора кытылынан олорбуттар. Оттон эбээннэр – тоҥус-маньчжур омуктара – хойут кэлбиттэр”, – диир. “Ола” эбээннии аат эрээри, дьиҥнээҕэ коряктар олохторо эбит. Онон ити икки тыл син туруктаах курдук эбит. Коряктар уонна эбээннэр тыллара. “Айылҕабыт, муора хомото олус кэрэ, балыкпыт минньигэс, биһиэхэ ыалдьыттыы кэлээриҥ” диэн ыҥыра хаалла Лилия Щербакова.
Чукча автономнай уокуругар
Чукча тылын учуонайа, актыбыыһа Виктория Викторовна Голбцева Камчатка кыраайыгар, Чукотка автономнай уокуругар, Анаадырга, олорор. “Бэйэм Уэлеҥҥа төрөөбүтүм, бу – устуоруйаҕа биллэр аат”, – диэн кэпсиир. Уокурукка 12 тыһ. чукча олорор. “Онтон аҥаарыттан быдан аҕыйах киһи тылын билэр, оннук чинчийиилэри өссө ыыта иликпит” диир. Үксэ аҕа саастаах дьон, муора булчуттара, китобойдар, табаһыттар, тыл учууталлара билэллэр үһү.
Кинини “чукча тылын харааннааһыҥҥа, сөргүтүүгэ, тарҕатыыга киэҥ далааһыннаах үлэни ыыта сылдьар эбит” диэн кэпсээниттэн-ипсээниттэн итэҕэйэҕин. “Төрөөбүт тыл” (“Чычеткин Вэтгав”) диэн уопсастыбаннай тэрилтэлээхтэр, ол салайааччыта эбит. Түмсүү тэриллибитэ быйыл 30 сылын туолар, онон үбүлүөйдээх сыл чэрчитинэн киэҥ-куоҥ бырагыраамалаахтар.
Камчаткаҕа төрүт тыллары (эбээн, чукча уонна эскимос) көмүскүүр сокуону 2017 с. ылыммыттар. Сокуоҥҥа олоҕуран, судаарыстыбаннай бырагыраама баар, ол хос бырагыраамалардаах, ол үбүлэнэр, ол аата, “сокуон үлэлиир” диэн. Тыл тэрээһинэ барыта судаарыстыбаннай бүддьүөттэн үбүлэнэр. Ону таһынан тылга үлэлэһэр уопсастыбаннай түмсүүлэр күбүрүнээтэр аппараатыгар баар кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэргэ оҥоһуллар көмө пуондатыттан эмиэ үбүлэнэллэр. Холобур, барыта 4 оннук тэрилтэ баарыгар 6 мөл. грант көрүллэр, ону үллэстэн, үлэлииллэр үһү.
“Судаарыстыбаннай үөрэх атын да тэрилтэлэри кытта сөбүлэҥҥэ олоҕуран ыытыллар” диир Виктория Викторовна. Күбүрэнээтэр аппараатын кытта ыкса сибээстээхпит, биһигини өйүүллэр диэн астынар.
“Чукча тылынан хаһыат тахсар дуу?” диэн ыйыппыкка, нууччалыы тахсар “Крайний Север” уонна Билибиноҕа тахсар “Золотая Чукотка” диэн хаһыаттарга сыһыарыы курдук тахсар диэтэ. Ахсаанын ыйыппакка хааллым. Тыйаатыр суох үһү, арай “Эргырон” диэн 1968 с. тэриллибит ансаамбыллара билигин даҕаны баар, национальнай тиэмэҕэ үлэлиир эбит. Араадьыйаҕа уонна тэлэбиидэнньэҕэ биэрии баар үһү. Сэбиэскэй кэм саҕана чукча литэрэтиирэтэ муҥутуурдук сайда сылдьыбыта. Кырдьык, бэл, биһиги Юрий Рытхэу айымньыларын ааҕар этибит. “Билигин, хомойуох иһин, саҥа суруйааччылар суохтар, тыл үөрэхтээхтэрэ, этнографтар суохтар, ити ситим быстан хаалбыта биһиги улахан сүтүкпүт, буруйбут даҕаны” диир.
* * *
Оскуолаҕа тылларын факультатив эрэ курдук үөрэтэллэр эбит. “Тоҕо оннугуй?” диэбиккэ, “хойутаан, бырагыраама, былаан, учуобунньук туһунан санаабатахпыт, хамсамматахпыт. ФГОС киирэн, ирдэбил туран, онтубут олох аһаҕас буолан биэрдэ. Үлэлэһэ сылдьабыт, сотору ситэрэн, федеральнай эспэртиисэни ааһыахпыт, оччоҕо оскуолаҕа үөрэтэр кыахтаныахпыт” диир. Оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго, ыччаттарга чукча тылын босхо үөрэтэллэр эбит. Бэйэтэ этэринэн, ити хамсааһын барыта олус туһалыыр, элбэх киһи төрүт тылын интэриэһиргиир буолбут. Үчүгэйэ диэн, аныгылыы ньыманан, социальнай ситимнэри туһаналлар, телеграм-каналлаахтар, порталлаахтар эбит, ханна эмэ былаһаакка көһүннэ да, барытыгар кыттыһан иһэллэр үһү.
“Тылдьыттары, кэпсэтинньиктэри оҥоробут, олору таһаардыбыт да, араас дойдуга, тыл институттарыгар, үөрэх тэрилтэлэригэр тута ыыта олоробут, тылбытын тарҕатан, элбэх киһини тардаары”, –диэн кэпсиир. Дьоппуон Токусу Курэбито, француз Шарль Венстен чукча тылын үөрэтэллэрин, кинилэргэ көмө буолалларын махтанар. “Кими баҕарар, омугуттан тутулуга суох, чукча тылын үөрэтэргэ, сөргүтүүгэ кыттыһарга ыҥырабыт” диир. Чукчалар олорор бөһүөлэктэринэн кэрийэ сылдьан, “полевой” чинчийии ыытыахпыт, диэн былаанын кэпсиир. “Литэрэтиирэ тылын”, “кэпсэтии тылын”, “хаһыат тылын” – барытын туспа ырытар былааннаахпыт.
* * *
Быһата, чукчаларга былаан-соргу элбэх эбит. “Сахалыы хаһыакка болҕомто ууран таһааран эрэҕит” диэн, Виктория Викторовна ис-иһиттэн үөрдэ, махтанна. “Өссө чукча ырыатын Москубатааҕы оҕолор хуордара көҥүллэтэн ылан, ыллыы сылдьар! Бу биһиэхэ дьиҥнээх инникигэ киэҥ хардыы!” диэн үөрүүтүн үллэстэр. Дьэ, онон сороҕор тыл сүтэрэ эбэтэр тыыннаах хаалара дьонтон эмиэ тутулуктаах. Маннык күүстээх үлэни ыытар буоллахха, тыл дьылҕата туруктаах буолара саарбахтаммат.