Муус устар 2 күнүгэр былаас уонна билим бэрэстэбиитэллэрэ, төрөппүттэр уонна педагогтар түмсүүлэрэ «Якутия - оплот эколого-духовного созидания биосферной колыбели жизни на земле» диэн ааттаах өрөспүүбүлүкэтээҕи пуорумҥа муһуннулар. Тэрээһин сүрүн чааһа Өктөмҥө Бастакы Бэрэсидьиэн Михаил Николаев архыып-бибилэтиэкэтигэр «Николаев киинигэр» буолан ааста.
Манна «Лиичинэс эколого-духуобунай үүнүүтүн кэнсиэпсийэтин киллэрии нуорма-быраап өттүнэн олуктара» сиэксийэҕэ экодухуобунаһы Арассыыйа духуобунай сайдыытын национальнай идиэйэтин быһыытынан уонна кэнсиэпсийэни олоххо киллэрии хаартатын хайдах оҥорор туһунан кэпсэттилэр.
Атомнай бырамыысылыннас уонна ССРС өҥнөөх металлургиятын бэтэрээнэ, тэхиниичэскэй билим хандьыдаата, Саха сирин духуобунаһын ахадьыамыйатын бочуоттаах хандьыдаата Иоган Максимов Сирдээҕи олох биосфернай биһигин эколого-духуобунай тутуутун кэнсиэпсийэтин билиһиннэрдэ. Учуонай этэринэн, биһиги потребительскай уопсастыбаҕа олорорбут тулалыыр эйгэҕэ балысханнык дьайар. Онон, кини киһи аймах алдьатыылаах быһыытын-майгытын уларытарга, саҥа көлүөнэ дьону иитэн таһаарарга ыҥырар.
Бүгүн, муус устар 3 күнүгэр, парламеҥҥа үүнэр көлүөнэни духуобунас, сиэр-майгы, экология өттүнэн иитиини тупсарыыга этиилэри ылыныахтара.
Сонун төрдө: CӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата
Хаартыска: Владислав Велигура