2024 – 2025 сс. үөрэх дьылыгар Саха сирин үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар биэс тыһыынча кэриҥэ босхо үөрэх (бүддьүөт) миэстэтин арыйыахтара. Ол иһигэр М.К. Аммосов аат. Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университетка 4 136 миэстэни. Федеральнай тус сыаллаах (целевой) бырагырааманан хас миэстэ бэриллэрэ өссө да биллэр. Ол туһунан кэлин РФ Үөрэххэ министиэристибэтэ биллэриэхтээх. Бу туһунан Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба пресс-сулууспата суруйар.
Биллэрин курдук, быйыл ааспыт сыллааҕар үрдүк үөрэх кыһаларыгар 6%-нан элбэх тус сыаллаах миэстэ тахсыахтаах. Ол туһунан дойду бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин вице-премьердэри кытта мунньаҕар иһитиннэрбитэ. Онно этиллибитинэн, быйыл 900 араас хайысхаҕа тус сыаллаах үөрэх квотата бигэргэммит.
Мэдиссиинэ идэлэригэр көрүллэр бүддьүөт миэстэтин үгүс өттө тус сыаллаах бэлэмнээһиҥҥэ бэриллиэхтээх. Холобур, “Лечебное дело” уонна “Педиатрия” салааларга тус сыаллаах миэстэ 76% буолуоҕа, оттон “дефициттээх” дэнэр идэ ординатураларыгар инньэ 100% бириэхтэрэ. Ол иһигэр “Акушерство и гинекология”, “Неанатология”, “Онкология”, “Офтальмология”, “Хирургия”, “Скорая медицинская помощь” хайысхаларга.
Итини таһынан, тус сыаллаах элбэх квота авиация уонна аракыата мотуордарын бырайыактааһын, тимир суолу үлэлэтии, буойас айанын хааччыйыы хайысхаларыгар бэриллибит. Онно тус сыаллаах бүддьүөт миэстэтэ 70% буолуохтаах. Бакалавриат миэстэтин аҥаара эмиэ тус сыаллаах бырагыраамалаахтарга ананыахтаах. Ол иһигэр: “Социальная-культурная деятельность”, “Библиотечно-информационная деятельность”, “Режессура театрализованных представлений и праздников”, “Кораблестроение, океанотехника и системотехника объектов морской инфраструктуры” идэлэргэ.
М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университетка 2024 – 2025 сс. үөрэх дьылыгар барыта 4 136 бүддьүөт миэстэтэ тыырыллыаҕа. Ол иһигэр 3 052 миэстэ – бакалавриатка уонна специалитетка.
Арктикатааҕы судаарыстыбаннай арготехнологическай университетка (АГАТУ) быйыл орто уонна үрдүк анал үөрэххэ 754 бүддьүөт миэстэтэ тахсыахтаах. 669 бакалавр, исписэлиис уонна магистратура миэстэтиттэн 118 миэстэ тус сыаллаах үөрэххэ бэриллиэхтээх.
Култуура уонна ускуустуба Арктикатааҕы судаарыстыбаннай институтугар (АГИКИ) быйыл 140 бүддьүөт миэстэтэ тыырыллар. Онно өрөспүүбүлүкэ тус сыаллаах бэлэмниир бырагырааматыгар 47 миэстэ көрүллүөҕэ.
АГИКИ ректора Саргылаана Игнатьева этэринэн, үгэс курдук, маннык идэлэр ордук күрэстэһиилээх буолаллар: “Дизайн”, “Декоративно-прикладное искусство и народные промыслы”, “Живопись”, “Графика”, “Актерское искусство”, “Народная художественная культура”, “Библиотечно-информационная деятельность”. Ону таһынан, ИТ-технологияны кытта ситимнээх үлэлэргэ куонкурустаһааччы эмиэ элбэх буолар.
Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр оҕолоругар, эмиэ былырыыҥҥы курдук, Саха сирин уонна атын эрэгийиэннэр үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар анал квотанан миэстэлэр бэриллиэхтэрэ. СӨ Үөрэххэ уонна билимҥэ миниистирин солбуйааччы Михаил Присяжнай үрдүк үөрэх кыһатыгар туттарсааччылары идэлэрин эрдэттэн таларга сүбэлиир.
Санатар эбит буоллахха, Саха сиригэр быйылгы үөрэх дьылын түмүгүнэн, Судаарыстыба кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) 7 630 үөрэнээччи тутараары сылдьар. Онтон 176 оҕото – доруобуйатыгар хааччахтаах. Үөрэнээччилэр-выпускниктар эксээмэн туттарарга саамай талар биридимиэттэрин ортотугар “обществознание” биридимиэтэ баар.