Киир

Киир

Дьокуускайга “Аҕам, ийэм уонна мин – спортивнай дьиэ кэргэн” үгэскэ кубулуйбут сылын аайы ыытыллар дьиэ кэргэн күрэҕэ ыытылынна. Күрэҕи “Уу-чуку-чук” уһуйаан (сал. М.А. Александрова) уонна “Дети Якутии” өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай тэрилтэ иилээн-саҕалаан ыыттылар. Тэрээһин сүрдээх өрө көтөҕүлүүлээхтик успуорт, чөл олох, дьиэ кэргэн бырааһынньыгын сиэринэн ааста.

Тэрээһин арыллыытыгар “Дети Якутии” салайааччыта В.Ж. Старцева уонна уһуйаан сэбиэдиссэйэ И.М.Жарина эҕэрдэлээтилэр. Кырачааннарбыт, уһуйаан иитиллээччилэрэ К.Ю.Лаптева салайааччылаах “Мичээр” бөлөҕө  норуот ырыаларыттан быһа тардыы ырыалары, сахалыы муусука үнүстүрүмүөнүгэр доҕуһуоллатан оонньоон ыллаабыттара мустубут дьон болҕомтотун тарта, сүргэлэрин көтөхтө.

image 23 01 23 08 39 5

Спортсменнары Саха сирин үтүөлээх тириэньэрэ, тустууга успуорт маастара П.И.Бурцев салайан киллэртээтэ. Барыта 7 хамаанда кэлэн, үөрэ-көтө кытыннылар. Хамаандалар бары бэйэ-бэйэлэриттэн уратыларын “Визитка” түһүмэҕэр көрдөрдүлэр. Күрэх 7 араас түһүмэхтэн  турда. Ол курдук, сахабыт сирин спортсменнарын төһө билэллэрин туоһулуур спортивнай викторинаҕа, күрэхтэһээччилэрбит сүрдээх сөптөөх эппиэттэри биэрэн соһуттулар. Кыракый спортсменнарбыт таабырын таайаннар, хамаандаларыгар эбии баал биэрэннэр үөрүүлэрэ үксээтэ. Күрэҕи спортивнай үҥкүүнэн “Эрэлчээн” бөлөх иитиллээччитэ Мичийэ Максимова киэргэттэ (“Тэлээрис” спортивнай куруһуок сал. Н.И.Жендринская).

image 23 01 23 08 39 7

image 23 01 23 08 39 4 1

Бырааһынньыгы иилээн-саҕалаан ыыппыт, уһуйаан психолога  Р.А.Васильева дьиэ кэргэттэр икки ардыгар араас ооньуулары, викториналары ыытан бириэмэлэрин көрдөөхтүк атаардылар. Эстрада чаҕылхай сулуһа, уһуйааммыт төрөппүтэ Киджа ыллаан-туойан, успуорт бырааһынньыгын  өссө үрдүк таһымҥа таһаарда, мустубут дьону сэргэхситтэ.

image 23 01 23 08 39 6

Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлинэн уһуйаан төрөппүтэ, 1-кы №-дээх спортивнай оскуола мэтэдьииһэ Г.Г. Назаров үлэлээтэ. Хамаандалар бары даҕаны сүрдээҕин бэлэмнэммиттэрэ көстөр. Улахан тыҥааһыннаах, эт-сиин, өй-санаа илистиилээх киирсии түмүгүнэн 1-кы бочуоттаах миэстэни “Тик-Так” оҕо сайдар кииниттэн “Бодрячки” хамаанда ылары ситистэ. 2-с миэстэҕэ “Белоснежка” уһуйаантан Сивцевтар дьиэ кэргэттэрэ,  3-с миэстэҕэ эмиэ “Белоснежка” уһуйаантан “Счастливая семья” хамаанда ылан үөрдүлэр-көттүлэр. Маны тэҥэ кыттыбыт хамаандалар бары анал аакка тигистилэр.

image 23 01 23 08 39 2

image 23 01 23 08 39 3 1 1

image 23 01 23 08 39

Кыайыы, үөрүү-көтүү бырааһыннньыгар “Уу-чуку-чук” уһуйаан бары үлэһиттэрэ  көхтөөхтүк кыттан, биир сомоҕо үлэлииллэрин көрдөрдүлэр. Онон кыттыыны ылбыт уһуйаан бары үлэһиттэригэр, төрөппүттэригэр барҕа махталбытын тиэрдэбит.                                                                                                                                                                                                                                           

Анастасия Тумусова, уһуйаан иитээччитэ.

 

Бүтэһик сонуннар