Бүгүн, от ыйын 20 күнүгэр, Аан дойдутааҕы саахымат күнүгэр, Ленин болуоссатыгар саахымат марафона саҕаланна.
Саахымат күрэҕэ сарсыарда 10-тан киэһэ 18:00 чааска диэри буолуоҕа. Оонньуон баҕалаахтар хаска баҕар кэлиэхтэрин сөп, эрдэттэн бэлиэтэнэр наадата суох. Күрэхтэһии 10 дуоскаҕа "тута көтөн" иһэр баартыйа бэрээдэгинэн ыытыллар. Ким элбэх очукуолаах, ол кыайыылааҕынан тахсыаҕа.
Фото Андрей ШИЛОВ
Источник: сетевое издание Yakutia24/Якутия24